“Ситим” медиа-бөлөх “Легенды Якутии” бырайыак чэрчитинэн, “Дар Богини Иэйиэхсит – 2020” диэн истиэнэҕэ ыйанар халандаары таһаарда.
“Легенды Якутии” бырайыак – бу саха култууратыгар, үгэһигэр сүҥкэн кылааты киллэрбит дьон айар үлэлэригэр анаммыт кэккэ тэрээһиннэр. Бастакы тэрээһин кулун тутар 24 күнүгэр буолбут, Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ, худуоһунньук-модельер Августина Филиппова айар үлэтин 25 сылыгар анаммыт “Рождение Легенды” диэн шоу-бырайыага буолар. Бу тэрээһин көрөөччүлэр үрдүк сыанабылларын ылбыта. Театрализованнай көрдөрүү туруоруута, аныгы цифровой технологиялары туһаныы, Горнай улууһун дьаһалтатын көмөтүнэн норуот маастардарын, модельердар, Августина Филиппова үөрэнээччилэрин, тыйаатыр уонна эстрада артыыстарын, хомусчуттар, олоҥхоһуттар, ону таһынан, үҥкүү ансаамбылларын, бүтүн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн муода тыйаатырдарын кыттыыта үрдүк таһымҥа ааспыта. Бу улахан үбүлүөйдээх тэрээһин түмүгэ “Дар Богини Иэйиэхсит – 2020” диэн халандаар буолан таҕыста. Манна Августина Николаевна араас сылларга таһаарбыт үлэлэрэ киирдилэр. Холобур, “Кырыа кыһын”, “Туймаада”, “Северянка”, “Хотун Бүлүү”, “Орто Дойду”, “Кыыс Амма”, “Лисица Дарица”,“Пшеничка”, “Долганочка”, “Небесная невеста”, “Хаар Үллүктэй” уонна “Кыыдаана”. Саха сирин кэрэ кыргыттара Наталья Строева, Влада Потапова, Дайаана Гаврильева уо.д.а. ураты кэллиэксийэни дьоһуннук көрдөрдүлэр.
“Легенды Якутии” бырайыак ааптара – СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Ил Түмэн дьокутаата Мария Христофорова. Халандаар ааптара – Нюрбина Николаева, хаартыскаҕа түһэрээччи, дизайнер – Дмитрий Ляшеев, халандаар сирэйин дизайна – Андрей Никифоров. Халандаары Бэчээт дьиэтиттэн (111 кэб.), “Горпечать” киоскаларыттан уонна биирдиилээн тарҕатааччылартан атыылаһыаххытын сөп.
Ыспараапка: Августина Филиппова – Саха сирин биллиилээх модельера. Августина Николаевна бастакы кэллиэксийэтин 1994 сыллаахха өрөспүүбүлүкэтээҕи бэстибээлгэ көрдөрбүтэ. Манна Гран-при аатын ылбыта. Кини ураты талаанын 2000 сыллаахха Канныга ыытыллыбыт дизайнердар саҥа кэллиэксийэлэрин көрдөрүүтүгэр үрдүктүк сыаналаабыттара. Бу тэрээһини “Русский силуэт” аһымал пуонда тэрийбитэ. Билигин Августина Николаевна сыл аайы ыытыллар муода бэстибээллэрин, өрөспүүбүлүкэ модельердарын ортотугар ыытыллар куоҥкурустары көҕүлээччи уонна тэрийээччи буолар. Августина Филиппова айар үлэтин көмөтүнэн атын омук дьоно Саха сирин култууратын, устуоруйатын, үгэтэрин кытта билсэр кыахтаннылар.