Киир

Киир

“Үрүччэ” оҕо ырыа-үҥкүү ансаамбыла төрүттэммитэ 35 сылын көрсө

Ахсынньы саҕаланыыта Сахабыт сирин киин куоратыгар Бүлүү улууһун күннэрэ буолуохтара.

Хайа да сири-дойдуну, түбэни аатын ааттатар, суон сурахтыыр үлэһит дьон баар буолаллар. Ол курдук Бүлүүтээҕи “Үрүччэ” оҕо ырыа-үҥкүү образцовай ансаамбыла төрүттэммитэ 35 сылын бэлиэтиир дьоро күммүт үүннэ. Бу коллективы Мария Афанасьевна Тимофеева, педагогическай үлэ бэтэрээнэ, РСФСР үөрэҕириитин туйгуна, Саха сирин үөрэҕириитин үтүөлээх үлэһитэ, “Учууталлар учууталлара” бэлиэ хаһаайката, Бүлүү улууһун бочуоттаах олохтооҕо тэрийбитэ уонна салайбыта.

Кини маҥнай 1988 сыллаахха бэйэтэ үөрэтэр иккис кылааһын оҕолоругар фольклор куруһуогун тэрийбитэ. Оччотооҕу үөрэх миниистирэ Егор Жирков национальнай концепциятын программатыгар сөп түбэһиннэрэн, куруһуок сыыйа ансаамбылга кубулуйбута. Хайа да омук кэлэр кэскилин, кэнчээри ыччаты иитиигэ үйэлэр тухары муспут муудараһын эдэр көлүөнэҕэ тиэрдэр үгэстээх. Ол сиэринэн ансаамбыл программатын оҥорон, сүрүн соруктарын чопчулаан, саха омук төрүт культуратыгар олоҕуран оҕо дьоҕурун, талаанын сайыннарар, кэрэ эйгэтигэр уһуйар сыал-сорук турбута. Мария Афанасьевна оҕолору фольклор бары көрүҥэр: норуот ырыаларыгар, тойукка, оһуокайга, олоҥхоҕо уонна хомуһу тардыыга үөрэтэн саҕалаабыта. Оҕолор эбэлэрин-эһэлэрин ыллаабыт ырыаларын, туойбут тойуктарын, оһуокайы үөрэтэн барбыттара.

Бүлүүтээҕи педучилище преподавателэ Захарова М.И. оҕолорго анаан хоһоон суруйбута уонна оҕо коллективын “Үрүччэ” диэн аатынан сүрэхтээбитэ. Оҕолор эбээлэрэ Бадаева М.С. кэлэн хомуска сыыйа тардыы ньыматынан оонньуурга үөрэппитэ. Бүлүү хомуһун тыаһа уратытын өйдөппүтэ. Эһэлэрэ Каратаев В.О. кэлэн оскуола көрүдүөрүгэр оҕолору төгүрүччү туруоран оһуокайдыырга үөрэппитэ. Кылаас иннигэр олорон олоҥхолоон, олоҥхо дьоруойдарын араастык ыллаан сүргэлэрин көтөхпүтэ. Онон ансаамбылга олук уурбут, алҕаабыт дьонунан Бүлүү талааннаах дьоно Бадаева М.С. уонна Каратаев В.О. буолаллар.

Салгыы оҕолору улуус биир маанылаах хомусчута Евсеева А.П. нэдиэлэҕэ иккитэ кулуупка дьарыктаан барбыта. Сахалыы үҥкүүлэри туруорарга хореограф Николаева С.В. сөбүлэһэн үлэлээбитэ. Мария Афанасьевна куорат “Алгыс” сынньалаҥ киинин дириэктэрин Ылахова Н.И. кэпсэтэн оҕолорун кулуупка сыһыаран, киэҥ сценаҕа дьарыктанар буолбуттара. Манна ансаамбыл оҕолоро таҥастарын-саптарын тиктэргэ, сценаҕа тутта-хапта сылдьыыга сыыйа уһуйуллан барбыттара. Кулууп иһинэн үлэлиир хореограф Протопопова А.Я. оҕолорго бэйэлэрин саастарыгар сөп түбэһэр гына үҥкүүлэри дьүһүйэн үөрэппитэ. Үҥкүү бөлөҕөр оҕо ахсаана элбээн барбыта, куорат атын оскуолаларыттан кытта мустубуттара. Куорат орто 3 №-дээх оскуолатын хореограба Ылахова Л.И. ылсан үлэлээн барбыта, кини сахалыы үҥкүүттэн ураты аныгылыы ыччат уонна омук үҥкүүлэрин айымньылаахтык үөрэтэн барбыта.

Куоракка уонна улууска ыытыллар фестивалларга, конкурстарга элбэхтик кыттыбыттара. Оҕолор, лауреат, дипломант буоланнар сүргэлэрэ көтөҕүллэн, утумнаахтык дьарыктанан барбыттара. Коллективка оскуола начаалынай кылааһыттан саҕалаан үрдүкү кылаас оҕолоро тардыһан, ким туохха дьоҕурдааҕынан кыттыһан барбыттара. Коллектив 70-ча оҕоҕо тиийэ улааппыта. Ансаамбыл репертуарыгар чабырҕах, тойук, оһуокай эрэ буолбакка, билиҥҥи саха мелодистарын ырыалара, олохтоох ааптардар айымньылара киирбиттэрэ.

Баянистар Е.Е. Юдин уонна Д.Е. Гоголев оҕолору баяҥҥа доҕуһуоллаан уһуйан барбыттара. Араас талааннаах, дьоҕурдаах оҕолор кэлэллэрин бэлиэтии көрөн, салайааччы олору сөпкө аттаран кинилэр сайдалларыгар сөптөөх көмөнү оҥорон барбыта. Мария Афанасьевна үлэлиир оскуолатын коллективын, кулууп үлэһиттэрин уонна төрөппүттэри түмэн “Үрүччэ” коллективыгар сыһыаран киэҥ далааһыннаах үлэни ыыппыта.

Ансаамбыл коллектива улаатан, сылдьар ыыра кэҥээн, толорор маастарыстыбата үрдээн барбыта. 1998 сыллаахха олохтоох ааптар Н.Л. Игнатьев-Билгэ “Кэхтэри билбэт Уолан Эрилик” олоҥхо-спектаклын туруорбута. Бу саха норуотун айымньытын чыпчаала буолбут олоҥхону туруорууга “Үрүччэ” коллективын кытта сэргэ көстүүмнэргэ, симэхтэргэ, гримҥэ, бутафорияҕа, реквизиттарга көмөлөһөн, элбэх иистэнээччи, төрөппүттэр, учууталлар уонна спонсордар кыттыыны ылбыттара. Бу айымньы көрөөччүлэр үрдүк биһирэбиллэрин ылбыта.

Коллектив араас таһымнаах күрэхтэһиилэргэ, Саха сиригэр эрэ буолбакка, дойду тас өттүгэр кытта бириистээх миэстэлэргэ тиксибитэ, кыайыы-хотуу үөрүүтүн билбитэ, ситиһии үрдүк чыпчаалларын дабайбыта. Ол онтон оҕолор, төрөппүттэр эрэ буолбакка, Бүлүү барыта киэн туттубута, уруйдаабыта-айхаллаабыта.

Маҥнайгы Президеммит М.Е. Николаев оҕолорго анаан автобус бэлэхтээбитэ. Ол автобуһунан оҕолор Саха сирин элбэх улуустарыгар гастроллаабыттара, Бүлүү ГЭС-кэ, Лена өрүһүнэн Тиксиигэ тиийэ сылдьыбыттара. Киэҥ программалаах кэнсиэринэн Париж куорат Диснейлэнд сценатыгар, Болгарияҕа, Турцияҕа, Грецияҕа уонна Египеккэ саха культуратын билиһиннэрбиттэрэ, лауреат аатын ситиспиттэрэ.

Саха сиригэр “Хотугу сулус”, “Саха Азия оҕолоро” конкурстарга дьоһуннаахтык кыттан кыайыыны эрэ буолбакка, элбэх таланнаах оҕолор коллективтарын кытта билсибиттэрэ, ыкса доҕордоспуттара.

