Киир

Киир

Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан Норуоттар доҕордоһууларын дьиэтигэр сэтинньи 26 күнүттэн биллиилээх режиссер Бэгзийн Балжинням төрөөбүтэ 80 сылыгар аналлаах Монголия киинэтин күннэрэ буола тураллар. Тэрээһин кэмигэр режиссер биэс киинэтин көрдөрүү киирбит.

Mongolia2

Cэтинньи  26 күнүгэр Балжинням 1984 с. «Кочуем к вам» мелодраматын, сэтинньи 27 күнүгэр 1982 с. «Пять пальцев одной руки» киинэтин көрдөрбүттэр.

 Сэтинньи 28 күнүгэр 12.00 чаастан Өксөкүлээх улахан саалатыгар Монголия ускуустубатын үтүөлээх диэйэтэлэ, тыйаатыр уонна киинэ артыыһа Долгосурэн Дорж уонна Монголия үтүөлээх артыыһа Эрдэнэтогтох  Гуррагчаа кытта көрсүһүү буолуоҕа. Ол кэннэ 12.30 чааска Балжинням 1986 с. «Тень» диэн уус-уран киинэтин көрдөрүөхтэрэ.

Mongolia 1 1

Сэтинньи 29 күнүгэр 15.00 чаастан эмиэ бу уораҕайга режиссер Бэгзийн Балжинням төрөөбүтэ 80 сылыгар аналлаах Төгүрүк остуол буолуоҕа. Онтон  16.30 чааска улахан саалаҕа кини «Пять пальцев одной руки» уус-уран киинэтин көрдөрүөхтэрэ.

Тэрээһин тиһэх, сэтинньи 30 күнүгэр 17.00 чааска режиссер «Тень» киинэтин хатылыахтара. 

Сонун төрдө: CӨ Култуура уонна духуобунай сайдыы министиэристибэтин пресс-киинэ

 

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар