Киһи олоҕун ханнык эрэ түһүмэҕэр тиийэн санаатын сааһыланар, эргим-ургум көрүнэр уонна кинигэ суруйар. Кырдьык, кумааҕы быдан үйэлээх, эн тускунан суолу-ииһи хаалларар. Хас биирдии суруйбуккар эн дойдуҥ устуоруйата, дьоно-сэргэтэ умнуллубут бэлиэ буолан хаалаллар. Оннук биир бэлиэ саҥа кинигэ – “Аргыс санааларым...”
Кинигэ ааптара – Томпо оройуонун үөрэх управлениетын иитэр үлэҕэ уонна эбии үөрэхтээһиҥҥэ салаатын салайааччыта, СӨ үөрэҕин туйгуна Елена Кимовна Винокурова.
Елена Винокурова 1980-с сыллартан суруйбут ыстатыйаларын, урукку-билиҥҥи хаартыскалары сыа-сым курдук хомуйан, сааһылаан киллэрбит: “Бэлэм буол”, “Кэскил”, “Кыһыл знамя”, “Эдэр саас”, “Томпо илдьитэ”, “Томпонский вестник”, “Учительский вестник”, “Хатан”...
Ол саҕанааҕы оскуола биир кыһалҕатын “Тигээйи” хаһыат” диэн ааттаан маннык суруйбут: “Аны оскуолабыт буфетыгар ас тобоҕун ыһаллар, сорохтор өссө килиэбинэн бырахсаллар, харыстанньаҥа суох быһыыларын көрдөрөллөр. “Тигээйи” диэн эркин хаһыатын таһаарабыт да, бэрээдэкпит син биир көммөт. Атын оскуолаларга бэрээдэги кэһиини утары туох үлэни ыытаҕыт?” (1989) Эбэтэр: “Араас омук тоҕуоруһан олорор Хаандыга бөһүөлэгэр саха оҥотун сахалыы тыыҥҥа, төрөөбүт тылы оҕо сааһыттан таптыырга, норуот культуратын илдьэ сылдьарга сирдээччилэртэн биирдэстэрэ, СР үөрэҕириитин туйгуна Чекурова Мария Егоровна буолар. Кини быйыл иккис сахалыы кылааһын таһаарда. 600 оҕолоох оскуолаҕа Мария Егоровна кылааһа – суос-соҕотох сахалыы тылынан үөрэнэр кылаас” (2012). Улуус чулуу дьонун туһунан: “Мин Давыд Афанасьевич уобараһын Софрон Петрович Данилов “Сүрэх тэбэрин тухары” романын геройа Сергей Аласовка тэҥнии көрөбүн. Ол курдук, кини үөрэнээччилэрин кырдьыксыт, чиэһинэй, үтүө суобастаах, туохтан да чаҕыйбат буоларга үөрэппит талааннаах УЧУУТАЛ этэ” (2016). Уус-уран литэрэтиирэҕэ сыһыаннаан: “Ийэ тыл” көҥүл түмсүү хамсааһынын өйөөн, Томпо оройуонун үөрэҕирии салалтата уонна киин библиотека көҕүлээһиннэринэн оройуоннаҕы “Саха ыччата, хомуһуннаах тоҕус хоһоону үөрэтэҥҥин этэ-кэпсии сырыт!” уус-уран ааҕыы күрэҕэ VI төгүлүн ыытылынна” (2018).
Омос көрдөхө, тыа сирин кыһалҕата сымнатыллан, оргууй аҕай суруллар курдук. Дьиҥинэн, ити барыта биһиги барыбыт олохпут, кыһалҕабыт, ситиһиибит. Элбэх омук олорор Томпо оройуона атын оройуоннарга холобур буолуон сөп эбит. Мин билэрбинэн, Елена Кимовна сүнньүнэн бэйэтин күүһүнэн, кыаҕынан Хаандыгаҕа сахалыы эйгэни олохсута сатыыр. Онон бу кинигэ, төһө да баара-суоҕа 50 экз. таҕыстар, тыа сиригэр саха эйгэтэ бөҕөргүүрүгэр биир бигэ ситим, сырдык санаа буолуо диэн эрэнэбин.
Егор Николаев,
“Хатан” сурунаал эрэдээктэрэ