Оҕолор, ити айаннаан, гастроллаан кэлэн баран дакылаат суруйан, улуустааҕы уонна республикатааҕы конференцияларга кыттыбыттара. Ол курдук, Алёна Петрова “Ансаамбыл Саха сирин устун сайыҥҥы айана” диэн үлэтэ бастаан “Океан” лааҕырга путёвканан наҕараадаламмыта. Оҕо тэрилтэтэ тэриллибитэ 70 сылыгар ансаамбыл Өлүөнэ очуостарыгар устар чиэскэ тиксибитэ.

Мария Афанасьевна бэйэтэ, араас таһымнаах улуус, зона, республика конференцияларыгар, педааҕыыларга оҕону кэрэҕэ уһуйар баай опытыттан үллэстэн элбэх дакылаат суруйан кыттан, бириистээх туоһу суруктары туппута. Кини, сынньалаҥ кэмигэр “Түһүлгэ” түмсүү актыыбынай кыттыылааҕа буолан, улуустар ыһыахтарын күрэхтэһиилэригэр бүлүүлүү оһуокай тылын этэн дипломант, лауреат ааттарын ылбыта.

“Үрүччэ” ансаамбыл туһунан хаһыакка элбэх ыстатыйа, альбом, буклет, кинигэ бэчээттэтэн үлэтин уопутун тарҕатан иһэрэ. Бу араас таһымнаах үлэ сөптөөхтүк сыаналанан, “Үрүччэ” ансаамбыл 2007 сыллаахха ахсынньы 27 күнүгэр “Образцовай” диэн үрдүк ааты ылбыта.

Оҕолор “Расцветай, моя Якутия”, “Түһүлгэ - 97”, “Сулусчаан”, “Хотугу сулус”, “Саха сирэ үҥкүүлүүр”, “Олоҥхо дойдутун оҕотобун”, Болгарияҕа “Поёт и танцует Добруша”, Дьокуускайга “Танцует молодость столицы”, норуоттар икки ардыларынааҕы олоҥхону толорооччулар I фестивалларыгар, Болгарияҕа Несебр куоракка “Солнце. Радость. Красота”, Сочи куоракка “В мире танца”, Москваҕа “Восходящая звезда”, Ньурбаҕа “Сверкай алмазами Победа”, Стамбул куоракка “Вакыф” түүр тыллаах омуктар фестивалларыгар кыһыл көмүс мэтээл, Париж куоракка Диснейлэнд сценатыгар “Дьулуруйар Ньургун Боотур” олоҥхонон, Египеккэ Хургада куоракка “Калинка” фестиваль кыайыылаахтара буолбуттара.

Ансаамбыл оҕолоро “Үрүччэ” үбүлүөйдээх сылларын бары мустан бэлиэтиир үгэстээхтэр. Урут сылдьыбыт оҕолор коллектив билиҥҥи састаабын кытта билсэллэр, урукку репертуардарыттан толорон оҕо саастарын санаан ылаллар. Оскуоланы бүтэрэн ханна үлэлии-хамсыы сылдьалларын, туох үөрэхтэммиттэрин, ким ыал буолан, оҕо-уруу тэриммиттэрин билиһиннэрэллэр. Ансаамбылга сылдьан ылбыт билиилэрэ-көрүүлэрэ олохторугар хайдах сабыдыаллаабытын, оҕо саастара биир умнуллубат түгэнэ буолан дууһаларыгар сөҥөн сылдьарын истиҥник санаан-ахтан ааһаллар. Ансаамбылга уһуйуллубут оҕолор норуот хаһаайыстыбатын араас салааларыгар үлэлиир, үөрэх кыһаларыгар үөрэнэ сылдьар эрээри сынньалаҥ кэмнэригэр үҥкүүлэрин-ырыаларын дьарык оҥостоллорун, общественнай үлэҕэ көхтөөхтүк кытталларын астына бэлиэтииллэр.

“Үрүччэ” ансаамбыл тэриллиэҕиттэн Дмитриевтар дьиэ кэргэттэрэ, оҕолуун, төрөппүттэрдиин хомуска оонньоон, үҥкүүлээн, элбэх ситиһиилэрдэммиттэрэ. Кыыстара Лия Дмитриева, Санкт-Петербурдааҕы физкультурнай академияны бүтэрэн, ХИФУ физкультура уонна спорт институтун преподавателэ, иккис кыыс Юлия Дмитриева, Илин Сибиирдээҕи культура институтун бүтэрэн, Бүлүүгэ үҥкүү студиятын салайааччытынан ситиһиилээхтик үлэлии сылдьаллар. Киэн тутта ааттыыбыт Суорун Омоллоон аатынан ГТОиБ хорун артыыс ырыаһытын Галина Гаврильеваны, биллэр эстрада ырыаһытын Альберт Унаровы, төрүт культура уһуйааччытын Маайа Васильеваны, Ирина Данилованы, Саха политехническай лицей хореограбын, Санкт-Петербург консерваториятын выпускниктарын Саша, Вера Петровтары, түөрт уол оҕолоох Ытык Күөл “Культура уонна спорт киинин” бухгалтера Мария Тарабукинаны (Филиппованы), “Дива” үҥкүү оскуолатын преподавателин Лена Буслаеваны, театр КМНС артыыһа Айыына Аламподистованы уонна да атыттары. Элбэх оҕоттон аҕыйаҕы аҕыннахха итинник. Ансаамбыл оҕолоро оскуоланы бүтэрэн М.К. Аммосов аатынан ХИФУ, оскуола, уһуйаан, колледж иитээччилэринэн, министерстволар, баан, балыыһа, театр, кулууп, урбаанньыт уонна тыа хаһаайыстыбатын өрө тутар үлэһит дьон буола үүннүлэр.

urucce3

Оҕолор Мария Афанасьевна сынньалаҥҥа тахсыбытын да кэннэ сибээстэһэ, билсэ-көрсө, өйүү-убуу сылдьыбыттара. Сыбаайбаланар, үөрэхтэрин бүтэрэр, саҥа дьиэ туттан киирэр, оҕолоругар аат биэрэр, үрдүк ааты-суолу ылар дьоро күннэригэр куруук уһуйааччыларын мааны ыалдьыт быһыытынан ыҥырар, үөрүүлэрин үллэстэр үгэстээхтэр.

Билигин “Үрүччэ” ансаамбыл куорат 3 №-дээх орто оскуолатыгар хореограф Туяра Петровна Колесова салалтатынан салгыы үлэлиир. Бу коллектив ансаамбыл урукку үгэстэрин сөргүтэн өссө элбэх оҕону иитиэ-такайыа диэн эрэллээхпит.

Бары билэргит курдук, саха тойуга, оһуокайа, олоҥхото күөмчүлэнэ, көйгөтүллэ сылдьыбыт кэмнэрдээх этэ. 90-с сылларга саха тыла сөргүтүллэн, сайдан барарыгар оһуокай, олоҥхо Аан дойду сүҥкэн баайа буоларыгар харса суох үлэлэспит дьоннортон биирдэстэрэ М.А. Тимофеева буолар. Кини “Үрүччэ” ансаамбылы тэрийэн оҕолорго саха тылын сүмэтин иҥэрэн төрүт культурабыт сайдарыгар биир дьоһун кылаатын киллэрсибитэ. Мария Афанасьевна бэйэтин хоһоонноро, тойук, оһуокай тылларын айбыта араас кинигэлэр хомуурунньуктарыгар киллэриллибитэ. Ыраах Греция арыытыгар, муора биэрэгэр оҕолорун кытта оһуокайдаан эйээрбитин, саха тойугунан грек омуктары сөхтөрбүтүн ансаамбыл оҕолоро бары да киэн тутта истибиттэрэ.

Бу маннык үтүө киһини ахтан-санаан ааһаары, Учууталбыт, Уһуйааччыбыт аатыгар фольклор күрэҕэ ыытыллан, “Сырдыкка, кэрэҕэ тардыһан” диэн А.Е. Кулаковскай аатынан культура киинигэр гала-концертка куорат олохтоохторун, ыалдьыттарын, Бүлүүттэн төрүттээхтэри ахсынньы 4 күнүгэр, 18:30 ч. анаан-минээн ыҥырабыт.

Р. Иванова, РФ орто үөрэҕириитин бочуоттаах үлэһитэ, СӨ үөрэҕириитин туйгуна

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар