Чурапчы улууһун бастакы литературнай айар-суруйар түмсүүтэ арыллыаҕыттан күн бүгүҥҥэ диэри төһөлөөх элбэх айар куттаах дьон алтыһан, төрөөбүт тыл умсугутуулаах угуйар, айар күүһүгэр абылатан, хомоҕой хоһооннору хоһуйан, айымньылары айан ааспыта буолуоҕай?
Бүгүн биһиги биир дойдулаахтарбытын, саха норуотугар күндү кылаат буолар бөдөҥ айымньыларын бэлэх гынан хаалларан, саха литературатын сүдү айымньыларынан байыппыт-тайыппыт айылҕаттан айдарыылаах суруйааччыларбытын билбэт саха тыллаах суоҕа буолуо. Дьуон Дьаҥылы суруйбутунуу "Ойуун, артыыс, суруйааччы ууһаабыт сирэ Чурапчы"- диэн эппитинии мантан силис тардан, үүнэн-сайдан тахсыбыттар аҕыйаҕа суохтар. Билиҥҥи Чурапчы, уруккута Боотуруускай улууһа эрдэҕиттэн Семен Степанович Яковлев-Эрилик Эристиин-бэйиэт, прозаик, саха литературатын историятыгар бастакы романы суруйбут ааптар, (Маарыкчаан ыччаттара), Гражданскай сэрии сылларыгар кыһыл бартыһаан, ССКП чилиэнэ, 1938 сыллаахтан ССРС Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, оччотооҕу сэбиэскэй былаас ыытар политикатын өйөөн Чурапчы оройуонун хаһыатыгар эрэдээктэринэн үлэлээбит кэмнэриттэн ( 1924-с) айар-суруйар эйгэҕэ ылларан барыаҕыттан ыла бастакы ыстатыйалара, кэпсээннэрэ, сэһэннэрэ бэчээттэнэн барбыттара. "Революция уолаттара", "Аймалҕан", диэн сэһэннэрэ, нуучча чулуу суруйааччытын Николай Островскай курдук икки хараҕа суох олорон суруйбут "Маарыкчаан ыччаттара" - романа саха литературата сайдарыгар сүдү сабыдыалламмыттара.
Саха дьоно алаастарынан тарҕанан олорор кэмнэригэр Чурапчыттан сыдьааннаах айар дьоҕурдаахтар улам айымньылара биллэн-көстөн, бэчээттэнэн барбыттара. Ол курдук Чурапчы оройуонун Хатылы нэһилиэгиттэн төрүттээх Василий Сергеевич Соловьев - Болот Боотур - бэйиэт, прозаик, саха литературатыгар бастакы роман-трилогияны "Уһуктууну" суруйбут ааптар, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай суруйааччыта, Саха Өрөспүүбүлүкэтин П. А. Ойуунускай аатынан Судаарыстыбаннай бириэмийэ лауреата, 1966 сылтан ССРС Суруйааччыларын Сойууһун чилиэнэ, Саха АССР культуратын үтүөлээх үлэһитэ. Бастакы хоһоонноро "Социализм суола", "Кыым", "Эдэр коммунист" хаһыаттарга бэчээттэммиттэрэ. Кэлин "Сааскы дьыбардар", "Уһуктуу" курдук улахан романнары суруйан хаалларбыта.
Дириҥ силистээх тиит силигилии үүнэринии Чурапчы оройуонун айар куттаахтара Саха литературатыгар биллэ күүскэ киирэн барбыттара: ол курдук Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай суруйааччыта, ССРС Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, П.А.Ойуунускай аатынан Судаарыстыбаннай бириэмийэ лауреата, педагогическай наука кандидата, СӨ Духуобунаска академиятын академига, "Доҕордоһуу" орден кавалера, общественнай деятель, бастакы историческай романы суруйбут( Тыгын Дархан ) - Василий Семенович Яковлев-Далан.
