Киир

Киир

“Кытыаста Таас” (“Сияющий камень”) өбүгэ саҕаттан кэлбит төрүт үгэһи уонна аныгы кэм сайдыытын бииргэ дьүөрэлээн, холбуу тутан бар дьоҥҥо култуура бэлиэ түгэнин быһыытынан көрдөрбүт ураты тыыннаах этно-балет буолар. Бу испэктээк саха номохторугар-үһүйээннэригэр уонна ураты айылҕатыгар тирэҕирэн айыллан тахсыбыт, өрөспүүбүлүкэбит биир сүрүн бэлиэтэ буолбут алмаас таас кэрэ көстүүтүн уонна ис кыаҕын, күүһүн-уоҕун туһунан сэһэргиир.

Бырайыак АЛРОСА хампаанньа үбүлээһинин көмөтүнэн олоххо киирбит. Оттон үп-харчы баар буоллаҕына, баһырхай даҕаны идиэйэлэри олоххо киллэриэххэ, ону ситэрэн-толорон, тыйаатырдыы дьүһүйүү оҥорон таһаарыахха сөп. Ол да иһин буоллаҕа, “Кытыаста Таас” ситэн-хотон сыанаҕа тураатын кытта, тыйаатыр кириитиктэрэ да, көрөөччүлэрэ да биһирээтилэр. Бэлиэтээн эттэххэ, биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр эрэ буолбатах.

Либреттоны Опера уонна балет тыйаатырын дириэктэрэ, СӨ култууратын туйгуна Владислав Левочкин суруйбут. Кини биһиэхэ анаан быйыл “Көмүс Мааска” Арассыыйатааҕы Национальнай театральнай бириэмийэ барыллаан сүүмэрдиир куонкуруһун ааспыт бу ураты этно-балет хайдах чочуллан тахсыбытын туһунан кэпсээтэ.

PSK2

Идиэйэттэн өрө көтөҕүллэн

– Тоҕо, туохтан сылтаан “Кытыаста Таас” этно-балеты туруорарга санаммыккыный? Маннык ураты бырайыакка ылсарга туох күүс-көмө буолла?

– Бастаан биһиги өрөспүүбүлүкэ таһыгар эрэгийиэммит, омукпут уратытын көрдөрөр уонна сэһэргиир, көннөрү биир актаах этно-балеты оҥоруохпутун баҕарбыппыт. Онон, аан бастаан Олоҥхо тыйаатырын артыыстарын муусукаҕа доҕуһуолунан, тыйаатырбыт прима-балериналара Ксения Лукина, Венера Федотова уонна Динара Гасанбалаева толорууларыгар үс удаҕан үҥкүүтэ айыллан тахсыбыта. Ити эскииһи тыйаатыр сүрүн балетмейстерэ уонна испэктээх туруорааччы-хореограба Екатерина Тайшинаны кытта дьүүллэһэн, ырытан баран, мин испэктээкпит сүнньэ буолуохтаах номохтору-үһүйээннэри, уус-уран суруйуулары көрдөөн барбытым.

Либретто бастакы барыйааныгар урут дьиҥнээхтии олоро сылдьыбыт үс аҕас-балыс удаҕаннар тустарынан кэпсэнэрэ. Ол гынан баран, ол устуоруйаны саха фольклорун билбэт дьон олус уустуктук ылыныахтара эбэтэр букатын даҕаны өйдүөхтэрэ суоҕа диэммит, бастакы барыйааны тохтоппуппут уонна саха үһүйээннэригэр-номохторугар олоҕуран, бэйэбит саҥа номоҕу суруйан көрөргө санаммыппыт. Тоҕо диэтэххэ, төһө даҕаны алмаас Саха сиригэр ааспыт үйэ ортотугар көһүннэр, саха фольклоругар кини туһунан биир даҕаны тыл ахтыллыбат, туспа номох суох. Онон, оҥорон, уобарастаан көрө-көрө, “маннык буолуон сөп” диэн, айан-тутан барбыппыт.

PSK7

Ити курдук Кытыаста Таас Куо диэн чаҕылыйар таас кыыс уобараһа үөскээн тахсыбытын, Мария Кузьмина олус үчүгэйдик толорбута. Оттон үс удаҕан үрүҥ, кыһыл көмүстэри уонна тимири бэлиэтиир үс дойду – Үөһээ, Орто уонна Аллараа – араҥаччылааччылара буолбуттара. Кинилэр үҥэ-сүктэ көрдөспүт харахтарын уутуттан көрүөхтэн кэрэ дьүһүннээх кыыс оҕо төрүүр уонна Дьылҕа Хаан ыйааҕынан алмаас тааска кубулуйар. Оттон алмаас көмүстээҕэр күндү, үрүҥ көмүстээҕэр ыраас уонна тимирдээҕэр кытаанах.

Биһиги АЛРОСА хампаанньа салалтатыгар, чуолаан генеральнай дириэктэр Павел Алексеевич Маринычевка, бу бырайыагы өйөөбүттэригэр олус махтанабыт. Кинилэр көмөлөспүттэрин түмүгэр, биһиги балеппытын ыҥырыынан кэлбит туруорааччы-худуоһунньуктарбыт толкуйдаабыттарын курдук, испэктээкпитин балет ирдэбиллэриттэн туораабакка, аныгы чаҕылхай ньымаларынан ситэрэн-хоторон, киэргэтэн биэрдибит. Испэктээкпит сценографиятын Михаил Егоров хараҕынан оҥордубут, көстүүмнэри Сардаана Федотова бырайыактаата, видео-контены Николай Ефремов таҥна.

PSK4

Алмаас олох уонна култуура бэлиэтин быһыытынан

– Айымньы сюжетын тутаах түгэннэрин туһунан кэпсээ эрэ.

– Мин толкуйдаабыт айымньым сюжета бүтүннүү алмаас айылҕатын тула эргийэр. Айылҕа сокуонун быһыытынан, алмаас углеродтан үөскүүр. Даҕатан эттэххэ, Сир шарыгар төрүүр-үөскүүр тыынар тыыннаах олоҕо эмиэ углероду кытта быһаччы ситимнээх. Кини органическай холбоһук биир тутаах элэмиэнэ буолар.

Уопсайынан, углерод туох эрэ төрүөтүнэн сүүһүнэн миэтэрэ дириҥнээх сир түгэҕэр киирэр уонна онно мөлүйүөнүнэн, миллиардынан сыллар усталарыгар хам баттанан, ыгыллан сытан алмаас тааска кубулуйар. Айымньыбыт сүрүн дьоруойа Кытыаста Таас Куо ол курдук баттаныытын, ыгыллыытын-тууйуллуутун уонна кууллаттарыытын үҥкүү-хамсаныы – хореография – тылынан Екатерина Тайшина олус үчүгэйдик, этигэнник көрдөрдө. Онон устуоруйабыт тыыннаах, киһи өйүн-сүрэҕин аймыыр буолан таҕыста.

Салгыы углерод ити курдук сир дьапталҕатын анныгар сытан кытааттар-кытаатар, ким даҕаны, туох даҕаны сатаан алдьаппат минералыгар кубулуйар, бөҕө буолар. Оттон кинини сателлиттар, ол аата күндү аҥаардаах алмаас аргыстарын, көмөтүнэн булаллар. Сороҕор кинилэри сир аннынааҕы уулар сир үрдүгэр таһааран быраҕаллар.

Испэктээккэ ити туһунан эмиэ кэпсээтибит. Мин – уобарастар көмөлөрүнэн, композитор Кирилл Герасимов – бу туруорууга анаан суруйбут муусукатынан, Екатерина Тайшина – үҥкүү-хамсаныы тылынан. Үлэбит түмүгүттэн бары даҕаны олус астынныбыт. Ис сүрэхпититтэн кыһаллан оҥорбут айымньыбытын көрөөччүлэр даҕаны, эспиэрдэр даҕаны үчүгэйдик сыаналаабыттарыттан үөрдүбүт.

PSK1

Итини таһынан, бу айымньынан биһиги аныгы Саха сирин биир сүрүн бэлиэтэ буолбут, аан дойдуга аатырбыт алмаас тааһы саха олоҕу көрүүтүн нөҥүө көрдөрөргө дьулуһа сатаатыбыт. Биһиги кэрэ уонна ураты култуурабыт омукпут национальнай уратытын чаҕылхайдык, билиҥҥи кэмҥэ тоҕоостоохтук көрдөрөргө күүс-көмө буолла. Араас харсыылаах, күөнтэһиилээх кэмнэргэ орто сүнньүнү тутутуу халбархай мөккүөрэ урут да баар, кэнэҕэһин да баар буолуо. Ол курдук, испэктээккэ Сарыал Афанасьев уонна Валерий Аргунов сырдык уонна хараҥа күүстэр утарыта турсууларын олус талааннаахтык, маастардыы дьүһүйдүлэр.

Уобараһы арыйар муусука уонна үҥкүү

– Испэктээги туруорар хамаанданы хайдах талбыккыный? Хореограбы уонна композиторы таларгар ордук туохха болҕойбуккунуй?

– Екатерина Тайшина уонна Кирилл Афанасьевич Герасимов тандем курдук бииргэ үлэлээбиттэрэ ыраатта. Бу кинилэр төрдүс кыттыгас үлэлэрэ буолар. Онон, хореограбы уонна композиторы мин талбатаҕым, кинилэр миигин талбыттара диэххэ сөп. Мин суруйар дьоҕурум кинилэргэ туһалаабытыттан үөрэбин эрэ.

Уопсайынан, “испэктээк муусуката олус мелодичнай, кыраһыабай, уобарастары уонна сюжет хаамыытын толору арыйар чаҕылхай буолан таҕыста” диэн анаан бэлиэтиэм этэ. Ханнык баҕарар балет муусуката испэктээх биир сүрүн, тутаах өрүтэ буолар. Тоҕо диэтэххэ, композитор хареограбы кытта хайдах үлэлиириттэн, кини үҥкүү хас биирдии хамсаныытыгар дьүөрэлии, киһи өйүн-сүрэҕин долгутар муусуканы суруйбутуттан дуу, суоҕуттан дьон испэктээги хайдах ылынара быһаччы тутулуктаах. Ити – санаммыт киһи эрэ кыайбат уустук, дьиҥнээх профессионал үлэтэ!

PSK6

Испэктээк туорааччы-режиссерунан Павел Васьковскай үлэлээтэ. Кини тыйаатыр уус-уран салайааччытын быһыытынан, айымньыны сүрэхтиир тэрээһиммит үрдүк таһымнаахтык ааһарын туһугар күүскэ, кыһаллан үлэлээтэ. Премьерэбит үрдүк таһымнаахтык ааһара олус суолталаах этэ. Тоҕо диэтэххэ, испэктээги аан бастаан Астанаҕа уонна Бишкеккэ гостуруол кэмигэр, итиэннэ Дьокуускайга “Стерх” классика балетын бүтүн Арассыыйатааҕы ХI бэстибээлин сабыллыытыгар көрдөрбүппүт.

Екатерина Тайшина диэн кимин-тугун ааҕааччыларга үгүстүк билиһиннэрэр наадата суох. Кинини бары билэллэр, хореограф быһыытынан элбэх балеты туруорбут киһи. Атын даҕаны үлэлэригэр курдук, бу да сырыыга кини классиканы уонна аныгы үҥкүүнү дьүөрэлээн, кинилэр алтыһар чараас суолларын таба тайанан, саҥа ньымалары, быһаарыылары тобулан таһаарда. Испэктээк хареографията, биир өттүнэн, толорорго уустук тэхиньиичэскэй таһымнаах, иккиһис өттүнэн, дьон көрөрүгэр олус чаҕылхай, киһини долгутар, умсугутар күүстээх буолла. Мин санаабар, биһиги хореографпыт туруорбут соругун түбэһиэх балет труппата, бука, кыайбата буолуо. Оттон биһиги артыыстар, туруорааччылар, дьарыктыыр уһуйааччылар сыралаах үлэлэрин түмүгүнэн ону барытын ситистибит, кыайдыбыт.  

PSK5

                   Классика уонна этника дьүөрэлэһиитэ

– Испэктээккэ классика уонна этно-муусука дьүөрэлэһиитин хайдах сыаналыыгын? Ити синтеһи оҥороргутугар туох соруктары туруорбуккутуй?

– Итинник ньыманы Андрей Саввич Борисов “Ньургун Боотур” олоҥхо-операны туруорарыгар туһаммыта, биһиги ону олус сөбүлээбиппит. Ол иһин биһиги испэктээкпитигэр туһанарга уонна көрөөччү толору астынан-дуоһуйан тахсарын туһугар, арыый уһатан биэрэргэ санаммыппыт. Пуантылаах классика балета Олоҥхо тыйаатырын артыыстарын хомуһуннаах, аптаах-алыптаах хомустарын уонна кырыымпаларын тыаһын кытта холбостоҕуна, киһи ханнык да кэмҥэ-кэрдиигэ бэриммэт, иитэ-саҕата суох киэҥ куйаарга көппүттүү сананар, куосумаска тиийэр. Тоҕо диэтэххэ, биһиги суруйбут айымньыбытыгар номох-үһүйээн, миф саҕанааҕы түгэҕэ көстүбэт кэмнэр ойууланаллар.

Норуот үстүрүмүөннэрин тыыннаах тыаһа сыыйа-баайа Кирилл Герасимов суруйбут классика муусукатынан солбуллар, онтон эмиэ аргыый аҕай төрүт дорҕооннорго иэҕиллэр. Ити ураты дьүөрэлэһии кэмигэр киһи сороҕор классика хантан саҕаламмытын, төрүт үстүрүмүөннэр дорҕоонноро ханна кэлэн түмүктэммитин кыайан араарбакка да хаалар. Даҕатан эттэххэ, Екатерина Тайшина балетка өссө опера кэрчигин киллэрэн биэрэргэ этии киллэрбитэ. Ону Екатерина Корякина чаҕылхайдык толорбута. 

