“Саҥарар Чурапчы! Саҥарар Чурапчы!”. Итинник тылларынан 60-нус сыллартан саҕалаан Чурапчы үгүс олохтооҕун сарсыардата саҕаланара. Бүгүн кэпсиир киһибит — ылсыбыт, идэ оҥостубут үлэтин чахчы баһылаабыт, норуот билиниитин ылбыт, норуот сөбүлээн, таптаан “Араадьыйа Барааскап” диэн сүрэхтээбит, бэйэтин кэмин биир чулуу үлэһитэ Николай Дмитриевич Барашков.
Көһөрүллүү алдьархайын билбитэ
Ньукулай 1926 сыллаахха Чурапчы Бахсытыгар колхуостаах дьиэ кэргэҥҥэ күн сирин көрбүтэ. Аҕата Дмитрий Иванович уолчаан 9 саастааҕар күн сириттэн күрэммитэ. Тулаайах уол намчы санныгар аны сэрии, ол кэмнээҕи уот кураан ыар тыына тайаммыта. Уодаһыннаах Чурапчы 41 холхуоһун күүс өттүнэн көһөрүү бу дьиэ кэргэни эмиэ тумнубатаҕа. Оччотооҕу байыаннай кэм ирдэбилинэн, үс хонук иһинэн хомунан, саамай наадалаах малларын эрэ ылан, ийэтин уонна бырааттаах балтын кытта биир дойдулаахтарыныын Аллараа Бэстээх биэрэгэр хас да күн айаннаан кэлбиттэрэ. Күһүҥҥү сиппэрэҥҥэ аһаҕас халлаан анныгар 5000-тан тахса киһи ый аҥаарыттан ордук кэмҥэ сыппыттара. Ынах маҥырааһына, оҕо ытааһына, дьон аймалҕана улуу эбэ биэрэгин уйгуурдубуттара. Кэмниэ кэнэҕэс борохуот кэлэн, аһаҕас бааржаларга тиэллэн, уһун унньуктаах айан кэнниттэн, хаар кыыдамныы турдаҕына, кырылас кумахтаах кураанах биэрэккэ сүөкэммиттэрэ. Ол туһунан анал кинигэлэргэ элбэхтик сурулунна.
Уон алталаах уол хоту дойду сытыы тыалын быыһынан дьонун кытта муҥха тардыһан, илим үтэн судаарыстыбаҕа, фронт туһугар балыктаан, үлэ үөһүгэр түспүтэ. Эппиэтинэстээх, оттомноох уолу таба көрөн, эрэнэн суотчуттаппыттара, хассыырдаппыттара, сопхуостаппыттара. Сэрии бүтэн, дойдуга өҥ дьыллар эргийэн, тыыннаах хаалбыт дьон сыыйа дойдуларыгар төннүбүттэрэ. Ону тэрийии биир тутаах киһитинэн, салайааччытынан Ньукулай буолбута. 1947 сыллаахха ахтылҕаннаах Чурапчыларын буоругар үктэммиттэрэ. Төһөлөөх долгуйуу буолбутун, үөрүүттэн харах ууламмытын оччотооҕу кэм, сир-дойду эрэ билэн эрдэҕэ...
Үлэ үөһүгэр...
Эдэр уол үлэ үөһүгэр түспүтэ. Сотору ЫБСЛКС райкомун тэрийэр-инструкторскай отделын сэбиэдиссэйинэн быыбардаммыта. Ити дуоһунаска биэс сыл үлэлээбитэ. 1951 сыллаахха Николайы ССКП чилиэнинэн ылбыттара. Сэрии сылларыгар үөрэммэккэ хаалбыт уолу Дьокуускайдааҕы тыа хаһаайыстыбатын колхуос бэрэссэдээтэллэрин бэлэмниир үөрэҕэр ыыппыттара. Үөрэҕин ситиһиилээхтик түмүктээн, Маленков аатынан колхуос бэрэссэдээтэлинэн анаммыта.
1962 сыл Николай Дмитриевич олоҕор улахан уларыйыыны аҕалбыта. Ол кэмтэн Алексеевскай оройуон эрдэхтэринэ (Таатта уонна Чурапчы оройуоннара холбоһо сылдьыбыттара) оройуон араадьыйанан биэрии уопсастыбаннай араадьыйатын эрэдээктэринэн үлэлээбитэ. Дьоҕура, талаана арыллан, суруналыыс Николай Барашковы дьоно-сэргэтэ «Араадьыйа Барааскап» диэн ааттаабыттара. Кырдьыга да оннук буоллаҕа. Чурапчыга Барашков диэн араспаанньа элбэх. Олор истэригэр Николай Барашковтар хаhыалар даҕаны. Онтон «Араадьыйа Барааскап» соҕотох.
Николай Дмитриевич маннык чорботуллан ааттаныыга толору эппиэттиирэ. Ол курдук, үйэ чиэппэригэр чугаһыыр кэмҥэ дойдутугар — Чурапчы оройуонугар араадьыйанан биэриини тэрийээччинэн, эрэдээктэринэн дириҥ хорутуулаахтык, чиэhинэйдик, үтүө суобастаахтык үлэлээбитэ. Төһө да доруобуйата мөлтөх буоллар, сылайарын, сындалыйарын кэрэйбэккэ, күнү-түүнү аахсыбакка, арахсыбат аргыһын, тос курдук ыйааhыннаах репортерскай суумкатын сүгэн баран, үлэтин диэки хаама турара. Саас ыһыы саҕана бааһыналары, сайын от үлэтин кэмигэр колхуостар, отчуттар звеноларыгар, күһүн бурдук, оҕуруот аhын хомуйааччылар ортолоругар, кыhын ыанньык, субан сүөһү пиэрмэлэригэр, мастарыскыайдарга, хараастарга, хонтуораларга, оскуолаларга, култуура тэрилтэлэригэр быыстала суох сылдьара. Николай Дмитриевич сатабыллаах аттарыытынан оройуон олоҕун-дьаһаҕын, дьон-сэргэ үлэтин-хамнаhын туhунан сонуннартан бэртээхэй устуулар, ыстатыйалар оҥоhуллан, нэhилиэнньэ истиитигэр тута тиэрдиллэн иhэллэрэ. Чурапчыбыт чулуу дьонноро -- сэрии инбэлиитэ, РСФСР уонна САССР оскуолаларын үтүөлээх учуутала Степан Кузьмич Макаров туhунан «Биhиги Маресьевпыт» диэн радиоочерката, Эрилик Эристиин аатынан колхуос бэрэссэдээтэлэ Роман Афанасьевич Филиппов туhунан «Колхуос бэрэссэдээтэлэ», Ленинскэй бириэмийэ лауреата, космофизик-учуонай Дмитрий Дмитриевич Красильников уонна сылгыhыт Михаил Семенович Толстоухов тустарынан «Айан аартыктара» диэн о.д.а улахан улахан үлэлэри Дьокуускай араадьыйатынан уонна "Саҥарар Чурапчы" диэн саҕаланар олохтоох араадьыйаттан дьоммут-сэргэбит тутатына истибиттэрэ. Ити курдук хас эмэ сүүһүнэн миэтэрэҕэ дьон саҥатын, ахтыытын устубута. “Красногорск” аппараакка киинэ лиэнтэтигэр устан үйэтиппитэ. Тустаах үлэтин таһынан “Билии” уопсастыба бырабылыанньатын чилиэнин быһыытынан элбэх лиэксийэлэри ааҕарын дьон сэргиирэ. Оройуон хаһыатыгар уонна өрөспүүбүлүкэтээҕи “Кыым” хаһыакка суруйуулара тиһигин быспакка тахсара.
Николай Дмитриевич киhи быhыытынан олус аламаҕайа, элэккэйэ, эйэҕэһэ, суобас, майгы-сигили өттүнэн чахчы ыраас, чиэһинэй киhи этэ. «Араадьыйаҕа аһаҕас эпииргэ тахсыыга сыыhа-халты саҥа-иҥэ, мөлтөх тыл-өс хаhан да, ханнык да түбэлтэҕэ таhаарыллыа суохтаах», — диэн ураты сэрэхтээхтик, эппиэтинэстээхтик сыhыаннаhара.
