Алтынньы 4-5 күннэригэр Ханты-Мансийск куоракка Бүтүн Арассыыйатааҕы «Нарядная Россия» быыстапка-дефиле буолан ааста. Манна Саха сириттэн норуот маастара Людмила Жиркова, «Үктэл» айар устуудьуйа маастардара Валентина Порядина, Февронья Порядина и Валентина Романова кытыннылар.
«Югра-Классик» култуура-эргиэн киинигэр дойду 32 регионун: Алтай, Татарстан, Бурятия, Башкортостан уонна Саха өрөспүүбүлүкэлэрин, Оренбург, Псков уонна Тюмень уобаластарын, Югра уонна Ямал, Забайкальскай кыраай уонна Уһук Илин маастардара тоҕуорустулар. Маастардар сатабылларын үс хайысханан көрдөрдүлэр: «Норуодунай дефиле», «Төрүт омук көстүүмүн кэллиэксийэтэ», төрүт көстүүм элэмиэннэрин оҥорууга маастар-кылаас. Кэлбит дьон төрүт үгэһи тутуһан уонна аныгы дьон ирдэбилин учуоттаан тигиллибит таҥастары улаханнык сөҕө-махтайа, кэрэхсии көрдүлэр. Кинилэр маастардарга: «Бэйэ омугун үйэлээх үгэһин харыстыы, сайыннара уонна тарҕата сылдьар дьоҥҥо махтанабыт уонна дириҥ ытыктабылбытын биллэрэбит!» — диэн үтүө тыллары анаатылар.
Быыстапка-дефилены «В.Д. Поленов аатынан Арассыыйа Судаарыстыбаннай норуот айымньытын дьиэтэ», Уокуруктааҕы норуот айымньытын дьиэтэ, «Арассыыйа норуоттарын Ханты-Мансийскай автономиялаах уокурук-Югра ассамблеята» Бүтүн Арассыыйатааҕы уопсастыбаннай тэрилтэ тэрийэн ыыттылар.
Сонун төрдө: «Симэх» киин пресс-сулууспата