Киир

Киир

Быйыл Ил Дархан Айсен Николаев Ыйааҕынан ыам ыйын 25 күнүгэр Оһуохай күнэ олохтоммута. Мантан сиэттэрэн, СӨ Бырабыыталыстыбатын дьаһалынан Оһуохай салгыы сайдарыгар улахан барыл бигэргэммитэ.

2035 сылга диэри Оһуохайы сайыннарар, харыстыыр, чөлүгэр түһэрэр Кэнсиэпсийэ ылыллыахтаах. Оһуохай этээччилэр Ил Дархан истипиэндьийэтин туппуттара. Мантан да атын араас таһымнаах тэрээһиннэр ыытылыннылар, тэриллэ сылдьаллар.

Ол туһунан "Оһуохай" түмсүү салайааччыта Александр Данилов-Дьулуур Хаан кэпсиир:

- Ытык Оһуохайбыт сайыннаҕына, саха норуотугар түмэр күүһү эптэҕинэ, биһиги эмиэ кэскиллээх, инникилээх буолабыт диэн түмсүү кыттааччылара бигэ санаалаахпыт, өйдөбүллээхпит.

Ол туһугар биһиги улахан дьаныардаах үлэни ыыта сылдьабыт. Холобур, нэдиэлэ ахсын Сунтаар, Ньурба, Үөһээ Бүлүү уонна да атын улуустарга Оһуохай ыытыллар буолла. Сэтинньи 16-17 күннэригэр Бүлүү куоратыгар аатырбыт үҥкүү тылын этээччилэрбит Петров Егор Сидорович, Петров Павел Никифорович, Федорова-Захарова Анна Ивановна сырдык ааттарыгар сүгүрүйэн туран, үбүлүөйдээх сылларыгар анаан Оһуохай күрэҕэ тэриллиэ.

Соторутааҕыта ыыппыт төгүрүк остуолбут түмүгүнэн, биһиги түмсүүбүт биир сүрүн хайысхатынан оҕолору, эдэр ыччаты Оһуохайга үөрэтиигэ хайаан да болҕомто ууруохха диэн ылыммыппыт.

Алтынньы 21 күнүттэн сэтинньи 10 күнүгэр диэри «Оһуохайдаан ойуохха – эһиэкэйдээн тэйиэххэ!» диэн оҕолорго аналлаах өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэс бастакы түһүмэҕэ буолан ааспыта. Барыта Саха сирин араас муннугуттан 300 оҕо кыттыбыта. Иккис түһүмэҕэ ахсынньы 6 күнүгэр ыытыллыа, кыайыылаахтар уу харчынан наҕараадаланыахтара.

Манна даҕатан эттэххэ, Дьокуускайга сэтинньи 17 күнүттэн өрөмүөн үлэтин кэннэ саҥардыллыбыт Арчы Дьиэтигэр өрөбүл ахсын үгэс курдук ыытыллар Оһуохайга ыҥырабыт! Ытык Оһуохайбыт өссө сайыннын, уруйданнын! Дом!

      Дмитрий Оконешников-Сулусхан.

Санааҕын суруй