Ыам ыйын 18 күнүгэр Аан дойдутааҕы мусуой күнүгэр аналлаах тэрээһиннэр чэрчитинэн Национальнай уус-уран мусуой дьиэтигэр, “Кыптыый куттаах, сүүтүк сүрдээх – Августина Филиппова”диэн киэн туттар, ытыктыыр модельербыт Августина Николаевна Филиппова туһунан документальнай киинэ сүрэхтэниитэ буолан ааста.
Айылҕаттан талааннаах худуоһунньук-модельер айан-тутан таһаарбыт мааны таҥастарын Арассыыйаҕа эрэ буолбакка, омук дойдуларыгар тиийэ таһааран төрөөбүт дойдутун, норуотун, саха таҥаһын аатырдыан аатырдыбыта. Инньэ гынан, саха таҥаһын устуоруйатыгар ураты суолу-ииһи хаалларбыта диэтэхпинэ, бука, алҕаһаабатым буолуо. Августина Николаевна күн бүгүнүгэр диэри үлэлии-хамныы, айа-тута сылдар. Кини эдэр иистэнньэҥнэргэ, модельердарга сүбэлээн-амалаан күүс-көмө буолар.
Бу соторутааҕыта айар үлэтин 25 сыллаах үбүлүөйэ үрдүк таһымҥа буолан ааспыта. Ону таһынан, Национальнай уус-уран мусуойга быыстапката тэриллибитэ. Оттон киинэ туһунан этэр буоллахха, кылгас эрээри дьоһун, дьоруой айар үлэтин, иис эйгэтигэр бастакы улахан хардыыларын туһунан кэпсиир олус сырдык, кэрэ киинэ буолан тахсыбыт. Августина Николаевна хас биирдии үлэтэ туспа устуоруйалаах. Дьахтар оҕотун тоҕус ыйы быһа сүрэҕин анныгар илдьэ сылдьан киһи оҥорон күн сирин көрдөрөрүн курдук, кини үлэлэрэ эмиэ төһө эрэ кэм өйүгэр, сүрэҕэр иитиллэн, оннооҕор түүлүгэр кытта көстөллөр эбит. Айылҕаттан айдарыылаах киһи ситимэ буоллаҕа. Ону мустубут дьон олус сөхтүлэр.
Бу күн “Ситим” медиа-бөлөх дириэктэрэ Мария Христофорова, “Аврора” клиникэ дириэктэрэ Светлана Яковлева, Августина Николаевна кыыһа Елена Исакова уонна дьүөгэлэрэ, кини айар үлэтин сүгүрүйээччилэрэ муһуннулар. Киинэ кэнниттэн санаа атастаһыыта буолла. Манна социология билимин доктора, психология билимин хандьыдаата Ульяна Алексеевна Винокурова, Августина Николаевна мастарыскыайын Аан дойду таһымнаах креативнай экономика ханнык эмит көрөҥүн быһыытынан статус биэриэххэ наада диэн этии киллэрдэ. Оттон Августина Филиппова биир дойдулааҕа, дьүөгэтэ Татьяна Иннокентьевна Березина, Августина Николаевна СӨ бочуоттаах олохтооҕо буолуохтаах диэн санаатын эттэ. Ону таһынан, куоракка эмтэнэ кэллэҕинэ оҕолорун, сиэттэрин кытта икки хостоох кыбартыыраҕа олорорун, инньэ гынан, сынньанар усулуобуйата суоҕун бэлиэтээтэ. Түмүккэ “Ситим” медиа-бөлөх дириэктэрэ Мария Христофорова кэлбит дьоҥҥо махтанна уонна бу киинэ кэлэр көлүөнэҕэ хаалар соруктааҕын кэпсээтэ. “Кэлин биһиги оҕолорбут, сиэттэрбит Августина Филиппова айар үлэтин туһунан киинэ нөҥүө билсиэхтэрэ буоллаҕа. Айар бөлөх ис сүрэҕиттэн үлэлээбитэ өтө көстөр. Киинэ олус табыллыбыт. Онон көрөөччүлэр эмиэ үчүгэйдик ылыныахтара диэммин эрэнэбин. Национальнай уус-уран мусуой биһигини өйөөн биир ый курдук Августина Николаевна быыстапкатын тэрийбитэ. Дьон бөҕө кэлэн көрдө, олус истиҥ баҕа санаалар этилиннилэр диэн биһиэхэ тиэрдибиттэрэ. Онтон биһиги олус үөрэбит”, – диэн эттэ.
Венера Охлопкова, Александр Назаров хаартыскаҕа түһэриилэрэ