Сунтаар сэлиэнньэтиттэн түөрт көс ыраах сытар Бордоҥ нэһилиэгэ ССРС кэмнэригэр киэҥ-куоҥ кулууптааҕынан аатырара.
Билигин инньэ 60-с сыллар бүтүүлэригэр тутуллубут кулууп биллэ эргэрдэ.Самнархай тутуулаах тэрилтэ бэрт дьаныардаах үлэһиттэрдээх буолан, тигинэччи үлэлии олорор. Василий Спиридонов дириэктэрдээх Бордоҥ кулууба нэһилиэнньэни күүскэ түмэр кыахтаах, уоттаах-күөстээх үлэлээх.
Сунтаар улууһун салалтата Бордоҥҥо култуура дьиэтэ эргэрбитин учуоттаан туран, саҥа кулууп тутуутунан дьарыктанна. Тутуу «Основа» тэрилтэҕэ сүктэриллибит. Билиҥҥитэ, дьиэ сыбаайалара эрэ көстөллөр.
Олохтоохтор быйыл кулуубу тутуу тэтимнээхтик барыа диэн бүтэйдии эрэнэллэр. Оннук эрэ буоллун.
Станислав Алексеев. Мииринэй куората.