PSK9 

Биһирэбил

– Эн санааҕар, “Кытыаста Таас” Саха сирин уонна Араассыыйа култуурунай олоҕор туох суолталааҕый?

– Гостуруолга барыахпыт иннинээҕи генеральнай бэлэмнэниигэ саалабыт аҥаара туолан, улаханнык соһуппута. Урут оннук буолбута ахсааннаах этэ. Ол – дьон бу бырайыактан элбэҕи кэтэһэрин туоһулуур. Онон, бырайыак олоххо киирэригэр көмөлөспүт дьоҥҥо ис сүрэхпититтэн махтанабыт.

Бу балетка туһаныллыбыт сорох өрүттэр сыанаҕа бастакытын көһүннүлэр. “Кытыаста Тааһы” көрбүт искусствоведтар уонна хореограф-кэллиэгэлэрбит инньэ диэн үрдүктүк сыаналаатылар.

Испэктээкпит “Көмүс Мааска” Арассыыйатааҕы Национальнай театральнай бириэмийэ барыллаан сүүмэрдиир куонкуруһун ааспытыттан олус үөрдүбүт. Сотору кэминэн айымньыбытын анаан-минээн Дьокуускай куоракка кэлбит эспиэр көрүөхтээх. Бу – биһиги айар-тутар хамаандабыт улахан ситиһиитэ!

PSK10

Омук сиринээҕи гостуруоллар

– Көрөөччүлэр хайдах сыаналыахтара диэн күүппүккүтүй? Сүрэхтэнии хайдах ааста? Испэктээккитин ханна көрдөрдүгүт?

– Испэктээкпитин дьон өрө көтөҕүллэн олорон көрдө. Бэл, генеральнай бэлэмнэниигэ бастаан көрөн баран, бэйэм сөхпүтүм. Тоҕо диэтэххэ, испэктээх сүһүөх-сүһүөх оҥоһуллан баран кэлин биирдэ таҥыллыбыт буолан, мин кини хайдах буолан тахсыахтааҕын эрдэ билбэт этим, көрбөтөҕүм.

“Стерх” бэстибээл гала-кэнсиэригэр дьон-сэргэ хас биирдии хамсаныыны, сюжет хас биирдии хаамыытын олус истиҥник, үөрэ-көтө ылыммыта. Сорох-сороҕор, көрөөччүлэр артыыстары кытта биир тэтиминэн, тэбис-тэҥҥэ тыына олороллорун курдук көстөрө. Оттон тыйаатыр көрөөччү эрэлин, үрдүк ирдэбилин толороро олус астык буолар.

Мин ордук испэктээкпитин Астана куоракка хайдах көрсүбүттэрин сөхтүм. Испэктээк бүтүүтүгэр артыыстарбыт сыанаҕа тахсыбыттарыгар, саала барыта туран кэлбитэ, сорох көрөөччүлэр, арааһа сүрүн дьоруойу аһынан, бэл, ытаспыттара. Уопсайынан, биһиги хайдах эрэ кинилэр сүрэхтэрин кылын таарыйдыбыт.

Казахстан уонна Кыргыстаан публикатын сөхтөрбүппүтүттэн бары олус үөрдүбүт, астынныбыт. Бу испэктээк көмөтүнэн кинилэр биһиги баай култууралаахпытын, Саха сиригэр классика ускуустубата үрдүк таһымнаахтык сайда турарын биллилэр.

PSK Astana

– Испэктээх дьылҕатыттан сэгэтэ түһүөҥ дуо? Гостуруолга барыаххыт, саҥа испэктээктэри туруоруоххут дуо?

– Биллэн турар, айымньыбытын Саха сирин атын куораттарыгар көрдөрүөхпүтүн, өрөспүүбүлүкэбит таһыгар тахсыахпытын эмиэ баҕарабыт. Ол гынан баран, гостуруолга тиийэр тыйаатырдарбыт сыаналарыгар булгуччу көтөҕөр мэхэньиисим баар буолуохтаах. Ити – булгуччулаах ирдэбил. Онтон суох испэктээги толору арыйан көрдөрөр кыаллыбат. Итини таһынан, АЛРОСА этиитинэн, биһиги “Кытыаста Таас” балеппыт матырыйаалларын барытын – либреттотын, партитуратын, көстүүм уонна сценография эскиистэрин, хаартыска уонна видео матырыйааллары Мииринэй куоракка “Алмаз” култуура дыбарыаһын иһинэн үлэлиир “Саха сирин алмаастара” оҕо үҥкүүтүн тыйаатырыгар биэрдибит. “Кытыаста Таас” испэктээги оҕо ылынарын курдук арыый судургутутар интэриэһинэй бырайыак баар. Биһиги онно үлэлэһэргэ, көмөлөһөргө бэлэммит.  

PSK8

 

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар