Киир

Киир

Эстрада судаарыстыбаннай театра кулун тутар 1 күнүгэр Дьокуускай олохтоохторун уонна ыалдьыттарын Былатыан Ойуунускай аатынан Саха театрын сценатыгар “Уйбаанчык” диэн музыкальнай испиктээк сүрэхтэниитигэр ыҥырар.

Музыкальнай испиктээккэ сэрии сыллара көстөр. Сэрии толоонугар бастакы киирсиигэ суорума суолланар Уйбаанчык тиһэх санааларын туһунан кэпсэнэр. Кини өлүөн иннинэ олоҕо бүүс-бүтүннүү хараҕар көстөн ааһар. Олоҕун саамай умнуллубат түгэннэрин эргитэ саныыр. Таптыыр-ахтар дьонун, төрөппүттэрин, эдэркээн ойоҕун, эһэтин, атстарын санаан ылар.

Бу сонун испиктээк норуодунай поэт Леонид Попов төрөөбүтэ 100 сылыгар уонна фронтовик-поэттар сырдык кэриэстэригэр анаан туруоруллубут. Испиктэккэ Леонид Попов ырыа буолбут хоһоонноро ылланыахтара. Сүрүн оруолга Эстрада театрын артыыһа Кеша Лебедов оонньуур. Маны таһынан Александр Бурнашев, Ника, Айгылаан, Николай Гоголев, Умсуура, Амгаяна, Анатолий Горохов, Санита Ай, Эрхаан уонна Эрчим кытталлар. Туруорааччы-режиссер – Сергей Потапов. Саҕаланар киэһэ 17 уонна 20 ч.

Сиһилии : 34-13-31; 744-330; 73-93-95

Санааҕын суруй