Киир

Киир

Ааспыт субуотаҕа, олунньу 22 күнүгэр, Б. Ойуунускай аатынан Саха академическай тыйаатырыгар “Сүрэхпинэн” диэн Кылаан Кындыл маҥнайгы айар киэһэтэ буолан ааста.

Саха тыйаатырын киирииттигэр сахалыы таҥнан-саптан эдэркээн оҕолор кымыһынан уонна алаадьынан күндүлүү көрсүбүттэрэ олус долгутуулаах этэ. Аны туран, саала иһэ -- тобус-толору киһи. Биллэр салайааччылар бааллар. Өрөспүүбүлкэ араас муннугуттан дьон бөҕөтө кэлбит. Аны туран, Кылаан Кындыл айар үлэтин аҕа саастаах дьонтон кыра оҕоҕо тиийэ бука бары сөбүлүүллэр эбит. Кырачаан көрөөччүлэр киниттэн бириис кытары туппуттара. Ыччаттар эмиэ сөбүлээн истэллэрин, ырыатын тэҥҥэ ыллаһа олороллорун наһаа биһирээтим. Онтон биһиги, аҕа саастаах дьон, мааны, ураты куоластаах уолбут ылбаҕай, ураты ырыатын үөрэ-көтө иһиттибит, тэҥҥэ ыллаһан улаханнык дуоһуйдубут. Өссө биири эттэххэ, кини олус баай тыллаах-өстөөх киһи эбит. Тус бэйэм ону олус сөбүлээтим. Атын кэнсиэрдэргэ үөрэхтээх ыытааччылар иилиир-саҕалыыр буоллахтарына, бу киэһэни Кылаан Кындыл бэйэтэ этэн-тыынан, кэпсээн-ипсээн, оонньотон, арыт ардыгар күллэрэн бэркэ ыытта. Эчи, сыанаҕа көстөрө да көрүөххэ үчүгэйин! Таҥас-сап да барсар мааны оҕото эбит.

Маны таһынан дьоро киэһэни Бүлүүттэн төрүттээх эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев, Айыллаана Степанова, Мичил Моисеев, балта, опера ырыаһыта Мария Михайлова бэркэ киэргэттилэр. Маны таһынан “Күн Өркөннөр” былааһы ылыахтарын ыллылар. Наһаа үчүгэй кэнсиэргэ сынньанныбыт диэн сүрдээҕин астынныбыт! Кылаан Кындыл айар үлэтигэр ситиһиини, дьиэ кэргэнигэр доруобуйаны, истиҥ тапталы баҕарабыт!

Наталья Эверстова, Дьокуускайтан уонна кини дьүөгэлэрэ.

Санааҕын суруй