Киир

Киир

СӨ тыйаатырдара саҥа испиктээкиллэри туруоруохтара, Уһук Илин уонна Сибиир эрэгийиэннэригэр гостуруоллуохтара. Дойду үрдүнэн Тыйаатыр сыла биллэриллибитинэн, өрөспүүбүлүкэ тыйаатырдарыгар 30 мөл солк үбү көрүөхтэрэ. Бу туһунан СӨ култууратын миниистирэ Юрий Куприянов иһитиннэрдэ. 

“Саха сирин тыйаатырдарын саҥа туруорууларыгар, гостуруолларыгар эбии 33 мөл солк үбү көрүөхтэрэ. Быйыл тыйаатырдар өрөспүүбүлүкэ бары улуустарын кэрийиэхтэрэ. Хоту сытар улуустарга эмиэ тиийиэхтэрэ. Опера уонна Балет тыйаатыра юкагир номоҕунан “Юко уонна Анэке” операны, ону таһынан, композитор Грант Григорян төрөөбүтэ 90 сылынан “Дьол тааһа” балеты туруоруо. Уонна Туваҕа, Хакасияҕа гостуруоллуу барара былааннанар”, — диэн миниистир кэпсээтэ. Үбүлээһин федеральнай уонна эрэгийиэннээҕи бүддьүөттэн көрүллэрин чуолкайдаан эттэ.

Оттон Нуучча тыйаатыра Магадан уонна Чита уобаластарыгар гостуруоллуо. П.А. Ойуунускай аатынан Саха тыйаатыра биэс саҥа испиктээкили туруоруо уонна Соҕуруу-Сахалиҥҥа гостуруоллуу барыаҕа. “Саха артыыстара “Азия оҕолоро” норуоттар икки ардыларынааҕы I кыһыҥҥы оонньуулар арыллыытыгар кыттыыны ылыахтара. “Хаарыан хампа күөх кытылым” испиктээкили уо.д.а. көрдөрүөхтэрэ”, — диэн Юрий Куприянов бэлиэтээтэ.

Тыйаатыр сылыгар норуоттар икки ардыларынааҕы уонна бүтүн дойдутааҕы таһымнаах тэрээһиннэр ыытыллаллара былааннанар. Бырагырааммаҕа 15 сүрүн тэрээһиннэр киирдилэр. Олортон ордук бөдөҥ VIII Тыйаатыр олимпиадата уонна бүтүн Арассыыйатааҕы тыйаатыр марафона буолар. Уопсай бүддьүөт 1,5 млрд солк тэҥнэһиэ.