Уол Табаҕа быйаҥнаах алааһыттан үүнэн-үөскээн тахсыбыт араас талааннар элбэхтэр. Кинилэртэн биирдэстэрэ - сирдээҕи таптал үйэлээх гимнин норуотугар бэлэхтээбит Анна Николаевна Бурнашева. Тэлгэһэтиттэн, төрөөбүт-үөскээбит ыырыттан тэйбэтэх сүрдээх сэмэй куттаах, ыраас санаалаах киһи Орто дойдуга кыыс оҕо буолан кыптыыйданан төрөөбүтэ быйыл 80 сылын туолла.
Эдьиийдэрин бэлиэ сылынан Амма Болугуругар олорор балтылара Мария, Варвара Константиновалар, олохтоох дьаһалтаҕа өр сылларга специалиһынан, солбуйааччынан үлэлээбит Анна Васильевна Прохорова уонна олохтоох дьаһалта (Ю. Порядин), кулууп (Е. Бурнашева) үлэһиттэрэ тэрийэннэр балаҕан ыйын 28 күнүгэр улуустааҕы ырыа күрэҕэ ыытылынна.
Мэҥэ Хаҥалас тоҕус нэһилиэгиттэн 15 араас саастаах, ырыа куттаах дьон кэлэн кыттыыны ыллылар, Тараҕай нэһилиэгин дьонугар-сэргэтигэр ааспыты ахтыы кэрэ күнүн бэлэхтээтилэр. Куонкурус икки түһүмэҕинэн ыытыллан, гала-концерынан түмүктэннэ. Тыыннаах музыка доҕуһуола көрөөччү сүрэҕин-быарын ортотунан киирдэ. Баяҥҥа Георгий Попов оонньоото, улуустааҕы ветеринарнай станция туруорбут бирииһин хаһаайынынан буолла.
“Кэрэ куолас” ааты Любовь Неустрова (Табаҕа), “Истиҥ иэйиилээх ырыаһыт” - Маргарита Осипова (Чүүйэ), “Ураты көстүү” – Иннокентий Слепцов (Табаҕа), “Ылбаҕай ырыаһыт” –Александр Кухаренко (Табаҕа), “Дьиэрэйэр куолас” – Мария Романова (Хара), “Иһирэх ырыаһыт” – Иван Чичахов (Табаҕа), “Көрөөччү биһирэбилэ” – Ян Чоросов (Аллараа Бэстээх), “Билинии” ырыаны бастакы толорооччу Фекла Андреева анал бирииһин – Дьулустаан Михайлов (Тиэлиги) ыллылар. Анал ааттарга бириистэри Тараҕай нэһилиэгин тэрилтэлэрэ туруордулар: оҕо искусствотын оскуолата, “Кэскил” оҕо уһуйаана, насоснай станция, почта, дьаһалта, балыыһа.
Дипломаннарынан Елена Александрова (Табаҕа), Ньургуяна Прокопьева (Бүтэйдээх), Анатолий Свинобоев (Тумул) ааттанан, ОДьКХ, оскуола, “Якутнацпродукт” Тыа хаһаайыстыбатын потребительскай тэрилтэтиттэн анал бириистэри туттулар.
Үһүс степеннээх лауреат аатын Татьяна Степанова (Хара), иккис степеннээх лауреатынан Варвара Никанорова (2с Наахара) уонна бастакы степеннээх лауреатынан Анатолий Гуляев (Төхтүр) ааттаннылар.
Лауреаттарга Анна Николаевна бииргэ үлэлээбит коллектива, Капитолина, Иван Бурнашевтар ааттарынан култуура киинэ, Тараҕай нэһилиэгин дьаһалтата бириистэри туруордулар.
Ырыа бырааһынньыгын Кылаан кыайыылааҕынан Надежда Захарова (Аллараа Бэстээх) ааттанна уонна Анна Бурнашева балтылара олохтообут бириистэринэн – 50000 солкуобайынан – наҕараадаланна.
СӨ култууратын туйгуна, Майатааҕы оҕо ускуустубатын оскуолатын уһуйааччыта Дмитрий Санников, РФ үөрэҕириитин Бочуоттаах үлэһитэ, СӨ үөрэҕириитин туйгуна, Тараҕай нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо Виктория Уваровская, Ю.А. Гагарин аатынан Култуура уонна аныгы искусство киинин хормейстера, опера ырыаһыта Рустам Слепцов састааптаах дьүүллүүр сүбэ үлэлээтэ.
Олохтоох дьаһалтаҕа өр сылларга үлэлээбит Анна Васильевна Прохороваҕа анал махтал тылларын тиэрдэбит. Төрөөбүт дойдутун - Тараҕай талааннарын - төһө кыалларынан өйөөн-убаан, тэрийэн, дьону-сэргэни көҕүлээн ааттарын ааттата, үтүө дьыалаларын салҕыы сылдьара киһини үөрдэр, сүргэни көтөҕөр.
Анна Бурнашева бииргэ үөрэммит оҕолоро төһө да 80-с хаардарыгар үктэннэллэр, билигин даҕаны көхтөрүн ыһыктыбакка, оскуолатааҕы кэмнэрин курдук ыга тутуһан, өйөһөн-убаһан, куонкуруһу өйөөн анал бириистэри туруоран, көхтөөх кыттыыны ылан, истиҥ ахтыылары оҥорон, эҕэрдэ, махтал, Алгыс бастыҥын эппиттэриттэн киһи олус да астынар, дуоһуйар! Аҕам саастаах дьон күнүнэн итии-истиҥ эҕэрдэни этэн туран үйэҕит уһаатын, үөрүүгүт үксээтин диэн алҕаатахпыт буоллун!
Уол Табаҕаҕа Анна Николаевна “Билинии” ырыатын суруйуон иннинээҕи түүлүгэр көрбүтүн курдук: “Чахчы сырдык сулустуу” күн чаҕылыйан ааста. Ытык Эбэ талааннаах кыыһын аата ааттанарыттан үөрдэ, барыбытын сэмээр алгыы хаалла.