Покровскайдааҕы «Саргы Түhүлгэтэ» норуот айар үлэтин уонна култууратын киинин ыалдьыттара ураты шоуну көрдүлэр. Муус устар 11 күнүгэр бастыҥ кэллиэксийэлэрин евразиятааҕы, арассыыйатааҕы, өрөспүүбүлүкэтээҕи иис күрэстэрин кыайыылаахтара көрдөрдүлэр.
«Симэх» национальнай киин дириэктэрэ, РФ култууратын үтүөлээх үлэһитэ Яна Игнатьева айар киэһэ кыттыылаахтарыгар махтал суруктары уонна сэртипикээттэри туттарда. Тэрээһиҥҥэ СӨ үтүөлээх артыыһа Саарын, Ирина Протопопова, норуоттар икки ардыларынааҕы бэстибээллэргэ кыттыылаах Иоган Матвеев, норуот артыыһа Дмитрий Артемьев, ыытааччы Герман Степанов кытыннылар.
Төрүт таҥас «Этно-Эрато» үрдүк муода евразиятааҕы күрэһин лауреаттарын, «Үктэл» (сал. Людмила Жиркова) уонна «Сөргүтүү» (сал. Азияна Харлампьева) айар холбоһуктар, иис уустара Ольга Игнатьева, Александры Охлопкова, Виктория Ноговицына, Валерияна Никифорова, Антонина Гермогенова, Наталия Шепелева, Анисия Фадеева кэллиэксийэлэрин көрөөччүлэр олус кэрэхсии көрдүлэр, ытыс тыаһынан атаардылар.
Дефилены уонна саха эстрадатын артыыстарын нүөмэрдэрин таһынан, Хаҥалас улууһун олохтоохторугар норуот маастардарын маастар-кылаастара ыытылыннылар.
Сонун төрдө: "Симэх" норуот ускуустубатын киинэ