Киир

Киир

Былырыыҥҥыттан быһа ыытылла сатыыр, Өлүөхүмэҕэ ыытыллыахтах кэтэһиилээх Олоҥхо ыһыаҕа эмиэ көстө. Инньэ гынан, ыһыах ыытыллар болдьоҕо биир нэдиэлэ сыҕарыйда. Хоруона хамсыга мэһэйдээтэ уонна Өлүөхүмэ улууһугар хамсыктан утары быһыыны ылыы көрдөрүүтэ намыһах буолан маннык быһаарыыны ыллылар. 

Олоҥхо ыһыаҕа бэс ыйын 20-21 күннэригэр буолуохтаах этэ, оттон бүгүн улуустааҕы суһал ыстаап бэс ыйын 26-27 күннэригэр көһөрөргө быһаарда. Бэс ыйын 26 күнүгэр улуус улахан дьонун 70%  вакциналыахтаах. Роспотребнадзор ыйыытын барытын толору туһаннахтарына, ыһыах үгэскэ кубулуйбут ньыманнан ыытыллыаҕа. Ыһыахха 20 муниципальнай тэриллииттэн дьон тоҕуоруһара күүтүллэр, сорох улуустар хамсыгынан сибээстээн кэлэртэн батыммыттар. Уопсайа 3 тыһ. тахса киһи кэлэрин күүтэллэр. Култуурунай тэрээһиннэргэ 1150 киһи кыттара былааннанар: Дьокуускайтан 150 артыыс, режиссердар бөлөхтөрө, тэхиньиичэскэй бөлөх уо.д.а. Өлүөхүмэ улууһуттан 1 тыһ. улахан дьон уонна оччо ыалдьыт араас улуустартан кэлээри оҥостор. Роспортебнадзор ирдэбилин тутуһууну хонтуруроллуурга 14 араас хамыыһыйа тэриллибит.

 

Сэҥээриилэр

Reagan
0 Reagan 04.10.2022 18:35
This is really interesting, You are a very skilled
blogger. I've joined your rss feed and look forward to seeking more of your excellent post.

Also, I have shared your site in my social networks!

Feel free to surf to my blog post ... cialis tablets for sale: https://buycialikonline.com/
Ответить

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар