Киин куорат килбэйэр киинигэр сахалыы астаах-үөллээх "Махтал" кафеҕа Арассыыйа Ийэлэрин күнүгэр күнүс 2 чааска дьон бөҕө тоҕуоруһа муһунна. Тэйиччиттэн көрдөххө, олус сүргэлэрэ көтөҕүллүбүт, күлбүт-үөрбүт, олохторун орто омурҕанын кыратык аһара түспүт биир көлүөнэ дьон эбиттэр. Кинилэргэ чугаһаан, туохха мустубуттарын билээри, сэһэргэһэргэ сананным.
Арай көрбүтүм, ыраах Сунтаар улууһуттан сылдьар айар куттаах Күн Сиккиэрэ турар эбит. Көрсүбэтэхпит ыраатан, олус истиҥник, сылаастык көрүстүбүт. Бииртэн биир барыта билэр дьонум буолан, үөрүүм өрөгөйдөөтө, сүргэм көтөҕүлүннэ. "Кынат анньыммыт кэриэтэ" сананан, сонно тута кэпсээн-ипсээн оргуйа түстэ.
«Үгүспүт биир көлүөнэ, аҕыйах сыл араа-бараа саастаах дьон буоламмыт, бары биир тылынан тыынар, кэпсэтэр эбиппит. Өйдөөн көрдөххө-иһиттэххэ, манна кэлбит айар дьон кутугар-сүрүгэр сырдыкка, ырааска, кэрэҕэ тардыһар саха омук мэҥэ өйдөбүлэ – ньургуһун сибэкки барахсан силис тардыбыт, үнүгэстэммит, сибэккилэммит эбит. Ол курдук истиҥ, кэрэ, сэргэх, чараас, олох кэрэ бэлэхтэрин курдук, саҥа тыллыбыт сибэкки кэриэтэлэр. Ханнык да сааһырыы, хайа да дьыл кэмэ суох буоллаҕа кинилэргэ. Арай өрүү эдэр саас, күөх саас сүрэххэр, түөскэр илгийэр, тэбэр! Мин хоһоон эйгэтигэр киирбиппин олохпор умнуллубат дьолунан ааҕабын. Хоһоон, кини Сырдык Айар күүс, бэйэтэ бу тулалыыр Кэрэҕэ аһыллар ааныҥ кэриэтэ. Махтанабын»! - диэн бэйэтин кэпсээнин саҕалаата Елена Петровна Антонова-Күн Сиккиэрэ.
"2014 сылтан "Хоһоон хонуута" диэн өрөспүүбүлүкэтээҕи айар куттаахтар мустар түөлбэлэрин, түмсүүлэрин тэрийэн кэллим. Бу кэмнэрбэр 100-нэн хоһоон алыбыгар ылларбыт хоһоонньуттар киирдилэр. Сорохтор бэйэлэрэ туспа суол арынан, улуустарынан, нэһилиэктэринэн, куоратынан түмсүүлэргэ тарҕанан, үлэлии, айа-тута сылдьаллар. "Хоһоон хонуута" биэс сыллаах үбүлүөйбүтүн «Туймаада» муусука тыйаатырыгар ылбыппыт. Онно улуустартан өрөспүүбүлүкэтээҕи айар куттаахтар мустан бэлиэтээбиппит. Биэс сылбытынан 5 кинигэни таһаарбыппыт. Онтон иккитэ – бэлэм ноталаах ырыанньык, иккитэ – хоһоон хомуурунньуга, биирэ – ахтыылар, ситиһиилэр. Быйыл тэриллибиппит 10 сыла. Үлэлиир кэммитигэр элбэх киһим сойуус суруйааччыта буоллулар. Онон мин сэмээр киэн туттабын уонна алҕыыбын, айар үлэлэригэр ситиһиини баҕарабын,"- диэн кэпсиир Мэҥэ Хаҥалас Нуораҕанатыттан төрүттээх үлэ бэтэрээнэ Парасковья Стручкова - Саһарҕа.
