Киир

Киир

Өрө тахсыылар, таҥнары түһүүлэр...

Үгүстэ охтуом...

Ол эрэн, кэлин син биир туруом,

Ыллаабыт ырыабын тайахтанан.

                                     Иван Мигалкин

 

Саҥа дьыллааҕы уһун сынньалаҥ бүтэһигэр, тохсунньу 8 күнүгэр Майаҕа «Таммахтар» литературнай түмсүү тэрийиитинэн СӨ норуодунай поэтыгар аналлаах «Мигалкин ааҕыылара» буоллулар.

Маннык литературнай ааҕыылары тэрийии «Таммахтар» түмсүү үлэтин биир хайысхата эбит. Ол курдук поэттар Толомоҥҥо, Күндээргэ аналлаах ааҕыылар, «Учуутал уонна үөрэнээччи» литературнай ааҕыы үрдүк таһымнаахтык ыытыллыбыттар. Түмсүү 2021 сылга тэриллибитэ үйэ аҥаара буоларын истэҥҥин сөҕөҕүн эрэ. Ити кэмҥэ төһөлөөх элбэх киһи уус-уран литератураны иккис дьарык оҥостон, сырдыгы, үйэлээҕи тулатыгар ыспыта буолуой, хас хоһооҥҥо холонооччу, кэпсээн суруйааччы кэрэ эйгэтигэр киирэн бэйэтин, чугас дьонун, ааҕааччыларын олохторун киэргэппитэ буолуой?! «Таммахтар» литературнай түмсүү 1971 сыллаахха Мэҥэ Хаҥалас оччотооҕу «Ленинскэй знамя» диэн оройуоннааҕы хаһыатын сүрүн эрэдээктэрэ И.И. Брызгалов көҕүлээһининэн олохтоммут эбит.

Таһырдьа тохсунньу ый тоһутталанар тымныыта, хойуу тумана бүрүүкээн турдаҕына Р.Г. Васильев аатынан Мэҥэ Хаҥаластааҕы кыраайы үөрэтэр түмэл киэҥ уораҕайыгар поэзия сырдык сарыала сатыылаата, кэрэкэ тыллар кэккэлэстилэр, үтүөкэн тыллар үмүөрүстүлэр, ыраас санаа ымыы буолан көҥүлгэ көттө, истиҥ ырыа дьиэрэйдэ. Ол курдук поэзияны таптааччыларга «Таммахтар» литературнай түмсүү чилиэннэрэ Иван Мигалкин хоһооннорун иэйэн-куойан туран, истибити эрэ долгутар курдук иһирэхтик аахтылар. Онно эбии Иван Мигалкиҥҥа бэйэлэрэ суруйбут анабыл хоһооннорун бэлэх ууннулар.

mig

Ааҕыыга поэт, суруналыыс, тылбаасчыт, публицист И.В. Мигалкин түөрт уонтан тахса сыл иһигэр 51 кинигэтэ күн сирин көрбүтэ, үгүс ааҕааччы сэргээбит, кыра, орто саастаах оҕолор ааҕар, үөрэнэр кинигэлэрэ буолбут айымньылардааҕа бэлиэтэннэ. Олортон манна «Иэйииттэн тахсыбыт хоһооннор» стендэҕэ «Аныыбын иһирэх иэйиибин», «Үөрүүбүн тэҥинэн үллэстэбин», «Күн таммаҕын ыһыспыт дьылҕалар», «Сүрэх сылаас иэйиитинэн», «Пусть радуга огбнимет алас», «Сулус санаалар» диэн кинигэлэр харахха хатаналлар, Иван Мигалкин «Хотугу сулус», «Чолбон», «Полярная звезда», «Күрүлгэн» литературнай-художественнай сурунаалларга бэчээттэммит хоһоонноро, публицистиката көстөллөр. Манна эбии Иван Мигалкин ааспыт сыл бүтэһик күннэригэр тахсыбыт, типография кырааскатын сытын сүтэрэ илик «Сүрэхтэн саҕыллар санаалар» диэн кинигэтин билиһиннэрдэ. Кинигэҕэ поэт ааспыт үйэҕэ алтыһан ааспыт, уус-уран литература киэҥ аартыгар тахсарыгар алгыстарын ылбыт аҕа саастаах суруйааччыларын туһунан иһирэх тыллардаах санаалара, бэлиэтээһиннэрэ, биир идэлээхтэрин айымньыларыгар сыана быһан суруйбут айар үлэҕэ кынаттыыр истиҥ-иһирэх киирии тыллара, билиҥҥи литература туһунан санаалара тиһиллэн киирбиттэр. Кинигэ ааҕааччы болҕомтотун тардыаҕар саарбахтаабаккын.

