Алтынньы 6 күнүгэр Таатта улууһун Тыараһа нэһилиэгэр А. Е. Кулаковскай- Өксөкүлээх Өлөксөй төрөөбүтэ 145 сылыгар, оҕо сааһа ааспыт сиригэр искибиэр арыллыыта буолла.
Манна кини чугас аймахтара, сиэннэрэ Раиса, Рива Реасовналар, Тыараһа Өлөөһөлөрүттэн сыдьааннаах Дьокуускай куорат баһылыга Е.Н.ГРИГОРЬЕВ, улуус баһылыга М.М.СОРОВ, улуус дьокутааттарын салайааччыта В.А.ОХОТИН, нэһилиэктэр баһылыктара, Өлөөһөттөн төрүттээх киэҥ аймахтар уонна бу А.Е.К.пааматынньыгын оҥорбут Николай Дмитриевич, Егор Гаврильевич ОГОНЕРОВТАР күндү ыалдьыттарынан буоллулар.
Пааматынньыкка Алексей Елесеевич кыра эрдэҕинэ эһэтин аттыгар туран кини этиитин, сүбэтин болҕомтолоохтук истэн турара скульптура саҥа технологиятынан үйэлээхтик оҥоһуллубут. Улуу дьоннор пааматынньыктарыгар маннык кыра эрдэхтэринэ оҥоһуллубут скульптура суоҕа буолуо диэн тыл этээччилэр эппиттэрэ.
Таатта улууһун пресс-сулууспата