"2014 сыллаахха айар куттаах уолаттар Долун, Суор Уола, Сэгэй, Нуурал буоланнар, "Айар Кут" бөлөҕүн тэрийбиттэрэ. 2016 сылтан Муттуххай Бороҥ Саха Сирин хоһооҥҥо холонор доҕотторун мунньан, "Айар Кут" иһинэн суруйааччылары кытта көрсүһүүлэри, тэрээһиннэри тэрийэн ыыппыта. 2018 сылга Индиана Феофанова, Кэнтик Кыыһа, Долун, Суор Уола буоланнар, НКО буоларга ирдэнэр докумуоннарын хомуйан ситэрэн, 2018 сылтан "Региональная общественная организация "Союз поэтов и прозаиков РС (Я) Айар Кут" ("Творец души") буоларбытын ситиспиттэрэ. "Айар Куттан" ситэн-хотон элбэх киһи Саха Сирин Суруйааччыларын сойууһугар киирбиттэрэ, атын да талааннар аһылланнар биһигини үөрэтэллэр. Билигин Данилова Зоя Никандровна-Кэкэрдэ салайааччылаах элбэх тэрээһиннэргэ, кинигэ биһирэмнэригэр кыттан, үлэбит тэтиминэн баран иһэр. Биһиги Суор Уола ийэ дойдутун көмүскүү сылдьарынан киэн туттабыт. Этэҥҥэ эргиллэн кэлэрин күүтэбит," – диэн салгыы сэһэргиир "Айар Кут" регионнааҕы поэттарын уонна прозаиктарын сойууһун чилиэнэ, Үөһээ Бүлүү "Чэчир" хоһоонньуттарын чилиэнэ Тумусова Прасковья Алексеевна-Туску. 2016 сыллаахха кини "Олоҕум ыллыга" кинигэтэ тахсыбыта. Хоһоонньуттар хомуурунньуктарыгар кыттыспыт элбэх кинигэлээх. Дьокуускайга олорор, биэнсийэлээх.
"Элбэх хоһоонньут иэйиитин ырыа гынан көтүтэн, кинилэртэн махтал истиҥ тылларын иҥэринэн айар үлэм аартыга аһыллан, алгыс тылынан арчыланан, кынатым өссө тиириллэн, үрдүккэ, сырдыкка тардыһыым өссө күөртэнэр. Быйылгы 2024 сылга ситиһиим диэн – "Үс кутум дьүрүскэнэ " диэн ырыаларым хомуурунньугун таһаартардым. 30-тан тахса ырыа киирдэ. Ырыаларым бэйэм тылбар уонна атын да ааптардар тылларыгар айылыннылар. Хоһооннорум хоһоон бөлөхтөрүгэр тахсар элбэх хомуурунньукка киирдилэр. Билигин куоракка олороммун айар үлэнэн дьарыктанабын," - диэн сэһэргээтэ Орто Халыма улууһун Ойуһардаах бөһүөлэгин бочуоттаах олохтооҕо, СӨ култууратын туйгуна, СӨ Култууратын ырыа айааччыларын сойууһун чилиэнэ, сыана бэтэрээнэ Люция Бандерова-Айыллаана.
"Мин, Евдокия Ивановна Бандерова – Орто Халыма Ойуһардаах бөһүөлэгиттэн төрүттээхпин. Айар өттүнэн туох да талаан сыстыбатах киһитэбин да, бииргэ төрөөбүт балтыбын Люцияны-Айыллаананы өйөөн, кини ханна сылдьар да, мин онно тэҥҥэ сылдьыһан, талааннаах дьону кытта мэлдьи бииргэ буоларбынан дьоллоохпун дэнэбин. Бэйэм айбатаҕым да иһин, кэпсээни, хоһоону сүрдээхтик сэҥээрэн ааҕабын. Айар дьоҕурдаахтары кытта алтыһарбыттан астынабын, махтанабын. Айар аартыккыт аана арыллан истин, сытыы бөрүөҕүт сыппаабатын!" – диэн кэпсиир Евдокия Бандерова.
