Киир

Киир

Тохсунньу 27 күнүгэр киин бибилэтиэкэҕэ "Сахалыы эйгэни үөскэтии, бэйэни салайыныы" диэн истиҥ сэһэргэһии буолла.

Дьокуускай куорат "Айыы Кыһата" оскуолатын дириэктэри солбуйааччыта Владимир Шиндикиевич Ю бастакынан санаатын үллэһиннэ. Кини, саха омугун эр киһитэ буолан туран, бэйэни салайыныыга туох үлэни ыытарын, туох түмүктэрдээҕин, туох сайдар хайысхалар баалларын мустубут дьоҥҥо кэпсээтэ.  Санаатын күүһүрдүнэр ньымаларыттан баар дьоҥҥо билиһиннэрдэ. Аан дойдуну анаарыытын, саха итэҕэлин туһунан бэйэтин санааларын үллэһиннэ.

Кылгастык Владимир Ю санааларыттан сырдатар эбит буоллахха, "Аан дойдуга сүрүн оруолу эр киһи ылар. Эр киһи Үрдүкү Айыыларын кытта туруору ситимҥэ сылдьар", - диэн этиитин олус сөбүлүү иһиттим. "Дьахтар санаата оронун төбөтүттэн оһоҕун төрдүгэр дылы 40 уларыйар эбит" диир буоллахтарына, эр киһи,  үс  мутугунан үрдүк таһымҥа турар буолан, ырааҕы  көрөрүнэн, дириҥ толкуйунан дьонун-сэргэтин араҥаччылыыр кыаҕа улахан эбит . Айыыларын кытта туруору ситимҥэ сылдьар буолан, биир бигэ санаалаах, биир бигэ тыллаах буоллаҕа. Туруору ситим диэн ол аата - саамай үрдүкү кэрдиискэ таҥара турар эбит. Онтон өбүгэлэр, төрөппүттэр кэлэллэр. Онтон кэргэнэ, оҕолоро. Оттон, холобура,  бастакы миэстэҕэ кэргэнин, онтон оҕолорун, онтон төрөппүттэрин, онтон таҥараны туруорар эбит буоллаҕына - бу аата сытыары ситим диэн ааттанар эбит. Киһи олоҕор тугу эмэ олус баҕарар буоллаҕына, сыал туруорунан онно дьулуһар буоллаҕына, дьайыылары оҥорор буоллаҕына, ол баҕа санаата хайаан да туолар эбит диэн истэн итэҕэйдибит.

Иккис ыалдьытынан СӨ суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, поэтесса Любовь Егоровна Горохова-Сүүмэх  буолла. Үнүр Дьокуускайга "Умсулҕан Хотун түһүлгэтигэр" кинилиин алтыспыт буолан, хайдах эрэ билэр киһибэр тиийэр курдук сананан кэллим. Сүүмэх олус кэрэ сахалыы эйгэҕэ иитиллибит буолан, олоҕу көрүүтэ, анаарыыта олох ураты, кэрэ, дьикти. Клавдия Ильинична Максимова-Сайыына  уһуйааныгар куурустарга сылдьан баран, онтон өйө-санаата тосту уларыйан, олоҕу анааран көрүүтэ дириҥээтэр дириҥээн, ол санааларын барытын сурукка-бичиккэ тиһэн, олус бэрт кинигэлэри күн сирин көрдөрбүт. Дьон итинник санаа үллэстиитигэр, тыыннаах кэпсэтиигэ олус наадыйарын билэн, кэлин бииртэн биир көрсүһүүлэри тэрийэн, хомоҕой хоһоон хонуутугар дуоһуйа күүлэйдэтэн, биллэр-көстөр суруйааччы буолан, уһуйуллан тахсыбыт. "Эр киһи - Таҥара бэлэҕэ" диэн хоһоонун тула сүрдээх элбэх санаа үллэстиитэ буолла. Бары хайдах эрэ итини олус соһуйа иһиттибит. Күлсэн да ыллыбыт, сонньуйбут да харахтар бааллар. Онтон кэпсэтиибит тэнийэн, дириҥээн, хайдах эрэ бары саҥа уһуктубут курдук сананан, күүстээх аҥаардарбыт диэки атын хараҕынан көрөр дьон буола оҕустубут. Санааҕа ыллардыбыт, иһийдибит, ырыттыбыт, үөрдүбүт.

Мустубут дьон бары олус сырдаан, санаабыт сырдыкка, үрдүккэ талаһан, сүргэбит сүрдээҕин көтөҕүллэн, өссө да элбэҕи оҥорор, инникитин күүскэ үлэлэһэр, кыайар-хотор санаа барыбытыгар сүрдээх сылаастык дьайан киирдэ.

Олохтоох дьонтон бэйэлэрин санааларын үллэһиннилэр Николай Дьячковскай, Егор Пермяков-Мындыр Куйаар, Мария Павловна Сивцева, Александра Кириллина,  Светлана Ксенофонтова-Илгэйэ, Надежда Попова-Арылыйа, Наталья Сергеева-Аана Кыыһа, Николай Дьячковскай. Сүүмэх икки хоһоонугар матыып айан, ырыа гынан көтүппүтүн мустубут дьоҥҥо ыллаан иһитиннэрдэ. Эмтээх отторунан дьарыгырар Вероника Маркова бэйэбит дойдубут отторун туһунан олус үчүгэй иһитиннэрии оҥордо. Светлана Ксенофонтова-Илгэйэ 2009 сыллаахха Чурапчыга Клавдия Ильинична Максимова-Сайыына кууруһугар  60 киһи үөрэммитин туһунан кэпсээтэ. Сайыына кырдьыбат кистэлэҥин туһунан аныгыс үөрэххэ иһитиннэрии оҥоруох буолбутун туһунан эппитин, ол этиитэ олоххо киирбитэ дуо диэн ыйытыыны биэрдэ.

"Айыы Кыһата" оскуолаҕа хас биирдии күн Алгыс тылынан этиллэн саҕаланарын Надежда Попова-Арылыйа, психолог уонна сахалыы тыыҥҥа иитэр педагог быһыытынан, олус сэҥээрэн бэлиэтээтэ. Биһиги улууспутугар эмиэ  итини туһаныахха сөп эбит диэн санаатын эттэ. Хас биирдии күн алгыстан саҕаланарын бары да олус биһирии иһиттибит. Хас биирдии оҕо сүрэҕэр ити үтүө үгэс кыра сааһыттан иҥэн, бу оҕо улаатан тахсыытыгар, бэйэтин норуотун ытыктыыр, өбүгэтин үгэстэрин, сиэрин-туомун тутуһар, омугун культуратын үрдүктүк тутар, сахалыы сайаҕас санаалаах оҕо иитиллэн тахсарыгар бигэ эрэнэбит. Арылыйа "Мин аҕам - сирдээҕи таҥарам" диэн Сүүмэх хоһоонун олус иэйиилээхтик аахта. Любовь Горохова Кытаанах нэһилиэгин кийиитэ буоларынан, буолаары турар Кытаанах нэһилиэгин үбүлүөйдээх тэрээһиннэригэр духуобунас өттүнэн кыттыһара олус үчүгэй буолуо эбит диэн кини Любовь Егоровнаҕа этии киллэрдэ. Салгыы Наталья Сергеева-Аана Кыыһа, хас биирдии тэрээһиҥҥэ кэлбит ыҥырыылаах ыалдьыт айымньытын дорҕоонноохтук ааҕар үтүө үгэһин тутуһан, Сүүмэх айылҕа кэрэ көстүүтүн - көмүс күһүнү дьүһүйбүт хоһоонун мустубут дьоҥҥо ааҕан иһитиннэрдэ. Салгыы бэйэтин санаатын үллэһиннэ. Поэзия кэрэ эйгэтин сибиэһэй сонуннарын кэлбит дьоҥҥо иһитиннэрдэ.

Ити курдук, сүрдээх истиҥ, сылаас эйгэлээх кэпсэтиһии буолла. Тохсунньу тоһуттар тымныытын аахсыбакка, туманы туман диэбэккэ, ыраахтан айаннаан кэлэн олус интэриэһинэй түһүлгэни тэрийбит күндү ыалдьыттарбытыгар махтанан туран, салгыы кинилэр өссө айымньылаахтык үлэлииллэригэр, сахалыы эйгэни кэҥэтэллэригэр, кэнчээри ыччаты кэрэҕэ, сырдыкка уһуйа туралларыгар, чэгиэн-чэбдик доруобуйалаах, уйгу-быйаҥ олохтоох дьоллоох-соргулаах буолалларыгар баҕара хааллыбыт.

Наталья Сергеева-Аана Кыыһа,
Чурапчы литэрэтииринэй түмсүүтүн,
өрөспүүбүлүкэтээҕи "Иэйии" КСТ чилиэнэ,
СӨ Үөрэҕириитин туйгуна