Ахсынньы 1-4 күннэригэр Нижний Новгород куоракка аан бастакытын II Норуоттар икки ардыларынааҕы «Фолк-Звезда» толоруу ускуустубатын бириэмийэтигэр күрэс ыытылынна. Манна Саха сириттэн, Красноярскай кыраайтан, Нижегородскай, Свердловскай, Самарскай уобаластартан, Москубаттан, Индияттан уонна Монголияттан 300 кэриҥэ норуот үҥкүүтүн, ырыатын, муусукатын уонна фольклорун толорооччу кытынна.
Дьүүллүүр сүбэ быһаарыытынан «Фолк-Звезда» бириэмийэ номинаннарынан 14 бастыҥ толорооччу буолла. Бириэмийэ II тура гала-кэнсиэр кэмигэр ютуб-ханаалынан быһа ыытылынна. Саха сирин бөлөхтөрө бу күрэскэ үрдүк ситиһиилэннилэр.
Ол курдук, Гран-При лауреатынан буоллулар: “Ырыанан фольклор” номинацияҕа 13-16 саастаахтарга - Амма улууһун Сулҕаччы с. «Добун» вокальнай квартета (сал. Матвеева Александра Николаевна); “Норуот вокала” номинацияҕа 13-16 саастаахтарга «Чөмчүүнэ» Үөһээ Бүлүү улууһун Үөһээ Бүлүү с. Н.И.Бойлохов аатынан Оҕо ускуустубатын оскуолата (сал. Хобусарова Марианна Владимировна).
«Фолк-Звезда» абсолютнай кыайыылааҕа» ааты араас номинацияларга ыллылар: “Бастыҥ вокальнай кэллэктиип” – СӨ Арктикатааҕы судаарыстыбаннай култуура уонна ускуустуба институтун устудьуоннарын «Долун» фольклорнай ансаамбыла (сал. Егорова Лена Митрофановна); “Бастыҥ вокальнай кэллэктиип” – СӨ Арктикатааҕы судаарыстыбаннай култуура уонна ускуустуба институтун устудьуоннарын «Аар Аартык» норуодунай ансаамбыла (сал. Сидорова Анастасия Марковна); “Бастыҥ солист” – СӨ Арктикатааҕы судаарыстыбаннай култуура уонна ускуустуба институтун устудьуона Оргилбаяр Нямжав (Улан-Батор, Монголия); “Бастыҥ национальнай көстүүм” – Семенова Анна Николаевна (Бүлүү улууһун Балаҕачча сэл.); “Бастыҥ сценаҕа кэтэр көстүүм” – Петрова Раиса Николаевна (Бүлүү улууһун Бөтүҥ сэл.); “Бастыҥ норуот муусукатын толорооччу” – Марианна Хобусарова (Үөһээ Бүлүү).
Кыайыылаахтары эҕэрдэлиибит!
Сонун төрдө: “Cеверная радуга” култуура пуондата