"Мин аатым Дайыына Байдам Сииҥкэ кыыһа диэммин, Нам улууһун Бөтүҥ сэлиэнньэтиттэн төрүттээхпин. Кыра эрдэхпиттэн хоһооннору олус сөбүлээн, дорҕоонноохтук ааҕарбын астынабын. 2001 сыллаахтан ситим айар куттаахтар бөлөхтөрүгэр хоһоонньуттар элбэх хоһооннорун иккис тыыннаан көтүппүтүм. Хоһоон ааҕылыннаҕына өссө кэрэтийэн иһиллэр. Ол курдук, аан бастакы хоһоон айааччылар истэннэр: "Хайа, бу мин хоһоонум дуо?" – диэн соһуйаллар этэ уонна онтон салҕаан хоһооннору хоһуйалларын бырахпакка, билигин бары айымньылаахтык үлэлии, айа-тута сылдьаллар. Киһиэхэ күн-күбэй ийэтэ – саамай күндү киһитэ. Онон ийэҕэ анабыл хоһооннору олус долгутуулаахтык ааҕа сатыыбын. Чурапчыттан Аана кыыһа ийэтигэр анаабыт хоһоонун ааҕан баран, сүрдээх да киһи ис кутун таарыйар хоһоон эбит диэн сыаналаабытым. Элбэххэ үөрэтэр, толкуйдатар хоһоон," – диэн үөрэ-көтө кэпсиир Дайыына Байдам.
Өрөспүүбүлүкэҕэ Николай Дьуур аатын билбэт киһи бука аҕыйах буолуо. "Мин Николай Николаевич Нутчин-Софронов - Николай Дьуур диэммин, Өлүөхүмэ ырыаҕа ылламмыт Кыыллаах арыытыттан төрүттээхпин. 2017 сылтан сыстан суруйан эрэбин. Бэйэм технарь этим, онтон СГУ-ну бүтэрэн словесник буолан хааллым. 2024 сыллаахха балтыларым хомуйаннар, сүүрэн-көтөн, успуонсардааннар, биир хоһоон кинигэтэ тахсыбыта. Үлэлии сылдьан суруйбут "Төрүт тылы төлкөлөөн" диэн учууталларга аналлаах кыра пособие кинигэлээхпин. Хомуурунньуктарга баарбын. Түгэнинэн туһанан, Зоя Егоровна Аржаковаҕа махталбын тиэрдэбин. Кини баар буолан, өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэхтэргэ өрүү кыттан, аатым ааттанар. Оҕолорум бары үлэһиттэр, ыаллар," – диэн кэпсээнин түмүктүүр Николай Дьуур.
"Айар үлэбин 2018 сылтан убайым Новиков Петр Иннокентьевич-Дьүкээбил сүбэтинэн саҕалаабытым. 2020 сыллаахха бастакы тэттик оҕолорго аналлаах "Быралыйа Буура бухатыыр уонна Сыммарыттай Дохсун бухатыыр" олоҥхом бэчээттэнэн күн сирин көрбүтэ. Онтон "Хоһооннорум –кынаттарым", "Оҕо саас – сандал саас" диэн хоһооннорум кинигэлэрэ тахсыбыта. Бу 2024 сылга ити олоҥхом салгыыта "Быралыйа Буура бухатыыр сыдьаана Өнүгүйэ Күн Өркөн бухатыыр" туһунан олоҥхо, өҥнөөх ойуулуктарынан оҥоһуллан, бэчээттэнэн таҕыста. Онон 2024 сыл айар үлэбэр улахан ситиһии буолла. Ол курдук, 2019 сылга кэргэним кэриэһигэр анаан суруллубут "Тохтоо, түгэн" хоһоонум, 2023 сыллаахха Николай Протопопов мелодиялаан, толорон, ырыа буолан көппүтэ. Быйыл "Ырыа кынат" ансаамбыл толоруутугар, хит-ырыа буолан тарҕанан, дьон биһирэбилин ылла диэн үөрүүм улахан. Николай Протопоповка, "Ырыа кынат" ансаамбыл салайааччытыгар Дьол Сандаараҕа махталым олус улахан. 20 хоһоонум ырыа буолан көттүлэр. Хас да жаанырга холонобун: ахтыы, кэпсээн, остуоруйа, үгэ, оһуохай, тойук. Онон элбэхтэ үлэлиэххэ, үөрэниэххэ, дьарыктаныахха наада дии саныыбын," – диэн сэһэргиир Абый улууһуттан төрүттээх Анна Степановна Хабарова-Айталы.
"2013 сыллаахха мин бастакы кинигэм "Маршаллаах уола" тахсыбыта. Хоһоону суруйуубун 2015 сылтан, "Хоһоон хонуута" диэн Саһарҕа түмсүүтүгэр киириэхпиттэн, саҕалаабытым. "Мичийээнэ мичилийэн киирдэ,"- диэннэр, Мичийээнэ диэн ааты кинилэр иҥэрбиттэрэ. Билигин, сааһырбыт киһиэхэ бу аатым барсара дуу, суоҕа дуу диэн арыт толкуйдаан ылабын. Бастакы кинигэбэр - "Маршаллаах уола" диэн ахтыыбар суруйааччы Кындыл Маҥан (Аммосов Афанасий) "Симэхтээх сэлэ" диэн ааты иҥэрбитэ киирбитэ. Онон Саһарҕабар уонна барыгытыгар барҕа махтал!" - диэн Мэҥэ Хаҥаластан төрүттээх Санникова Вера Афанасьевна-Мичийээнэ кэпсиир. Кини идэтинэн художник - мастер. Художниктар Международнай Федерацияларын Россиятааҕы Союһун чилиэнэ, СӨ култууратын туйгуна, СӨ норуотун маастара, "Айар кут" суруйааччылар уонна хоһоонньуттар сойуустарын чилиэнэ, үлэ бэтэрээнэ. "Маршал маанылаах уола", "Айар ыллыгым устунан", "Айар кутум оһуордара" диэн кинигэлэрдээх, 2021 сыллаахха "Тепло души и рук" диэн каталогы таһаартарбыта. 20 тахса хоһооно ахтыы хомуурунньугар киирбитэ. 5 хоһоонун мелодистар ырыа гынан көтүппүттэрэ.
"Мин Евсеева Аксинья Афанасьевна-Өксүү диэн ааппын маҥнайгы ситим нөҥүө аһыллыбыт бөлөххө киириэхпиттэн – 2015 сылтан ылыммытым. Төрдүм – ыраах хоту, амарах дьонноох, сайыннары киирбэт күннээх Абый сирэ. ИДьМ пенсионерабын, үлэ ветеранабын. Суруйар дьоҕурум дьиҥэ кыра эрдэхпиттэн баара эрээри, онтукпуттан кыбыстан кистиирим. Өр сылга мэдиссиинэ өттүгэр үлэлээбитим. Хоһооннорум элбэх хомуурунньук кинигэҕэ, хаһыаттарга тахсыбыттара. "Санаа күүһэ" биэриигэ баарбын. Өрөспүүбүлүкэ онлайн ыытыллар күрэхтэригэр кыттан элбэх туоһу сурук, лауреат анал аатын иҥэрии хаһаайкатабын,"- диэн бэйэтин билиһиннэрдэ Аксинья Евсеева-Өксүү.
"Мин, Тупсууна Байды, дьүкээбил оонньуур эгэлгэлээх, киирбэт күн маанылаах хоту дойдуттан Орто Халыматтан сылдьабын. Айылҕам дьэрэкээн кустугун курдук, умсулҕаннаах айар бичикпэр араас хайысхаҕа тэҥинэн ылсан тиһэбин. Билигин санаатахпына, бастакы хоһооҥҥо холонуум, аахпат-суруйбат эрдэхпинэ, ийэм кэпсиир остуоруйаларыттан саҕаламмыт эбит. Олоҕум тухары ол остуоруйалар сирдьит буолбут эбиттэр. 35 сыл таһаарыылаах үлэбин уһуйаан кырачааннарыгар анаабытым. Нууччаттан сахалыы тылбааска холонуум, ытыс саҕа кэпсээннэри, остуоруйалары, хоһооннору оҕолорбор диэн анаан айарым. Барыта үлэ бэрээдэгинэн хаалара. Айар куттаах дьоннуун алтыһыым биир сылтан эрэ орто эрээри, маннык дириҥи, ырааҕы ыраҥалыыр дьону кытта киһи кынаттанар эбит! Быйыл бэйэбэр улахан ситиһиим – "Тобуруокап көмүс күһүнэ" түһүгэлгэҕэ орто баайыы буолуум, Сэмэн, Софрон Даниловтарга аналлаах "Бор көмүс күһүнүгэр" дьоһун, дьоҕус ситиһиим элбэх биир санаалаах доҕоттору бэлэхтээбиттэрэ буолар. Зоя Егоровна Аржакова ыытар өрөспүүбүлүкэ иһинэн онлайн-хоһоон күрэҕэр араас таһымнаах кыайыыларым суруйарбар-айарбар санаа көтөҕөн суоллууллар. "Киин куорат" хаһыакка иккитэ төхтүрүйэн хоһооннорум бэчээттэннилэр. Афанасьев Илья Ильич-Алмаас салайар "Иэйии" бөлөххө киирдим. Ону таһынан, иэйэр-куойар кутум ырыанан-үҥкүүнэн киирэн, быйыл "Күн"үҥкүү, "Кужуур Шөрүлэ" юкагирскай ансаамбылларга сирдээн аҕалла," – диэн сүрдээх сэргэхтик бэйэтин билиһиннэрдэ Мария Бережнова-Тупсууна Байды.
"Биһиги, саҥа тэриллибит Саха Сирин Көҥүл суруйааччыларын Сойууһа, ''Ситим'' тоҕо тэриллибитин, туох сүрүн хайысхалааҕын бу биир идэлээх айар куттаах дьоммутугар тиэрдээри, аһаҕастык кэпсэтээри барыгытын ахсынньы 24 күнүгэр ''Ника'' банкетнай саалатыгар көрсүһүүгэ ыҥырабыт. Куоракка эрэ баар түмсүүлэри буолбакка, бөһүөлэк, нэһилиэк түмсүүлэрин эмиэ ыҥыртыыбыт," – диэн Мэҥэ-Хаҥалас Таратыттан төрүттээх Неустроев Петр Петрович-Айаанньа Уус дьонугар иhитиннэрии оҥордо.
Ити курдук айар куттаах дьон, түмсэн дуоһуйа кэпсэтэн, санаа үллэстэн, инники былааннары торумнаан, күүс-уох, сэниэ бөҕө эбинэн, бары астынан-дуоһуйан тарҕастыбыт. Бу буолар – тыыннаах кэпсэтии диэн, өбүгэбит үтүөкэн үгэһэ. Саха ыалдьытымсах үгэһинии, сахалыы аспытын-үөлбүтүн, арыылаах сылаас саламааппытын астына сиэн, сылаас үүттээх чэйбитин дуоһуйа иһэн, сылаас куттаах "Махтал" үлэһиттэригэр ис сүрэхтэн махтанабыт.
Айар эйгэлээх күндү дьоммутугар өссө киэҥ далааһыннаах айымньылаах үлэни баҕарыаҕыҥ! Сытыы бөрүөҕүт сыппаабатын!
Наталья Сергеева-Аана Кыыhа, Чурапчы литэрэтииринэй түмсүүтүн чилиэнэ, СӨ Үөрэҕириитин туйгуна.