Киир

Киир

Саха сирин былаастарын өйөбүллэринэн сүтэн эрэр ойуур дьүкээгирдэрин тылларынан бастакы букубаары бэчээттиэхтэрэ. Бу туһунан Арассыыйа норуоттарын төрөөбүт тылларыгар федеральнай институтун дириэктэрэ, бэрэпиэссэр Лариса Маршева иһитиннэрбит.

"Быйыл аан бастакы ойуур дьүкээгирдэрин тылынан букубаар күн сирин көрүөҕэ. Кинилэр тылларын лингвистэр "утуйбут", сүтэн эрэр тыл дииллэр. Ойуур дьүкээгирдэрин тылын баара-суоҕа 29 оскуола оҕото үөрэтэр", — диэн Маршева кэпсээбит. Дьүкэгиирдэх Халыма өрүс тардыытынан, Чукуоткаҕа уонна Магадан уобалаһыгар тарҕанан олорор аҕыйах ахсааннаах хотугу омуктар. Кинилэр туундара уонна ойуур дьүкээгирдэрэ диэн арахсаллар, тыллара, култууралара, олохторо-дьаһахтара уратылаһар. 

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар