Киир

Киир

Иркутскай куоракка балаҕан ыйын 5-11 күннэригэр “Байкальский талисман” диэн I норуоттар икки ардыларынааҕы тыйаатырдар бэстибээлэ буола турар. Манна Саха сириттэн Үүнэр көлүөнэ тыйаатыра кытта сылдьар. “Кыһыл ойуун” испэктээк бэстибээли арыйда.

Бу бастакы норуоттар икки ардыларынааҕы бэстибээлгэ тоҕус тыйаатыр национальнай драматургияҕа испэктээктэрин көрдөрө кэлиэхтэрэ. Бэстибээл Былатыан Ойуунускай “Кыһыл ойун” диэн биһиги туруоруубутунан саҕаланна. Саала иһэ тобус толору үөрэнээччилэр. Оҕолор олус болҕомтолоохтук, интэриэһиргээн көрдүлэр. Дохсун ытыс тыаһын бэлэхтээтилэр. Артыыстар өрө көтөҕүллүүлээхтик оонньоотулар ”, – диэн тыйаатыр литэрэтиирэ чааһын салайааччыта Надежда Павлова иһитиннэрэр.

Испэктээк туруорааччы-режиссёра СӨ ускуустубатын үтүөлээх диэйэтэлэ  Карл Сергучев.

Бэстибээл Иркутскайдааҕы Вампилов аатынан үүнэр көлүөнэ тыйаатыр сыанатыгар үлэтин саҕалаата. Манна Иркутскай уобалаһыттан уонна Иваново, Бурятия, Саха сирэ куораттарыттан, Кореяттан уонна Монголияттан тоҕус тыйаатыр кыттар. Уопсайа 11 испэктээк кыттыыны ылыа.

ysia.ru/

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар