Киир

Киир

Норуот маастардарын күнүгэр аналлаах “Хотугу ойуулар” диэн быыстапка үлэтин саҕалаата. Быыстапкаҕа “Уран Иис” маастарыстыба үрдүкү оскуолатын иистэнньэҥнэрин үлэлэрэ турдулар. Бу туһунан култуура уонна духуобунай сайдыы министиэристибэтин саайтыгар суруллар.

“Быыстапкаҕа хоту норуоттар уус-уран оҥоһуктарынан дьарыктанар маастардар үлэлэрэ турдулар. Маастардар бары хоту улуустартан төрүттээхтэр. Билигин Дьокуускайга олороллор, үлэлииллэр-хамныыллар. Ону таһынан, ХИФУ араас сылларга бүтэрбит дьон үлэлэрэ эмиэ бааллар”, – диэн иһитиннэриигэ суруллар.

Манна эбээннэр, эбэҥкилэр, долганнар кыһыҥҥы уонна сайыҥҥа национальнай таҥастара, түүлээх уонна сукуна кырадаһыннарынан тигиилэр, ону таһынан, тииҥ кутуругуттан, сылгы сиэлиттэн, таба тыһыттан уо.д.а. олус интэриэһинэй үлэлэр турдулар. Уонна бултка кэтиллэр кыһыҥҥы таҥастар, таба көлүүрэ дьон болҕомтотун тардыахтара.

Быыстапка Ем. Ярославскай аатынан түмэлгэ кулун тутар 25 күнүгэр диэри үлэлиэҕэ.