Киир

Киир

Эбээн, эбэҥки, долган, чукча уонна юкагир тылларынан диктаны Национальнай бибилэтиэкэҕэ олунньу 20 күнүгэр 18 ч. суруйуохтара.

Диктант тиэкиһин төрөөбүт тылларынан саҥарааччылар, Гуманитарнай институт билимҥэ үлэһиттэрэ ааҕыахтара. Бу аахсыйаҕа ким баҕалаах кыттыан сөп. Маныаха хас биирдии кыттааччыга нүөмэр биэриэхтэрэ, онон ааттарын ыйбакка кыттар кыахтаныахтара. Диктаҥҥа кыттыбыт дьоҥҥо барыларыгар сэртипикээт биэриэхтэрэ. Диктант түмүктэрин Национальнай бибилэтиэкэ саайтыгар таһаарыахтара.

Санааҕын суруй