Бэҕэһээ Айсен Николаев брифинг кэмигэр быйыл Аанньаах сиригэр ыытыллыахтаах Олоҥхо ыһыаҕын көһөрөр туһунан этии киллэрбитэ.
Ил Дархан этиитин Өлүөхүмэ улууһун баһылыга Николай Харбин өйөөбүт, инньэ гынан, быйылгы ыһыах буолбат буолла.
“Дьон доруобуйата, олоҕо хаһан баҕарар инники күөҥҥэ турар. Биһиги өссө ааспыт нэдиэлэҕэ Ыһыаҕы атын форматынан ыытар туһунан көрбүппүт. Ол эрээри, бүрүүкээбит эпидемиологическэй балаһыанньаннан сибээстээн, онтон эмиэ аккаастанар буоллубут”, - диир улуус баһылыга.
Билиҥҥитэ Өлүөхүмэҕэ коронавирустан 3 киһи эмтэнэр, үһүөн ыарыыны туох да биллэр симптома суох, чэпчэкитик аһарыналлар. Улуустааҕы киин балыыһа инфекционнай салаатыгар коронавирустаабыт ыарыһахтарга анаан 12 куойканы бэлэмнэбиттэр. Маны таһынан, 100 миэстэлээх обсерватор бэлэмнэммит. Билигин улуус территориятыгар үлэлиир бырамыысалыннастаах тэрилтэлэри кытары ыкса үлэлэһэллэр.
Балаһыанньаттан көрөн былааннаммыт бөдөҥ тэрээһинэри тохтотон эрэр үгэс биһиэхэ уруккуттан баар. Холобур. Аммаҕа халаан уутуттан сибээстээн аха сирин норуоттарын оонньууларын көһөрөн тураллар. Онон, өлүөхүмэлэр хамсык бүттэ да, өссө күүскэ бэлэмнэнэн үрдүк таһымнаахтык ыытыахтара диэн эрэнэбит.