http://kyym.ru/sonunnar/ajymny/4744-alaady-olokhkho-buolbuttan-kepseen Ааҕан, толкуйдаан бараммын санаабын суруйуохпун баҕардым. Айымньы суруллубут тыла-өһө, мин курдук нуучча киһи ымсыырыах, уу сахалыы. Бастакы строкаалартан ааҕан иһэн, ааптар аатын билбэккэ да олорон, тылы баһылаабыт киһи суруйбутун сонно тута бэлиэтии көрдүм. Кыра оҕо тулалыыр эйгэтин хайдах ылынара, кини ыраас хараҕынан дойдутун ыарахан кэмин тус көрүүтэ ааптарынан итэҕэтиилээхтик ойууламмыт. Ол да буоллар, киһи хараҕа иҥнэр өоүттэрэ бааллар. Холобура, дьоруойбут куттанар биригэдьиирин хантан билэрий, ханна көрбүтүй, тылын-өһүн ханна истибитий? Оҕо номнуо холкуоска үлэлии сылдьар дуо? Ийэтэ сыппыта ырааппыт буоллаҕына, тоҕо биригэдьиирдэрэ дьахтар өлөрүн эрэ саҕана биирдэ кэлэн дьиэлэрин таһыгар атыттан түһэрий? Ол иннинэ оҕо оннук түгэни көрө илик курдук суруллубут. Баҕар улахан суолтата суох деталь диэххит - манна быһаарабын: ааптар этэринэн оҕо өйүгэр "байыаннай балаһыанньа" кэмигэр бары систэрин көннөрбөккө үлэлиэхтээхтэр диэн. Олор ахсааннарыгар дьоруойбут бэйэтин эмиэ киллэрэ сылдьар курдук өйдөбүл бэриллэр. Ол аата бу оҕо ханна эрэ үлэлиир дуу, сатаан үлэлээбэт буолбут ийэтин солбуйар дуу буолуохтаах, мин саныахпар.
Үөһэ этиллибитин курдук кэпсээн тыла-өһө мааны. Ол эрэн, онтуката, бу айымньы киһи сүрэҕин-быарын ортотунан ааспатын биир төрүөтэ буолуон сөп дии санаатым. Кэпсээн конфлигын развязкатыгар чугаһаан баран ааптар аһары "поэтическай" тылыгар-өһүгэр (изысктарыгар) "батыллан" хаалар. Дьоруойун өлөрүөхчэ өлөрбөт диэбит курдук. Проза диэн, мин саныахпар, ааттыын проза.
Өссө биир итэҕэппэтэх өрүтэ диэн - второстепеннай дьоруойдар аһары "второстепеннайдар". Холобура, сүрүн дьоруой ийэтин дьүөгэтэ "киирэн, көрсөн баран тахсар" диэн өйдөбүл бэриллибит. Тахсарыгар уолга күөл уҥуор олорор ыалы ыйар. "Киирэр уонна тахсар" буоллаҕына чугас олорор буоллаҕа дуу? Оччоҕуна тоҕо атын дьону өрүһүйээччи быһыытынан ыйда, бэйэтигэр ыҥырбата, дьүөгэтин тыынын тугунан эмэ салҕаабата? Барбытын кэннэ хоргуйбут ийэлээх оҕо аан тириитин сии сатыыллара кэпсэнэр.
Биригэдьиирдэрэ эмиэ, таах девизтарынан эрэ саҥара-саҥара атынан көтүтэ сылдьар киһи курдук характеристикаламмыт. Ама, өлөн эрэр дьахтары көрөн туран, туох эмэ толкуй төбөтүгэр түспэт дууһата буоллаҕай?
Онон, мин саныахпар, бу кэпсээни өссө чочуйар уонна тупсарар кыах да, киэп да баар. Төһө даҕаны "олоххо буолбут" түбэлтэтин иһин, өскөтүн уус-уран айымньы буолар соруктаах буоллаҕына, тугун эрэ күүһүрдэн (гиперболалаан), биитэр намтатан (литоталаан) биэрэн ааҕааччыны хараҥаҕа сүппүт кырдьык иннигэр туруоран эрэ кэбиспэккэ, туох эрэ түмүккэ угуйары оҥордоххо ордук буолаарай диэн баҕа санааттан суруйдум.
Анатолий Слепцов 29.04.2020 с.
ЫРЫТЫЫ БААРА ҮЧҮГЭЙ
"Чолбоҥҥо" бэчээттэммит "Алаадьы" кэпсээммэр ааҕааччылар бэйэлэрин санааларын элбэхтик тиэрдэн эрэллэр. Көннөрү ааҕан баран аһаран кэбиспэккэ, кэпсэммит түгэн туһунан дьон толкуйдуура, мөккүһэрэ, айымньы суолтатын ырытан көрөрө - бары өттүнэн туһалаах эрэ буолуохтаах.
Кэпсээммин "олоххо буолбуттан кэпсээн" диэн чопчулаабытым. Итиннэ оҕо ыалдьан сытар ийэтигэр алаадьы илдьэн иһэн, дьиэтин таһынааҕы сыыры кыайан тахсыбакка өлбүтэ - баар кырдьык. Бу түгэни миэхэ Иннокентий Гаврильев - Добун суруйааччы түөрт-биэс сыллааҕыта кэпсээбитэ. Бэйэтэ кылгас поэма суруйбут этэ.
Сэрии кэмигэр саха дьонун олоҕор итиннээҕэр буолуох ыар түгэннэр буолан ааспыттарын туһунан элбэх кэпсээни истэн, ааҕан кэллэҕим эрээри, ол оҕо муҥнаах дьүһүлгэнэ өйбүттэн-санаабыттан арахпакка, бу сыллар тухары миигин кытта сылдьыста. Бастаан поэма суруйаммын бу оҕоттон бэйэм куппун-сүрбүн босхолообут киһи дуу дии санаан баран, Добун поэматын таһынан өссө иккиһи суруйар төһө сиэрдээҕий диэн тохтообутум. Онон, итинник кэпсээн буолан таҕыста. Оҕо илиитигэр алаадьы тутуурдаах быстыытыттан атына барыта - дьэ бэйэм суруйааччы быһыытынан өйбүттэн төрөтөн таһаарыым буолар.
Кэпсээҥҥэ ойууланар "кутталлаах биригэдьиир" - сэрии кэмигэр сүөһү өллөҕүнэ түрүлүөнү тардар - киһи өллөҕүнэ буолуохтаах курдук ылынар; кутуйах хасааһын булуу, хонууга хаалбыт туораах бурдугу хомуйуу иһин дьоннорун хаайыыга ыытарга тиийэ киһилии сиэрдэрин сүтэрбит бары бэрэссэдээтэллэр, биригэдьиирдэр хомуллубут дьүһүлгэннэрэ. Итинник салайааччылар баар буоланнар ол ыар кэмнэргэ саха омуга уоттаах сэриигэ баран өлбүт дьонунааҕар элбэх дьонун бу ыраах тыылга олорон сүтэрдэҕэ. "Хайдах бу өлөөрү сытар үлэһитин туһугар тугу да оҥорбот биригэдьиирий?" диэн билиҥҥи ыччат, ону да Аҕа дойду сэриитин остуоруйатын үөрэппэтэх эрэ оҕо этиэн сөп дии саныыбын.
"Үчүгэй бэрэссэдээтэллээх буолан тыыннаах ордубуппут" диэн дьон махталын аныыр салайааччылара эмиэ бааллара. Ол эрэн бурдугу түҥэтэн, сүөһүнү өлөрөн дьонун быыһаабыт төһөлөөх оннук үтүөкэн салайааччы дьон бэйэтин үҥсүүтүнэн хаайыылаах буолар дьылҕаны билбитэй, үгүстэрэ онтон төннүбэтэхтэрэ. Билигин да олох обургу онно-манна тиэртэҕинэ, алдьархай да адаҕыйан кэллэҕинэ, салайааччы дьонун харыстыыр туһугар хорсун быһыыны оҥорор майгыланыа, оттон киһи - киһи кэнниттэн сылдьан үҥсэн-харсан үөһэ турааччыларга үтүө буола сатыыр киэбин хаалларыа дуо? Дьэ өссө ынырык кыыллыы майгы ситэн-сириэдийэн тахсар дуу?
"Дьонум турар кыахтара суох сыталлар. Тахсан көрөн миэрэтэ ылыҥ" диэн кэм да киһилии салайааччы үөһэ уорганнарга тыллабыр киллэрэр эбитин Национальнай архыып сэрии кэминээҕи докумуоннарыгар булан ааҕыахха сөп. Арай "хоргуйан" диэн тылы, бобуулаах буолан, туттубаттар эбит. Хабыр кэм дьон бэйэ-бэйэтигэр сыһыанын тургутар. Ыарахан кэмҥэ төһө кыалларынан харыстаһан, сарын-сарыммытыттан өйөһөн эрэ олордохпутуна уһун уоппутун оттуохпут диэн өйдөбүлү, сиэри-майгыны ыччаппытыгар иитиэхтээхпит. Ону суруйааччы учуутал курдук "оннук куһаҕан, маннык үчүгэй" диэн үөрэппэккэ, күүстээх айымньылар нөҥүө дьон кутугар-сүрүгэр олохсутара - уран сурук чыпчаал соруга дии саныыбын.
Сэрии сылларыгар хоргуйуу туһунан сэбиэскэй кэмҥэ, өйдөнөр төрүөтүнэн, суруйааччылар тумнан кэллэхтэрэ. Аныгы уран сурукка ити кэми Сэмэн Маисов сиһилии суруйан, күүскэ уонна долгутуулаахтык арыйан көрдөрдө диэн махталлаахпын. Анатолий Слепцов "Быков мыс" диэн Россия таһымнаах бириэмийэни ылбыт кэпсээнигэр аччык дьылга саха ыала эһээхэй оҕолорун дьулайыгар иннэни анньан өлөрөллөр этэ диэн киһи дьулайар быһыытын-майгытын суруйбута. Кырдьык, норуоттара тугу тулуйан, туораан кэлбитин билбэт дьоҥҥо - киһи итэҕэйиэ суоҕун курдук чахчы.
