Айылҕа алдьархайын кыайарга да уон аҥы тылласпакка, бэйэ-бэйэни өйөһүү, өйдөһүү баар буолуохтааҕын туһунан саха норуодунай суруйааччыта Наталья Михалева-Сайа бэрт дириҥ суолталаах, бидиҥҥи быыһык кэммитигэр олус сөптөөх хоһоонун суруйан таһаарбытын дьон бэрткэ сэҥээрэн аахта.
"Тыл сэриитин кыайбыппыт буоллар, саа сэриитигэр тиийиэ суох этибит..."
А.И. Софронов-АЛАМПА,1922 с.
Гражданскай сэрии уотун ортотугар
"Саха санаата" хаһыат киирии тылыгар этиитэ.
Ойуур уота маһы сиир.
Тылбыт уота или сиир.
Тыл сэриитин кыайбатахха
Саа сэриитэ чугаһыыр...
Киһи тылын Уоту кытта
Дьүөрэлээбит икки атах.
Харыстаһар диэни умна
Тыллаһабыт бас баттах.
Тыл илбиһэ иччилээх,
Төннөн кэлэр идэлээх:
Ытаммыкка - харах уулаах,
Эрэммиккэ - соргулаах.
Саа сэриитин оннугар
Уот сэриитэ да турар,
Тылбыт балай барбытыныы
Күүһэ-уоҕа сүрдэнэр.
Утарыта ыыстаһыы
Уотун мээнэ ыытыһыы -
Кытарардыын кыргыһыы
Хонуутугар хотторуу...
Хаһан эрэ уоту буойар
Хомуһуннаах тыл баара.
Хара будун дьону түмэр
Улуу Дуоҕа тыл баара.
Тылы үүннүүр-тэһиинниир
Ытык майгы сөргүйдэр,
Бэйэбитин кэрбээн сиэһии
Абааһыта арахтар
Хатан Уоттаах Тэмиэрийэ
Ханнан, уорда намырыйа
Аал уот буолан ымайыа,
Алаһабыт кутун тыынныа.
Айыылардыын ситимниир
Аптаах төлөн күлүмнүүр
Аналынан арчылыа,
Санаа күүһүн айхаллыа!
САЙА.