Араадьыйа суруналыыһын быһыытынан түбүктээх үлэтэ ССРС Миниистэрдэрин Сэбиэтин Араадьыйанан биэриигэ уонна тэлэбиидэнньэҕэ судаарыстыбаннай кэмитиэтин Бочуотунай грамотатынан, Ленин төрөөбүтэ 100 сылынан “Үлэҕэ килбиэнин иһин” мэтээлинэн бэлиэтэммитэ.
Улахан кыыһа Светлана Николаевна Кубарова — СӨ тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна. Дойдутугар Чурапчыга кэккэ сылларга эт-үүт кэмбинээтин дириэктэринэн, райпоҕа, дьарыктаах буолуу киинигэр сүрүннүүр исписэлиистэринэн таһаарыылаахтык үлэлээбитэ. Билигин “Триумф” успуорт комплексыгар исписэлииһинэн үлэлиир. Үс уоллаах, түөрт сиэннээх. Кыра кыыс Марианна Николаевна Яковлева — Чурапчы улууһун киэн туттар, инники күөҥҥэ сылдьар биир бастыҥ салайааччыта. «Мичил» оҕону сайыннарар киин сэбиэдиссэйинэн үлэлээбитэ ыраатта. Дьоно-сэргэтэ эрэнэн, итэҕэйэн, үһүс төгүлүн улуус мунньаҕар дьокутаатынан депутатынан талбыттара элбэҕи этэр. РФ үөрэҕириитин туйгуна, “Гражданскай килбиэн”, “СӨ гражданскай инициативаларын туйгуна”, “Педагогическай үлэ билиниитэ – Улуу Арассыыйа учуутала” бэлиэлэр хаһаайкалара.
Эдьиийдии балыстыылар аҕаларын олорбут олоҕун үйэтитэр сыалтан улуустааҕы Андрей Саввин аатынан История уонна этнография музейыгар “Дьиэ кэргэн ытык мала” диэн тэрээһин чэрчитинэн быыстапка туруордулар. Быыстапкаҕа улуус баһылыга Андрей Ноговицын маннык тэрээһиннэр улахан суолталаахтарын бэлиэтээтэ. Николай Дмитриевиһи билэр дьон кэлэн, үтүө тыллары эттилэр.
Мустубут дьон Николай Дмитриевич ытык дьоммут Илья Листиков, Далан, Амма Аччыгыйа, Күннүк Уурастыырап, Роман Дмитриев, Иван Ярыгин о.д.а саҥаларын устубутун бу баардыы иһиттилэр, киинэ лиэнтэтигэр уһуллубут сэдэх каадырдары көрдүлэр.
Николай Дмитриевич Бахсы эҥээрдээх. Мин аҕам быраатыныын, эмиэ Чурапчыттан биир бастакы суруналыыс, ”Социализм суола” хаһыат эрэдээктэрэ, сэрии бэтэрээнэ Андрей Георгиевич Турантаевтыын, биир идэлээх да буоланнар, табаарыстыы этилэр. Улаханнык алтыспатарбын да, Николай Дмитриевиһи тэйиччиттэн убаастыы, сэргии көрөрүм. 1986 сыллаахха тиһэх суолугар атаарыыга мэтириэтин ыксалынан оҥорбутум. Ону оҕолоро күн бүгүнүгэр диэри илдьэ сылдьалларыттан үөрдүм...
Николай Дмитриевич үлэлээн, олорон ааспыт олоҕун кини көлүөнэ дьон умнубаттар. Кэнэҕэски көлүөнэҕэ анаан маннык тэрээһиннэр улахан суолталаахтар. Бу курдук ытык дьоммут сурукка-бичиккэ үйэтитиллэ, ыччакка холобур буолан, кэпсэнэ-ипсэнэ туруохтара.
Григорий ТУРАНТАЕВ,
Чурапчы нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, СӨ култууратын туйгуна, Арассыыйа Суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ, Арассыыйа худуоһунньуктарын Айар сойууһун чилиэнэ, СӨ уус-уран оҥоһуктарга маастара, СӨ успуордун бэтэрээнэ, үлэ бэтэрээнэ.