Алта-сэттэ саастаах сылдьан оҕустарын баһын кыайбакка, кини ханна сиэлийбит сирин диэки баран сарк гына охтон түһээхтии сылдьыбыт холкуос үлэһитэ оҕолортон - билиҥҥи тыыл бэтэрээннэриттэн бэйэм да элбэхтик ахтыы ылан, кэпсииллэрин истэн кэллим. Онон алталаах-сэттэлээх оҕолор холкуос үлэтигэр тардыллыбыттара баар суол. Итини эмиэ, билиҥҥи, сэттэлээх оҕотун айаҕар аһылыгын хамыйаҕынан уган биэрэр идэлээх эдэр төрөппүт эрэ итэҕэйиэ суоҕун сөп.
"Дьүөгэтэ тоҕо бэйэтин дьиэтигэр илдьибэтэ?" диэн мунаарар ааҕааччы - суруйааччы Анатолий Слепцов баар эбит. Холкуостаах дьахталлар эрэйдээхтэр атахтарыгар туралларын тухары икки хараҥаны тэҥнээн, атын киһини көрөргө-харайарга күүс-сэниэ тиийбэт, үллэстиэхтэрин иһин, бэйэлэрин ыстыырдара ахсааннаах күҥҥэ ааҕыллан турар үлүгэригэр сырыттахтара эбээт. Хата, кыл түгэнигэр да буоллар, дьонноох сиртэн тэйиччи соҕус турар (50-с сылларга барбыт бөдөҥсүтүүгэ диэри саха ыала тэйиччи-тэйиччи олорор үгэһэ баар этэ) дьүөгэтин балаҕаныгар үлэтин быыһыгар сүүрүүнэн кэлэ сылдьыбыт дьахтар баар буолуохтаах диэн кинини киллэрбитим уонна күөл нөҥүө олорооччу - нуучча оһохтоох, өстүөкүлэ түннүктээх сэниэ ыалы оҕоҕо ким эрэ ыйан биэрэригэр дьүөгэ эрэ киирэ сылдьара тоҕоостоох буолан, кэпсээним бэйэтэ итиннэ иэҕэн аҕалбыта. Ойоҕос дьоруойдары сиһилии сатаан, кинилэргэ аат-суол да биэрэр, ханан олороллорун, кимнээх буолалларын дириҥээн билиһиннэрэр да бу кэпсээн ис хоһоонугар тугу да эппэт, таах ыаратан, кээмэйин уһатан эрэ кэбиһэр кыахтаах. Поэттар хас биирдии этиигэ эрэ буолбакка, тылга, дорҕооҥҥо "экономиялыыр - кэмчилиир" идэни иҥэриммит дьоммут. Проза эрэ диэн уһуу-тэнийэ сатыы олорор туһата суох дии саныыбын.
Оҕо өлөр түгэниттэн атыны бэйэм суруйааччы быһыытынан "төрөттүм" диэтим эрээри, дьиҥэ, тугу да халлаантан ылан суруйбатым. Эргэ уҥуоҕу хос-хос оргутан "мииннээн иһии", аан тириитин буһаран сиэһин - барыта олоххо буолбут чахчылар.
Медик идэлээх дьон оҕо уонна ийэ өлүүлэригэр "итэҕэтиитэ суох, итинниккэ киһи бу курдук тыына быстыбат" диэхтэрэ диэн сэрэнэр этим эрээри, хата, аахпыт эмчиттэр өттүлэриттэн ити өттүгэр тутуһан көрүү бу түгэҥҥэ диэри суох буолан биэрдэ.
Поэттар прозаҕа кэлиилэрэ - проза эмиэ уус-уран суруйуу буоларын өйдөтөр, прозаны күүһүрдэр уонна киэргэтэр көстүү буолар диэн этэн турардаахтар. Онон мин уран тылы төһө кыалларынан саха кэпсээнигэр киллэрдэрбин диэн соруктаах бүгүҥҥү күҥҥэ айар-суруйар бөрүөбүн тутан олоробун. Хата, "куһаҕан үчүгэйдээх" диэбиккэ дылы, бу дьаҥ миэхэ онно кыаҕы биэрдэ. Кэпсээн жанрыгар урукку өттүгэр эмиэ айымньылардаах этим эрээри, балайда кэмҥэ тохтуу сырыттым. Онон "илиини имитэ" таарыйа суруйбут "Алаадьым" аҕыйах хонук иһигэр элбэх дьон санаатыгар-оноотугар киирбититтэн, сүрэҕин долгуппутуттан, хараҕын уутун таһаарбытыттан дьоллоохпун.
САЙА