Киир

Киир

Бу күннэргэ саха норуота сөбүлээн ааҕар поэта Н.В. Михалева-Сайаны “норуодунай гынар уолдьаста” диэн туруорсан, илии баттааһын хампаанньата тэриллибитин туһунан күүскэ тарҕанна. Онуоха Сайа хардатын инстаграмҥа тус сирэйигэр санаатын сиһилии суруйда. Ону хайдах баарынан ааҕаргытыгар ыҥырабыт.

САЙА ЭТЭН ЭРЭБИН


Тиийэн кэлбит олунньу –
Сонунуҥ, дьэ, соһуччу!
Социальнай ситимнэргэ "Сайалыын бииргэ" диэн миигин "Саха норуодунай поэта" диэн аакка түһэрэргэ дьонтон-сэргэттэн илии баттааһын хомулларын туһунан ис сүрэхтэн суруллубут Ыҥырыы тарҕанан эрэр.Илии баттааһынын билигин үксүгэр айылҕабытын харыстыырга, кими эрэ көмүскүүргэ диэн хомуйабыт, бэйэм да иилэһэр-саҕалаһар, кыттыһар түгэннэрим. Онтон киһиэхэ үрдүк ааты биэриигэ дьону-сэргэни туруоруу диэн урукку өттүгэр фронтовик-поэт, "Суох буоллун сэрии...", "Аахса барбаппыт атын омук диэн..." диэн саха норуота бүттүүнэ ыллаабыт ырыаларбыт ааптара, поэт Степан Тимофеевка тахса сылдьыбытын өйдүүбүн.
Бу сырыыга тустаах киһиэхэ, миэхэ, биир өттүнэн, айар үлэм ааҕааччы сүрэҕэр кырдьык тиийбит буолан, бэйэлэринэн кыһаллар дьон, бөлөхтөр баар буолбуттар диэн махталлаах санаа уһуктар; иккис өттүнэн, аата-суола суох олус эрэйдэммит киһиэхэ маарыннаан хааллым диэн кыбыстыылаах санаа иэдэспин ититэр.
Былырыын Айар Сойуустар илии баттааһыннаах сурук "Кыымҥа" эмиэ тахса сылдьыбыта, "норуодунай поэт" аакка түһэриллэр докумуон хомуллан, салгыы көрүүгэ киирбитэ. Ол эрээри ити туруорсуу норуодунайдар ортолоругар сөптөөх куолаһы ылбатаҕа. Ылбата да эрдэттэн биллэр этэ.
СӨ Ил Дархана Егор Борисовка тэлэбиидэнньэҕэ үөскээбит түгэни кэпсэтэ киирэ сылдьыбыппын санаан кэллим. Онно литератураҕа эмиэ иэҕиллэн ылбыппытыгар кини Егор Неймоховка норуодунай ааты биэрии олус уустук этэ, диэбитэ. Бу кабинекка итиннэ (ыйан көрдөрбүтэ) Наталья Харлампьевалаах киирэн олорон кини бу ааты хайдах да ылар кыаҕа суоҕун туһунан сүрдээх кытаанах тыллары эппиттэрэ. Онно мин Егор Неймохов айар үлэтин билэр буолан, кини курдук үлэлиир суруйааччы да баарын билбэппин диэммин, бэйэм тус дьулуурбунан норуодунай ааты бэрдэрбитим диэн эппитэ. Итини ыйыттахха, сенатор бигэргэтэрэ буолуо диэн суруйдум. Онон, ааты эрдэ ылбыт дьон бу аат бэйэлэрин сөбүлүүр дьонноруттан атыҥҥа бэриллэриттэн олус дьаарханаллар, онно киирии "аанын" кыраҕытык маныыллар-кэтииллэр эбит.
Дьиҥэ, норуодунай дуу, атын ханнык эрэ үтүө ааты дуу ылыыттан суруйааччы дьоҕура-талаана сайдан, туруга тупсан кэлбэтэ буолуо. Оннук буолбат да быһыылаах, көрө сырыттахха. Арай, суруйааччы аатыгар эбии доҕуһуол, күүһүрдүү буолара, "бу улахан киһи сылдьар ээ" дэтэн, айымньытын аахпатах да киһи кинини үрдэтэ, сүгүрүйэ көрөрүгэр суолталааҕа дуу?
Аакка-суолга дьулуһуу ханнык да киһини киэргэппэт. Арай, 50 сааспын көрсө мин "култуура үтүөлээх үлэһитэ" аакка дьулуспутум. Култуураҕа үлэлээбитим да син хоруйдаһар курдуга уонна үйэм тухары кыра хамнаска сылдьыбыт киһи, биэнсийэбэр аҕыйах солкуобай эбиллиэн баҕарбытым. Бары илии баттыахтаах инстанцияларга "Сайа хайдах баччааҥҥа диэри үтүөлээҕэ суох сылдьарый" диэн сөхпүттэр этэ, арай, бэйэм Сойууспар докумуон илии баттанан быстыбатаҕа дьикти этэ. Билигин сэрэйдэхпинэ, үтүөлээх ааттаннаҕына норуодунай буолуо, онтон Сойуус бэрэссэдээтэлигэр анньыһыа диэн сэрэнии баар эбит.
Норуодунай диэн аат -- дьон-норуот таптала диэн өйдөбүлү этэр. Суруйааччы бу ааты дьон сүрэҕиттэн ылыахтаах. Билигин ити тахсыбыт норуот хамсааһына норуодунай ааты биэрии, иҥэрии сиэрин-туомун, быраабылатын кытта дьон-сэргэ сөбүлэспэтин көрдөрөр. Онон ылыы быраабылатын, кырдьык, уларытар уолдьаспыт. Ити соҕотох мин туспар буолбатах, уус-уран сурукпут харгыһа, хаппаҕа, туоратыһыыта, туорайдаһыыта суох чэбдиктик-чэгиэнник сайда турарын туһугар диэн этэбин.
Онтон мин түөрт буукубанан бэлиэтэнэр САЙА диэн кылгас аатым эбии күүһүрдүүнү, доҕуһуолу ирдээбэт. Онто суох сөптөөҕүн биллэр, дьон-норуот бүттүүнүн да буолбатар, ханнык эрэ араҥатыгар истиҥник биһирэнэр диэн билэбин.
"Сайалыын бииргэ" хамсааһыны кимнээх таһаарбыттарын сэрэйэн билиэх курдукпун, онтон ол долгуҥҥа ис сүрэхтэриттэн кыттыһан, сүүрэн-көтөн эрэр дьону билбэппин. Барыгытыгар үгүрү-сүгүрү, нөрүөн-нөргүй, барҕа махтал буолуохтун! Илии баттааһынын хомуйууну тохтотуохха диэн үҥэн-сүктэн көрдөһөбүн, бука диэн баалаамаҥ!


САЙА.