Киир

Киир

Бу күннэргэ Иркутскай уобаластааҕы Александр Вампилов аатынан үүнэр көлүөнэ тыйаатырыгар II Норуоттар икки ардыларынааҕы «Байкальский талисман» бэстибээл түмүктэннэ. Манна Арассыыйа араас регионуттан уонна дойду араас судаарыстыбатыттан 17 тыйаатыр кытынна.

image 02 06 23 07 36 4

СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, норуот артыыһа Алексей Павлов салайааччылаах Саха сирин Үүнэр көлүөнэтин тыйаатыра бэстибээл лауреата буолан, өйдөбүнньүк бирииһинэн уонна статуэтканан наҕараадаланна. Тыйаатыр Оҕо көмүскэлин күнүгэр бастакынан Иркутскай эдэр олохтоохторун иннигэр хотугу номоҕунан туруоруллубут «Кэҕэ» испэктээги көрдөрбүтэ. Туруоруу режиссера – СӨ ускуустубатын үтүөлээх диэйэтэлэ Александр Титигиров, туруорааччы-худуоһунньуга – СӨ култууратын туйгуна Егор Аммосов.

image 02 06 23 07 36

Эдэр көрөөччүлэр, испэктээк саҕаланыаҕыттан хоту сир тыйыс айылҕатыгар илэ тиийбит курдук сананан, хотугу омуктар үҥкүүлэрин, сэргэх оонньууларын, таҥастарын-саптарын көрөн, ырыаларын истэн, төрүт үгэстэри билсибиттэр, кэрэхсээбиттэр. Ийэ оруолун толорбут Айыына Слепцова, оҕолор оруолларын толорбут Лиза Далбараева, Татьяна Хомподоева, Евгений Шамаев, Спартак Ларионов номох сүрүн санаатын итэҕэтиилээхтик оонньоон олус үчүгэйдик арыйбыттар. Туруоруу оҕолору олус долгуппут: ийэ кэҕэ буолан көппүтүгэр ооннооҕор ытаһан ылбыттар.

Биһиги Үүнэр көлүөнэ тыйаатырын бу ситиһиитинэн эҕэрдэлиибит уонна ыччаты иитиигэ, төрүт үгэһи тарҕатыыга сыралаах үлэтин иһин махтанабыт!  

Сонун төрдө: СӨ Үүнэр көлүөнэ тыйаатырын пресс-киинэ.