Киир

Киир

Арассыыйа Суруналыыстарын уонна СӨ Суруйааччыларын сойуустарын чилиэннэрэ, СӨ норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, Орто Халыма, Үөһээ Бүлүү улуустарын, Өргүөт нэһилиэгин бочуоттаах гражданиннара Вера Спиридоновна Нанова-Солдатова хоһооннорун хомуурунньугун Саҥа дьыл иннинэ аҕай бэчээттэн тутан үөрдэ-көттө. Бу тупсаҕай оҥоһуулаах дьоҕус кинигэ “Дани-Алмас” тэрилтэҕэ бэчээттэннэ. Ойуутун-дьарҕаатын Александр Попов оҥорбут.

Хомуурунньукка кынат тыл быһыытынан СӨ народнай поэта Иван Мигалкин: “Ханнык баҕарар поэт бэйэтин кэмин суруйан, кэлэр көлүөнэ дьонугар дууһа, сүрэх өйдөбүлүн хаалларар, бэйэтин үйэтин саныыр санаатын этэр, тыынныыр”, ‒ диэн этиитэ туттуллубут.

Ити санааҕа тирэнэн, Вера Нанова-Солдатова ааҕааччыларыгар туһулаан маннык суруйар.

“Күндү ааҕааччыларым! Саҥа хоһооннорум хомуурунньуктарын, “Санаа ардаҕа” диэн ааттаан, эһиэхэ бэлэх уунабын. Урукку да таһаартарбыт кинигэлэрбэр “Санаа сарбынньахтара” диэн дьоҕус түһүмэхтэрдээх этим. Санааны судургутук, кэмчи, бэргэн тылынан ааҕааччыларга тиэрдэргэ кыһанабын... Санааларым күлүмнэрэ, таабырын, таайтарыы буолбакка, бэйэм олорон кэлбит олоҕум бэрээдэгинэн, көнө, судургу майгыбынан, олоххо баар кырдьыгы хас биирдии ааҕааччыга өйдөнөр, судургу тылынан туруору этиигэ олоҕураллар. Бу анаарар, айманар санааларым — бэйэм кэмим аймалҕана, дойдум олоҕун дьалхаана, дьонум-сэргэм уйан дууһатын умсулҕана... Тус бэйэм дууһам, сүрэҕим ыарыылара... өйдөбүллэрэ уонна онно сөп түбэһэр атын да дьон санааларыттан саҕыллан, сайдан тахсыбыт санааларым... Хоһооннорум санаа кыракый кыымнара буолан кыламнаан, санаа ардаҕа буолан таммалаан, саҥа санаалар, саҥа анаарыылар күрүлгэннэригэр кыттыһан, ааҕааччыларбын үөрдүөхтэрэ уонна ордук дириҥ, ордук саргылаах санаалары саҕыахтара диэн эрэнэбин!”

Sold1

Кылгастык билиһиннэрдэххэ, Вера Спиридоновна 1951 сыллаахха Үөһээ Бүлүү улууһун Өргүөт нэһилиэгэр төрөөбүт.

1975 сыллаахха Бүлүүтээҕи педучилищены, 1979 сыллаахха Москубатааҕы культура институтун, 1991 сыллаахха Новосибирскайдааҕы политологическай институту бүтэрбит.

Орто Халыма улууһугар народнай театр режиссёрунан, культура салаатын сэбиэдиссэйинэн, партия райкомун идеологияҕа салаатын сэбиэдиссэйинэн, “Халыма долгуннара” хаһыат редакторынан, “Сахаполиграфиздат” улуус хаһыаттарын, типографияларын салайар салаатын начальнигынан, Дьокуускай куорат мээрин солбуйааччынан, “Октябрьскай”, “Губинскай” уокуруктар баһылыктарынан үлэлээбит.

“Дойдум тыына”, “Тойокубар — дойдубар”, “Бүгэн сыппат Бүлүү эбэм”, “Кынаттаабыт кыһабыт” диэн хоһоон хомуурунньуктардаах. Икки ахтыы кинигэлээх.

Ырыа буолан көппүт хоһооннордоох. Олортон ордук “Айан ырыата”, “Эйэлээх эһиэкэй”, “Биһик ырыата” дьон уоһуттан түспэккэ ылланаллар. СӨ “Гражданскай килбиэн” мэтээлинэн уонна “Арассыыйа-Саха сирэ — 375 сыл”, “Арассыыйа-Саха сирэ — 380 сыл”, “Арассыыйа-Саха сирэ — 385 сыл” үбүлүөйүнэй мэтээллэринэн, “Дьокуускай куорат сайдыытыгар үтүөлэрин иһин”, “Норуот талааннарын сайыннарыыга үтүөлэрин иһин”, “БПУ бастыҥ выпускнига”, о.д.а бэлиэлэринэн наҕараадаламмыт.

Кыһамньылаах кэргэн, истиҥ-иһирэх ийэ, эйэҕэс-элэккэй эбээ. Билигин Дьокуускайга бочуоттаах сынньалаҥҥа олорор.

АРЧЫЛАН.