Киир

Киир

Саха сирин Национальнай библиотекатыгар быһа эфиринэн «Оҕолорго» диэн сэттэ араас омук тылынан тахсыбыт остуоруйа хомуруунньугун сүрэхтээтилэр. Айымньы ааптара – нивх омук литературатын уонна азбукатын төрүттээччи Владимир Санги.

11 остуоруйаттан турар хомуруунньугу «Айар» кинигэ кыһата, Хотугулуу Илиҥҥи федеральнай университет, Хотугу аҕыйах ахсааннаах омуктар ассоциациялара, «Сахалин Энерджи» АУо, Саха сирин национальнай библиотеката итиэннэ Ногликтааҕы киин библиотечнай систиэмэ бэчээккэ бэлэмнээн таһаардылар. Айымньы сэттэ араас омук тылынан: саха, нуучча, эбэҥки, дьүкээгир, англия, дьоппуон уонна нивх тылларынан суруллубут.

Хамсыгынан сибээстээн, хомуурунньугу онлайн эрэсииминэн сүрэхтээтилэр, онно аан дойдуга киэҥник биллибит суруйааччы төрөөбүт Ноглики бөһүөлэгиттэн, Сахалин уобалаһыттан холбонон тэрээһиҥҥэ кытынна.

“Мин үбүлүөйбэр анаммыт тэрээһиннэргэ Саха сирэ кыттыбытыгар махталым муҥура суох. Саха сирин кытары мин дьылҕам ыкса ситимнээх. Бастакы кэлиибэр мин олох уу нуулдьаҕай оҕо ыччат этим, оччоллорго да мин айар үлэбэр олус болҕомтолоохтук Амма Аччыгыйа уонна Суорун Омоллоон сыһыаннаспыттара. Оттон Савва Тарасов миигин аатырбыт худуоһунньугу Афанасий Осиповы кытта тиксиһиннэрэн, ыраах алаастары көрөн, кэрэхсээн, иэйии иҥэрэн кэлбиппитин билиҥҥэ диэри күндүтүк, сылаастык саныыбын. Ол сылдьан мин хайдахтаах курдук маннык ыраах уһук, тыйыс айылҕалаах хотугу сиргэ саха норуота омук быһыытынан олохсуйан, үйэлэри туораан, баччааҥҥа диэри ураты олоҕун тутан кэлбитин сөҕө махтайбытым”, диэн суруйааччы кэпсээбит.

Айымньы сүрэхтэниитигэр Саха сирин былаастарын бэрэстэбиитэллэрэ, аҕыйах ахсааннаах хотугу омуктар бас-көс дьонноро, айар интеллигенция тумус туттар дьоно уонна суруйааччы тус доҕотторо көхтөөх кыттыыны ыллылар.

Хомуурунньук араас тылынан тахсыбытын эрэ буолбакка, айымньы оҕо-аймахха нивх омук литературата ураты духуобунай сыаннас буоларын мустубут ыалдьыттар бэлиэтээтилэр.

Сотору кэминэн Владимир Санги талыллыбыт айымньыларынан өссө биир хомуруунньук таҥыллан тахсарын туһунан үтүө сонуну «Айар» кинигэ кыһата иһитиннэрдэ.