Киир

Киир

Кулун тутар 24 күнүгэр Опера уонна Балет тыйаатырыгар, саха биллиилээх модельера Августина Филиппова 25 сыллаах айар үлэтин бэлиэтиир дьоро киэһэтэ буолаары турар. Бу күн Августина Николаевна араас кэмҥэ айбыт кэллиэксийэлэрин ону таһынан, саха эстрадатын сулустара уонна мадьыаллар кыттыылаах саҥа кэллиэксийэтин аан бастакынан көрүөххүт.

Быйыл Саха сиригэр муода нэдиэлэтэ Августина Филиппова 25 сыллаах айар үлэтин чэрчитинэн ыытыллар. Муода нэдиэлэтигэр колледж устудьуоннарын үлэлэрин быыстапката, “Этнокультура и креативная экономика” диэн тиэмэҕэ төгүрүк остуол, 202-с түөлбэҕэ баар муус пааркаҕа “Ледовый подиум” кыһыҥҥы кэллиэксийэни көрүөххүт. Нэдиэлэ “Рождение легенды” диэн Августина Филиппова айар киэһэтинэн түмүктэниэ.

Дьоро киэһэм сүрүн тиэмэтэ – талаан. Хас биирдии киһи талааннаах дии саныыбын. Ону сайыннарыахха эрэ наада. Орто дойдуга туох эрэ сыаллаах-соруктаах, тугу эрэ айа-тута кэлбит аналлаах буоллахпыт”, – диэн Августина Филиппова кэпсиир.

Пресс-конференцияҕа Августина Николаевна “Ийэхсит” диэн саҥа хартыыната уонна сайылык ойуулаах фарфор иһитэ сүрэхтэннэ. Кини Муода дьиэтин подиумугар үөрэнээччилэрин үлэлэрин көрөр ыра санаалааҕын  эттэ. Оҕо сааһын саамай умнуллубат түгэннэрин кэпсээтэ. Кини талааныгар итэҕэйэн, ыарахан кэмнэригэр куруук аттыгар сылдьан күүс-көмө буолбут бар дьонугар махталын биллэрдэ.

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар