Киир

Киир

2020 сыл ахсынньы ыйыгар диэри Саха сиригэр 7 оскуола уонна 8 уһуйаан үлэҕэ киириэхтээхтэр.

СӨ Үөрэҕин министиэристибэтин саайтыгар, Дьокуускайга икки эбийиэк тутулла турар, маны таһынан Томпоҕо, Кэбээйигэ, Мэҥэ Хаҥаласка, Үөһээ Бүлүүгэ уонна Бүлүүгэ улуустарыгар тутуулар бара туралларын туһунан иһитиннэрии баар.

Дьокуускай куоракка бу сыл бүтүөр диэри 203-с микро-оройуоҥҥа 360 миэстэлээх оскуола уонна 31-с №-дээх оскуола эбии тутуута үлэҕэ киириэхтээхтэр.

Томпо улууһун Хаандыга бөһүөлэгэр 220 оҕоҕо анаммыт элбэх хайысхалаах гимназия, Бүлүү Тааһаҕарыгар 80 миэстэлээх оскуола, Үөһээ Бүлүү Тамалакааныгар 145 миэстэлээх оскуола-саад, Кэбээйи Лүксүгүнүгэр 53 оҕоҕо анаммыт оскуола-саад уонна Мэҥэ Хаҥалас Хаптаҕайыгыар 35 миэстэлээх уопсай уонна оскуола иннинээҕи үөрэхтээһин эбийиэгэ арыллыахтара.

Нам Бүтэй-Үрдэ сэлиэнньэтигэр 50 миэстэлээх уһуйаан үлэҕэ киириэҕэ. Маннык уһуйаан Өлүөхүмэ Үҥкүрүгэр арыллара күүтүллэр. 35-тии миэстэлээх уһуйааннар Ньурба Маарыгар уонна Томпо Новай сэлиэнньэлэригэр тутуллаллар. Маны таһынан, Сунтаарга, Ньурбаҕа, Уус Маайаҕа уонна Дьокуускайга уһуйааннар арыллыахтара.

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар