Сахалар бэйэлээх бэйэбит сирбитигэр билиҥҥээҥи диэри итэҕэлбит уораҕайа суоҕуттан хайдах эрэ итэҕэс курдук сананарбыт баар суол. Саха сиригэр саамай хотугу дацан, мечеть баар, атын да Таҥара дьиэлэрэ: православнай, католическай, протестанскай уо.д.а. бааллар. Оттон сахалар төрүт итэҕэлбит дьиэтэ диэн баар буолуохтаах дуу, суох дуу? Туох да диэбит иһин, хайа баҕарар религия бэйэтэ дьиэлээх-уоттаах, итэҕэллээхтэри түмэр сирдээх буоллаҕына күүстээх, ордук дьайыыылаах буолара өйдөнөр.
“Кыым” хаһыат сурутааччыларын күүһүнэн итэҕэл дьиэтин туттара сатыыр хамсааһыны тэрийбитин истэ-билэ сылдьар буолуохтааххыт. Хаһыаты суруппут дьон харчыларыттан бу Айыы Дьиэтин тутууга анаан сиэртибэлииллэр. Ону туоһулуур Дьаралык суругу туталлар. Кылааттарын киллэрбит ааҕааччыларбыт ааттара-суоллара туспа кинигэҕэ тиһиллэн үйэтитиллиэхтээх. Ити хаһыат эрэдээксийэтин санаатыттан буолбакка, норуот туруорсуутунан ыытыллыбыт хамсааһын. Син итэҕэл тула балай эмэ тэрээһиннэри, кэпсэтиилэри ыыттыбыт. Ону хаһыат ааҕааччылара суруйуулартан бэркэ билэллэр. Туймаада киэҥ киэлитигэр саатар биир Айыы Дьиэтэ дьэндэйдэҕинэ, духуобунай, өй-санаа өттүнэн өссө бигэ туруктаах буолуо этибит. Онуоха Дьокуускайбытыгар сир сыыһа көстүбэккэ, билиҥҥитэ бу боппуруос салгыҥҥа ыйанан турар. Оттон норуот бу Айыы Дьиэтин тутар туһунан туох санаалааххытый?
Наталья Захарова, эдэр исписэлиис:
— Айыы Дьиэтэ тутуллара саамай сөп дии саныыбын. Мин санаабар хас бирдии омукка сүгүрүйэр, кэпсэтэр, түмсэр, көрдөһөр сир хайаан да наада. Биһиэхэ оннук сир суох! “Итэҕэл, итэҕэл” диибит да, сааһылыыр, түмэр сир суох. Онон муммут кус оҕолорун курдук сылдьабыт...
Семен, Дьокуускай:
— Билиҥҥи бутуурдаах кэмҥэ итэҕэл сомоҕолуур күүстээх буоларын өйдүөх эрэ тустаахпыт. Айыы Дьиэтэ хайаан да наада. Саха омук быһыытынан сүтэн-симэлийэн хаалбаппыт туһугар сомоҕолоһор, түмсэр, сааһыланар сирбитинэн Айыы Дьиэтэ буолуохтаах. Айыы итэҕэлин чопчулаан, саха сайдар аартыгын арыйар кэм кэллэ.
Юлия Секова, ХИФУ уһуйааччыта:
— Шоу ыытыллар сиригэр кубулуппакка эрэ үлэлиэ диэтэллэр тутуллара наадалаах бөҕө буоллаҕа дии...
Афанасий Захаров, Мэҥэ Хаҥалас, суоппар:
— Тоҕо эрэ атын омуктар кэлэн аарыма Таҥара дьиэлэрин туталлар дии. Оттон биһиги бэйэлээх бэйэбит сирбитигэр баччааҥҥы диэри саатар биир итэҕэл тула түмсэр, куту-сүрү сааһылыыр сирэ суохпутуттан кыбыстыах, сонньуйуох санаам кэлэр. Итэҕэл судаарыстыбаттан туспа, ойуччу турар, оттон норуокка итэҕэл диэн саамай наадалаах, чугас буоллаҕа. Ол иһин атын омуктар Таҥара дьиэлэрин бары куолаан, түмсэн, сомоҕолоһон туталлар. Оттон биһиги хаһан сомоҕолоһорбут буолла? Дьиҥэ кэмэ кэллэ ээ... Айыы Дьиэтэ тутуллар түгэнигэр Дьокуускай куорат кырыытыгар буолбакка, Туймаада саамай көстөр сиригэр дьэндэйиэхтээх.
Анна Варламова, ХИФУ устудьуона:
— Кырдьыгынан эттэххэ, сахалар итэҕэлбит наһаа бутуурдаах курдук. Ким хайдах талбытынан айыылары ааттыыр, бары түҥ-таҥ туойаллар. Оттон ону сааһылыы иликкинэ дьон хайдах ылыныаҕай? Арай бэйэбит Айыы Дьиэлээх буоллахпытына сааһыланыа этибит буоллаҕа. Биир бэйэм Айыы Дьиэтэ тутулларыгар баҕарабын. Хайаан да сылдьан алгыс ылан, ыраастанан, куппун-сүрбүн бөҕөргөтөн ааһыам этэ. Итэҕэллээх омук бигэ тирэхтээх буоллаҕа дии. Оччоҕо ыччат куһаҕан дьаллыкка убаныыта да аччыа этэ. Тоҕо онтон биир эмэ кыахтаах саха киһитэ норуотун туһугар тутан хаалларбатый? Оччолоох буолуоҕу ыскайдыыллар дии...
Оттон эһиги санааҕытыгар Дьокуускай куоракка Айыы Дьиэтэ тутуллара наада дуо?