Киир

Киир

Алтынньы 29 күнүгэр Дьокуускай коракка Ем. Ярославскай аатынан түмэлгэ, “Вилюйская земля: уважая прошлое, творить будущее” диэн Саха АССР 100, Бүлүү куорат төрүттэммитэ 385 уонна судаарыстыбаннай диэйэтэл С.М. Аржаков төрөөбүтэ 120 сылыгар анаммыт быыстапка тэрилиннэ.

 Бүлүү улууһа 1930 сыллаахха тохсунньу 9 күнүгэр төрүттэммит. Бүлүү куората хотугу-илиҥҥи Азияҕа уонна Уһук-Илиҥҥи уокурукка саамай кырдьаҕас куорат буолар. Өрөспүүбүлүкэни аһылҕа гааһынан хааччыйар сүрүн улуус. Нэһилиэктэргэ олохтоохтор ордук тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктаналлар.

Бүлүү улууһуттан төрүттээх Саха сирин уһулуччулаах дьоно: Степан Максимович Аржаков, Степан Филиппович Гоголев, Гаврил Иосифович Чиряев, Иван Лаврентьевич Кондаков, Михаил Андреевич Алексеев, Марк Николаевич Жирков, Иван Михайлович Гоголев-Кындыл, Михаил Елисеевич Тимофеев. Ону таһынан, Сэбиэскэй Сойуус дьоруойдара: Алексей Афанасьевич Миронов, Николай Алексеевич Кондаков, Николай Саввич Степанов, өрөспүүбүлүкэҕэ бастакы Үлэ дьоруойа Петр Хрисанфович Староватов, Социалистическай Үлэ дьоруойдара Алексей Николаевич Черканов, Варвара Петровна Трофимова, Семен Митрофанович Васильев, Петр Иванович Протопопов уонна Прокопий Иннокентьевич  Быканов.

Быыстапкаҕа сэдэх үрүҥ көмүс киэргэллэри, XIX-XX үйэлэргэ туттуллубут мал-сал арааһын, өрөбөлүүссүйэ иннинээҕи түөскэ кэтиллэр бэлиэлэри, ону таһынан, 2-с гильдия атыыһыта, меценат Н.А. Расторгуев, судаарыстыбаннай диэйэтэл С.М. Аржаков, уопсастыбаннай уонна политическэй диэйэтэл, КПСС Саха сиринээҕи кэмитиэтин бастакы сэкирэтээрэ Г.И. Чиряев, бастакы идэлээх композитор М.Н. Жирков, норуодунай поэт И.М. Гоголев – Кындыл, Сэбиэскэй Сойуус дьоруойа Н.А. Кондаков уонна сахалартан бастакы социалистическай үлэ дьоруойа П.Х. Староватов тутта сылдьыбыт тэриллэрин көрүөххэ сөп.

Быыстапка сэтинньи 26 күнүгэр диэри үлэлиир.

VystavkaVilyuisk 2

VystavkaVilyuisk 3

VystavkaVilyuisk 4

Yakutia24/Якутия24

Бүтэһик сонуннар