Самаан саҕаланыыта, бэс ыйын күөх сирэмин ортотугар, Казань куоракка “Земледелие” дыбарыаһыгар үөрүүлээх быһыыга-майгыга, Саха сирин маастардарын үлэлэрин көрдөрөр былаһаакка арылынна. Бу тэрээһиҥҥэ Арассыыйа Федерациятын Атыытын-эргиэнин уонна бырамыысыланнаһын министиэристибэтин бэрэстэбиитэллэрэ, Татарстан, Саха өрөспүүбүлүкэлэрин урбаанньыттарын түмсүүлэрин бэрэстэбиитэллэрэ кыттыыыны ыллылар
“Саха норуотун уус-уран оҥоһуктара” павильоҥҥа 50-тан тахса СӨ норуотун маастардарын норуот ускуустубатын бары көрүҥнэригэр оҥорбут үлэлэрэ туруоруллуннулар. Татарстан көрөөччүлэрин сүрүн болҕомтолорун саха норуотун национальнай таҥастара, ювелирнай киэргэллэр, сылгы кылыттан, сиэлиттэн оҥоһуллубут оҥоһуктар, саха быһахтара ыллылыр.
Быыстапка бэс ыйын 11 күнүгэр дылы үлэлиир.
Никита Веркин