«Таммахтар» литературнай түмсүү чилиэннэрэ бииртэн биир тахсан поэт Иван Мигалкин «Кустуктар куустулар алааспын», «Ийэбэр», «Отон этим, оҕо этим», «Сахам хомуһа», «Көмүстэн күндү», «Сааскы айылҕа уһуктар сиккиэринэн», «Маҥан таба», «Эдьийдэр ийэҕэ тэҥнээхтэр», «Ньургуһуннаах сурук», «Ырыам», «Таптал сулуһа» уонна да атын араас сылларга суруйбут хоһооннорун ааҕыыларыгар доллоох оҕо саас, ийэҕэ таптал, махтал, сүгүрүйүү, маҥнайгы таптал, төрөөбүт дойду ахтылҕана уус-ураннык хоһуллан поэт хайдах сайдан, ситэн-хотон испитин туоһулаатылар, ааспыт кэмҥэ төнүннэрэн ыллылар. Нуучча поэта Сергей Каратов тылбааһыгар Иван Мигалкин икки хоһооно «Соединяясь с солнцем», «Воспеть тебя нежно» диэн ааттанан бэрт сэргэхтик иһилиннэ.

mig1

Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүү педучилищетыгар 15 саастаах Ваня Мигалкинныын бииргэ үөрэммит учуутал Татьяна Артемьева «Тыҥ хатыыта» литературнай куруһуокка дьарыктаммыттарын аҕынна, анабыл хоһоонун аахта:

Кырылас кумахтаах кытылга

Кыракый уолчаан турара.

Одуулуура долгуйа ол онтон

Олоҕун долгуна тиксэрбит дойдутун...

Төҥүлүттэн Лидия Андросова поэт Иван Мигалкиҥҥа анабылыгар суруйбут:

...Ньургуһуннаах хоһооҥҥор көрөбүн

Алтыс этээскэ элээрэр бэйиэти.

Кынаттаммыттыы чэпчээбит бэйэтэ

Доҕоругар көрдөрө охсоору ыксыырын...

Светлана Иванова-Намыына поэт Иван Мигалкин олоххо аналын хоһоон хомоҕой тылларынан чопчутук этэр:

Тапталы, олоҕу хоһуйан,

Кэрэни кэрэхсии туойаҕын.

Үөрүүнү үксэтэр аналгынан

Үйэлээҕи, үтүөнү айаҕын.

Дьэ ити курдук бу күн учууталларыгар, талааныгар сүгүрүйэр поэттарыгар Иван Мигалкиҥҥа «Таммахтар» тахса-тахса талыы-кэрэ тыллары эттилэр, анабылынан айхаллаатылар, уустаан-ураннаан уруйдаатылар.

Тэрээһиҥҥэ Дьокуускайтан тахсыбыт СӨ суруйааччыларын сойууһун чилиэннэрэ тэрээһин кыттыылаахтара хоһоон ааҕыыларын, анабылларын сыаналаатылар, санаа атастастылар. Кыттааччыларга бэйэлэрин кинигэлэрин бэлэхтээтилэр, айымньылаах үлэни баҕардылар.

Поэт, публицист, журналист, искусствоведческай наука кандидата С.Н. Сивцев-Доллу биир дойдулаахтара «Таммахтар» өрүү хайа үрдүгэр буолалларыгар баҕарда, онно эрэнэрин биллэрдэ, олох араас көстүүлэригэр анаммыт лоскуй хоһоонноруттан ааҕан иһитиннэрдэ.

Поэт, суруналыыс, мэдэссиинэ билимин доктора Валериан Николаев Манчаары тыыннааҕар суруллубут Матвей Александров «Якут Манчара» поэматын тылбаастаабытыттан билиһиннэрдэ.

Христофор Максимов фондатын бэрэссэдээтэлэ, СӨ мелодистарын сойууһун чилиэнэ, эконэмиэкэ билимин кандидата Михаил Санников-Уол Сарсын поэзияҕа хайдах кэлбитин, ырыа буолбут 15 хоһооно хайдах суруллубуттарын кэпсээтэ. Быйыл мэҥэлэр биир дойдулаахтара Марфа Куличкина, Валерий Ноев үбүлүөйдээх сыллара буоларын санатта. «Арбитаҕа», «Төҥүлүбэр» диэн хоһооннорун ааҕан, ырыа ыллаан саала иһин сэргэхситтэ, талааннаах киһи барытыгар дьоҕурдаах диэн этиини бигэргэттэ.

Тэрээһин эдэр ыалдьыта, «Өлүөнэ долгуннара» литературнай түмсүү чилиэнэ Галина Иванова – Айтыына Уран Хаҥалас улууһун II Дьөппөнүттэн кэлбит. Кини илиитигэр дьоҕурдаах норуот маастара хоһоону тоҕо суруйар, хайдах ырыа айар буолбутун кэпсээтэ. Бу соторутааҕыта «Саха» НКИК ханаалыгар көстүбүт суруйааччы, тележурналист Дана Сард «Ааспыт ааспат амтана» телевизионнай киинэтин түмүк кадрыгар Галина Иванова – Айтыына Уран «Тургутуу» диэн хоһооно «Олох» диэн аатынан этно-ырыаһыт Чыскыырай толоруутугар ылламмытын кэпсээбитин мустубут дьон ытыстарын таһынан эҕэрдэлээтилэр.

«Таммахтар» литературнай түмсүү салайааччыта А.С. Хабарова-Владимирова үүммүт саҥа сылга «Мигалкин ааҕыылара» диэн бастакы тэрээһиннэрэ бэрт сэргэхтик барбытыгар биир идэлээхтэригэр уонна ыалдьыттарга махтанна. И.В. Мигалкиҥҥа ««Таммахтар» литературнай түмсүү сайдыытыгар үтүөлэрин иһин» диэн И.И. Брызгалов аатынан бэлиэни үөрүү-көтүү доҕуһуолугар туттарда. Бу бэлиэни И.И. Брызгалов оҕолоро олохтообуттара кэрэхсэбиллээх.

Күн иккис аҥаарыгар суруйааччылар ааҕааччылардыын көрсүһүүлэрэ тэрилиннэ, кинигэ атыыланна, автограф сессия буолла.

Тыл эппит дьон бүгүҥҥү тэрээһин СӨ норуодунай поэта И.В. Мигалкин үбүлүөйдээх сылын тэрээһиннэрин быыһын аһыллыытын курдук сыаналаатылар.

СӨ норуодунай поэта И.В. Мигалкин түмүк тылыгар сэргэх тэрээһин иһин махтанна, «Таммахтар» өссө тэтимнээхтик сайдан иһэллэригэр баҕарда, СӨ суруйааччыларын сойууһун өттүттэн итиниэхэ көмө уҕарыйыа суоҕун эрэннэрдэ, саала иһигэр олорор литературнай түмсүү чилиэннэриттэн суруйааччылар тахсан иһиэхтэригэр эрэнэрин биллэрдэ.

И.В. Мигалкин маннык тэрээһиннэр салгыы өссө Уус Алдан, Нам улуустарыгар ыытыллаллара былааннанарын иһитиннэрдэ.

Валериан Николаев.

Майа-Дьокуускай

 

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар