Ахсынньы 12 күнүгэр Саха эстрадатын тыйаатыра дойду тэбэр сүрэҕэр Москуба куоракка, “Золотое кольцо” тыйаатырга кэнсиэрдээтэ. 23 киһилээх труппа салгыы Санкт-Петербурга айанныа. Манна ахсынньы 18 күнүгэр А. Райкин аатынан эстрада тыйаатырыгар кэнсиэр көрдөрүө.
Бу Саха эстрадатын тыйаатырын устуоруйатыгар бүтүн Арассыыйатааҕы таһымнаах бастакы гостуруол буолар. Эстрада бастыҥ артыыстара: Павел Семенов, Сахаайа, Василий Еремеев, Далаана, Анастасия Готовцева, Ника, Эрчим, Анатолий Горохов, Санита Ай, Айгылаан, Алена Яковлева, Умсуура, Герман Степанов-Байтыкан, Кеша Лебедев, Тамара Попова, Андреана уонна Лариса Троева кытталлар.
Москубаҕа буолбут кэнсиэргэ Гнесиннар ааттарынан муусука Академиятын устудьуонката Сайсары Куо уонна “Snow Voice” бөлөх уолаттара кыттыыны ыллылар.
“Биһиги Москубаҕа олорор биир дойдулаахтарбытыгар истиҥ көрсүүлэрин уонна өйөбүллэрин иһин улахан махталбытын тиэрдэбит. Толору заалы көрөр олус үчүгэй”, – диэн социальнай ситимҥэ тыйаатыр дириэктэрэ Татьяна Чаранская суруйар.
Ахсынньы 18 күнүгэр Санкт-Петербург куоракка А. Райкин аатынан эстрада тыйаатырыгар буолар кэнсиэргэ, “Голос»” уонна “Главная сцена” бырайыактар кыттыылааҕа Июлина Попова ылбаҕай ырыаларын бэлэхтиэҕэ.