Киир

Киир

Ахсынньы 10 күнүгэр А.Е. Кулаковскай – Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан норуоттар доҕордоһууларын дьиэтигэр, “Ыллаа-туой, тыам сирэ!” бырайыак чэрчитинэн, СӨ норуодунай артыыһа, талааннаах ырыа айааччы Анастасия Николаевна Варламова төрөөбүтэ 75 үбүлүөйдээх сылын түмүктүүр кэнсиэр үрдүк таһымҥа ыытылынна. Бырайыак ааптарынан Любовь Шишигина буолла.

Киэҥ саалаҕа киирээппитин кытары, Эдьиий Настаа тыыннаах куолаһа эт кулгаахха минньигэстик ой дуораана буолан кутулла түспүтэ кэрэтиэн. Ол кэминээҕи норуот уостан түһэрбэт ырыалара күн бүгүҥҥэ диэри хараллан кэлбитэ улуу баай нэһилиэстибэ буоллаҕа.

Кэнсиэри СӨ Ырыа айааччыларын сойууһун уонна Мэҥэ-Хаҥалас улууһун ырыа айааччыларын түмсүүтүн чилиэнэ, СӨ култууратын туйгуна Эдьиий Настаа үөрэнээччитэ, музыкант, мелодист Дмитрий Санников иилээн-саҕалаан, кыайа-тута ыытта. Кини кэнсиэр кэмигэр учууталын туһунан бэрт истиҥ-үтүө тылларынан ахтан-санаан ааста, олоҕун уонна айар үлэтин туһунан сиһилии сырдатта. Ону таһынан хас биирдии ырыа айыллыбыт устуоруйатын, суолтатын олус бэртээхэйдик быһаарда.

IMG 0497

Чаҕылхай киэһэҕэ Дьокуускай куораттан, Мэҥэ-Хаҥалас, Чурапчы уонна Нам улуустарын талааннаах дьоно-сэргэтэ кыттыыны ыллылар. Ол курдук, “Туой хайа-2021” өрөспүүбүлүкэтээҕи ырыа күрэҕин Гран-притын кыайыылааҕа Инна Донская, 2018 сыллаахха Бэдьимэҕэ ыытыллыбыт Эдьиий Настаа төрөөбүтэ 70 сылыгар аналлаах “Төннө туруоҕум алааспар” ырыа күөн күрэһин кылаан кыайыылааҕа, сүдү киһи үөрэнээччитэ Терентий Егоров, Мария Григорьева-Маайа, Рустам Слепцов, Елена Александрова, Ульяна Ефремова, Михаил Санников, Валерий Корякин, Марианна Макарова, Ия Секова, Айыына Харабаева, Сарыал Сивцев бу дьоро киэһэни Эдьиий Настаа ырыаларынан киэргэттилэр.

Маны таһынан эр дьон уонна дьахталлар ансаамбыллара кэнсиэри киэргэттилэр: “Алаас кыргыттара” (сал. Фекла Попова), “Сардаана” дьахталлар ансаамбыллара (сал. Сардаана Осипова), “Сырдык сүүрээн” дьахталлар ансаамбыллара (сал. Валерий Ноев), “Төлөн” эр дьон норуодунай вокальнай ансаамбыла (сал. Елена Александрова) “Дуолан” эр дьон ансаамбыла (сал. Лилия Стручкова) үлэлээтэ. Эдьиий Настааны кытары өр кэмҥэ бииргэ үлэлээбит баянистар Владимир Кузьмин, Степан Васильев уонна Георгий Попов байааҥҥа доҕуһуоллаатылар.

IMG 0530.JPG

Манна Эдьиий Настаа саамай уостан түспэт ырыаларынан “Аҕам алааһа”, “Оҕо сааһым”, “От сыта”, “Ыһыах”, “Амсат эрэ дьэдьэҥҥиттэн”, “Туос тууйастар” уонна истээччи кулгааҕын хаһан даҕаны сүүйбэтэх, ылламматах саҥа ырыаларынан “Ырыаһыкка”, “Киһи”, “Сайын”, “Сэрии тулаайаҕа”, “Бэдьимэ”, “Чыаппара”, “Биһик ырыата” о.д.а. ырыалара ылланнылар. Анастасия Варламова хас биирдии ырыалара саха киһитин кутун-сүрүн таарыйар, дууһаны манньытар, сүрэҕи үөрдэр, сүргэни көтөҕөр.         Саха бөлүһүөк аҥаардаах дьахтара элбэх бэргэн этиилэри суруйан хаалларбыта. Олор эмиэ туһунан суолталаахтар. Холобур, бүгүҥҥү күнтэн сиэттэрэн, “Өскөтүн биир эмит ырыам ыар санааны үрэйэн, дууһаны чэпчэппит буоллаҕына – мин дьоллоохпун” диэн норуокка уос номоҕо буолбут өйдөбүлү хайаан даҕаны бэлиэтээн ааһар тоҕоостоох. Саала иһэ толору көрөөччүлээх уонна хас биирдии ырыаһыттары дохсун ытыс тыаһынан көрүстүлэр. Кэнсиэр бүтүүтэ норуот өрөгөйүн ырыата буолбут “Аҕам алааһа” диэн ырыаны кыттааччылар уонна ыалдьыттар бука бары бииргэ ыллаатыбыт.      Аҕабыт алааһыгар өрүү сүгүрүйэбит, махтанабыт уонна кэлэр кэнэҕэски ыччат ону харыстаан илдьэ сылдьарыгар оннук ытык өйдөбүлү иҥэрэр уонна тиэрдэр соруктаахпыт. Бу барыта норуот тапталын, ытыктабылын ылбыт дьиҥнээх норуот артыыската – Анастасия Варламованы чахчы ис сүрэхтэриттэн сөбүлүүллэрин үтүөтэ. Онон, ырыаһыттар оннук санаанан сиэттэрэн көрөөччүлэргэ туспа ураты энергияны, күннээҕи түбүктэн сынньанар бэлиэ, умнуллубат үтүө түгэни бэлэхтээтилэр. Эҕэрдэ тылы Мэҥэ-Хаҥалас улууһун култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга управлениетын салайааччыта Анна Исакова көрөөччүлэрин уонна истиҥ истээччилэрин ис сүрэҕиттэн төлөннөөх эҕэрдэтин уонна махталын биллэрдэ.

“Сотору кэминэн Анастасия Варламова айар үлэтигэр аналлаах икки кинигэ күн сирин көрүөхтээх. Ол курдук кини ырыанньык кинигэтигэр үлэлэһэ сылдьар Георгий Иванович Попов этиитинэн икки кинигэни таһаарар буоллубут. Бастакы кинигэҕэ ырыанньык, оттон бииригэр Эдьиий Настаа туһунан ахтыы кинигэ күн сиригэр тахсыахтаах. Онон, бу ааһан эрэр 2023 сылга улахан үлэбит түмүгэ буолар” – диэн Анна Исакова үөрүүлээх сонунун кэпсээтэ.

Артем Осипов.

Санааҕын суруй