Бэйиэт,прозаик, литературнай кириитик, публицист, литературовед, СӨ П.А.Ойуунускай аатынан Судаарыстыбаннай бириэмийэ лауреата, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай суруйааччыта - Семен Андреевич Попов-Сэмэн Тумат. Бэйиэт, талааннаах тылбаасчыт, ССРС Суруйааччыларын Сойууһун чилиэнэ, бастакы историко-психологическай хоһоонунан романы суруйбут ( Уйбаанчык), А.С.Пушкин уһулуччулаах айымньытын "Евгений Онегин" поэматын тылбаастаан сахалыы саҥардыбыт - Гавриил Иванович Макаров-Дьуон Дьаҥылы буолар. Саха литературатыгар үгэ жанрын, сатирическай поэзияны аан бастаан киллэрбит сатирик бэйиэт, ССРС Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ - Степан Афанасьевич Саввин - Күн Дьирибинэ. Николай Дмитрьевич Слепцов - Туобулаахап - биллиилээх драматург, театр режиссера,ССРС Суруйааччылырын сойууһун чилиэнэ, САССР искусствотын үтүөлээх деятелэ. Георгий Митрофанович Васильев - бэйиэт, учуонай, литературовед, кириитик, тылбаасчыт, фольклорист, ССРС Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ. Степан Феоктистович Софронов-Феоктист Софронов - бэйиэт, тылбаасчыт, публицист, учуутал, ССРС Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ. Василий Васильевич Яковлев - бэйиэт, прозаик, тылбаасчыт, "Өрүстэр кирбиилэрэ", "Уот иитиитэ", "Кэрэхтээххэ" диэн эпохальнай романнар ааптардара, ССРС Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ. Иван Егорович Федосеев - Доосо- бэйиэт, тылбаасчыт, литературнай кириитик, очеркист, публицист, общественнай деятель, РФ Суруйааччыларын сойууһун бырабылыанньатын Н. М.Карамзин аатынан литературнай, Эрилик Эристиин аатынан Өрөспүүбүлүкэтээҕи литературнай А.П.Илларионов аатынан бириэмийэлэр лауреаттара. Алексей Спиридонович Бродников бэйиэт, прозаик, публицист,СӨ оскуолаларын үтүөлээх учуутала, Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа, ССРС Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, Эрилик Эристиин аатынан литературнай бириэмийэ лауреата.Михаил Федосеевич Доҕордуурап - бэйиэт, прозаик, драматург, ССРС Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ. Василий Назарович Егоров - Тумарча - прозаик, публицист, СӨ культуратын үтүөлээх үлэһитэ, Өрөспүүбүлүкэ оҥорон таһаарыы эйгэтигэр Судаарыстыбаннай бириэмийэ лауреата, общественнай деятель,(1993) А.Е.Кулаковскай - Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан СӨ Судаарыстыбаннай бириэмийэ лауреата, ССРС Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ. Семен Романович Данилов-Роман Данилов- бэйиэт, суруналыыс- ССРС, РФ Суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ,РФ Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, Павел Петрович Федоров-Сомоҕо - прозаик, публицист, СӨ культуратын туйгуна, РФ Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, РФ Суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ, СӨ культуратын үтүөлээх үлэһитэ. Борис Николаевич Попов-Барылҕан- литературнай кириитик, публицист, СӨ наукатын үтүөлээх үлэһитэ, профессор, РФ Суруналыыстарын сойууһун уонна СӨ Суруйааччыларын сойууһун чилиэннэрэ. Василий Егорович Петров-Айыл - бэйиэт, РФ Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, СӨ культуратын туйгуна, мелодист. Варвара Григорьевна Слепцова-Санаа, СӨ үтүөлээх учуутала, РФ Суруналыыстарын уонна РФ Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ. Аркадий Максимович Дорофеев-Улдьаа Харалы - учуутал, суруйааччы, РФ Суруйааччыларын уонна РФ Суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ, СӨ үөрэҕин туйгуна, Россия үөрэҕириитин Бочуоттаах үлэһитэ, РФ үлэҕэ бэтэрээнэ. Аграфена Гаврильевна Кузьмина-Айаана - хоһоонньут, кэпсээнньит, РФ Суруналыыстарын сойууһун уонна РФ Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, билигин "Чолбон" литературнай сурунаал эппиэттиир секретарынан үлэлиир уонна Москватааҕы М. Горькай аатынан литературнай институтка үөрэнэр,Семен Пантелеймонович Феоктистов-Сэргэх Сэмэй - хоһоонньут, тылбаасчыт, лингвистика магистра о.д.а. ааттарын киэн тутта ааттыыбыт.
Аҕа дойду Улуу сэриитин сылларыгар олохтоох суруйааччы Михаил Доҕордуурап "Кыһыл сулус" - диэн ааттаах илиинэн суруллар сурунаалы үлэлэппитэ. Ону утумнаан Алексей Спиридонович Бродников уонна Степан Феоктистович Софронов алта уонус сыллартан оройуоҥҥа айар дьону түмэн литературнай куруһуогу салайан үлэлэппиттэрэ уонна ону таһынан "Сардаҥа"-диэн сурунаалы Алексей Бродников бэйэтэ илиитинэн суруйан таһаарара. Федор Филиппов сурунаалы киэргэтэрэ, "Саҥа олох" хаһыат үлэһитэ Октябрина Конфеевна Колесова массыыҥкаҕа охсон биэрэрэ. Саҥардыы суруйан эрэр эдэр дьону таба көрөн, кэмигэр өйөөн, туспа суоллаах - иистээх суруйааччылары иитэн таһаарбыта. Бу бастакы литературнай түмсүүлэртэн үүнэн-сайдан тахсыбыттара: Афанасий Петрович Илларионов - кэлин СӨ Судаарыстыбаннай мунньаҕын, (Ил Түмэн) Бэрэстэбиитэллэрин Палататын бастакы бэрэссэдээтэлэ, СӨ үтүөлээх юриһа, тылбаасчыт, бэйиэт, С.А.Попов-Сэмэн Тумат-СӨ норуодунай суруйааччыта, Петр Захаров, Илья Васильев, Октябрина Колесова уо.д.а. буолаллар.
Сэттэ уонус сыллартан айар-суруйар талааннаах ССРС Суруналыыстарын чилиэнэ, кэпсээнньит, судьуйа Попов Михаил Данилович оройуоҥҥа эдэр талааннары көҕүлээн "Эркээйи" литературнай түмсүүнү үлэлэппитэ. Михаил Попов ордук киэҥник "Киһи дэтэр кэрэ", "Кыһыл көмүс биһилэх", "Дьолу иэс ылбаккын", "Бытыылкалаах харчы", "Уоттаах чыычаах"диэн айымньылара сэҥээриини ылбыттара. Кэлин, 1986 сыллаахха литературнай түмсүүнү улуус хаһыатын уопсастыбаннай кэрэспэдьиэнэ Мария Николаевна Сидорова - бэйиэт, ССРС уонна РФ Суруналыыстарын сойуустарын чилиэнэ ылан "Маарыкчаан ыччаттара"- диэн оройуон литературнай түмсүүтүн салайбыта, онтон ССРС культуратын туйгуна, Россия культуратын үтүөлээх үлэһитэ, РФ Суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ, СӨ Судаарыстыбаннай мунньаҕын (ИлТүмэн) А.П.Илларионов аатынан Суруналыыстарга бириэмийэтин лауреата,Чурапчы, Хайахсыт нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо, Мэҥэ-Хаҥаласка, Дьааҥыга ыытыллыбыт Олоҥхо ыһыахтарын чабырҕахха күрэхтэрин кылаан бириис хаһаайката, хоһоонньут- Герасимова Мария Андреевна - Сэҥээрэ "Чурапчы" айар-суруйар литературнай түмсүүнү салайбыта. Сэҥээрэ "Көһөрүү" пьесата, "Саппай уопсан" чабырҕахтара, сценкалара, "Тыа сирин культурата" , "Чурапчыттан сириэдийэн", "Хайахсыт" 1,2,3 томнара, "Кэриэстэбил", "Чоргуй, чобуо чабырҕах", "Айдарыылаахтар" , "Талба талааннар" кинигэлэрэ күн сирин көрбүттэрэ. Ону таһынан ырыа куттаах Дириҥ олохтооҕо Владимир Георгиевич Габышев тыл көтөҕүүтүнэн Дириҥ сэлиэнньэтигэр айар-суруйар куттаахтар туспа литературнай түмсүүнү тэриммиттэрэ. "Дириҥ уоттара" диэн ааттанан литературнай түмсүү сүүрбэ сыл устата ситиһиилээхтик үлэлээбитэ, (1988-1998)сс. салайааччынан РФ Суруналыыстарын чилиэнэ,САССР спордун маастара Эверстов Дмитрий Дмитриевич - Дмитрий Диринскэй этэ, онтон (1998-2008)сс диэри "Дириҥ уоттара" литературнай түмсүүнү РФ Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, РФ Суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ, СӨ культуратын үтүөлээх үлэһитэ, прозаик, публицист, Павел Петрович Федоров-Сомоҕо салайбыта. Павел Петрович-Сомоҕо билиҥҥи кэм суруйааччыта, кини саха норуодунай суруйааччытын Василий Семенович Далан үөрэнээччитэ, "Дьикти саас" диэн сэһэнигэр олоҕуран, бииргэ үөрэммит оҕолорун тустарынан "Умнуллубат" Дьикти саас" оҕолоро" диэн ахтыы кинигэтэ күн сирин көрбүтэ. Ону таһынан "Учуутал дьоло-үөрэнээччилэрин ситиһиилэригэр", Чурапчыга өр сылларга норуодунай судьуйанан таһаарыылаахтык үлэлээбит Михаил Попов "Түрүлүөн", "Бытыылкалаах харчы" сэһэннэрин хаттаан саҥалыы оҥорон ааҕааччы киэҥ араҥатыгар тиэрдибитэ , Ил Дархан Борисов Егор Афанасьевич олоҕун, үлэтин сырдатар "Боотур уустан Ил Дархан" кинигэтин бэчээттэппитэ, Сталинскай репрессия ыар тыыныгар түбэһэн, уустук олоҕу олорбут учуутал Гавриил Иванович Егоров - Биилин бэйиэт биир бастыҥ үөрэнээччитэ, төрөөбүт сахатын норуотугар үйэлэргэ умнуллубат айымньылары суруйан хаалларбыт Тимофей Егорович Сметанин - буойун, бэйиэт, уһулуччулаах суруйааччы, драматург, суруналыыс төрөөбүтэ 100 сыла туолуутугар "Кырдьык көмүстээҕэр күндү" диэн кинигэтэ бэчээттэнэн таҕыста.
Билигин улуус үрдүнэн 40-ча олохтоох айар-суруйар дьон баар. РФ Суруйааччыларын уонна Суруналыыстарын сойууһун чилиэннэрэ-Дорофеев Аркадий Максимович-Улдьаа Харалы, Федоров Павел Петрович-Сомоҕо, РФ Суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ Герасимова Мария Андреевна - Сэҥээрэ. СӨ Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ Горохов Борис Петрович - Бээди Уола буолаллар. Ону таһынан бүгүн биһиги түмсүүбүтүгэр литература эйгэтигэр чиҥник үктэммит айа-тута, суруйа - бичийэ сылдьар суруналыыс, кэпсээнньит, хоһоонньут дьоннордоохпут: айар үлэнэн утумнаахтык дьарыктана сылдьар 86 саастаах Афанасий Дмитрьевич Аммосов - Күндүл Маҥан - суруналыыс, хоһоонньут, сцена бэтэрээнэ, артыыс, ССРС уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин культуратын туйгуна. Евдокия Митрофановна Каженкина-Чугдаара - РФ Суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ, социальнай педагог-этнолог, учууталлар учууталлара,международнай традиционнай медицина кэмпириэссийэлэрин хас да төгүллээх делегата, алгысчыт, норуот эмчитэ, "Эдэр коммуннист"," Сахаада", "Кыым", "Саха Сирэ", " Саҥа олох" хаһыаттар кэрэспэдьиэнэ, хоһоонньут, кэпсээнньит. РФ уопсай үөрэхтээһинин бочуоттаах үлэһитэ, хоһоонньут. Терентий Алексеевич Кардашевскай РФ Суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ, "Кыһыл бөрүө" өрөспүүбүлүкэтээҕи суруналыыскай бириэмийэ лауреата, СӨ телевидениенан, радионан биэрии туйгуна, хоһоонньут. Иван Алексеевич Максимов-Уруул Уйбаан илин эҥээр ДОСААФ - тарын начаальнига, хоһоонньут. Аркадий Егорович Филиппов тыыл, үлэ бэтэрээнэ, Чурапчы улууһун бочуоттаах олохтооҕо, хоһоонньут. Николай Федорович Смирников-Төлөйскөй Россия норуотун үөрэҕириитин туйгуна,Кытаанах нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, хоһоонньут. Петр Николаевич Калачев СӨ үөрэҕириитин үтүөлээх учуутала, көҥүл тустууга ССРС маастара, тустууга СӨ чөмпүйүөнэ, дуобакка маастарга кандидат, Кытайга Пекиннээҕи международнай искусство колледжын туйгун учуутала, публицист уонна онтон да атын айар дьоннорбутун киэн тутта ааттыыбыт. 2015 сылтан улуустааҕы Киин библиотека салайааччыта Вера Апполоновна Платонова көҕүлээһининэн литературнай түмсүү киин библиотекаҕа үлэлиир.
Хотууна 2018 сылга Таатта улууһун, Уолба нэһилиэгин "Дьэҥкир Алып" түмсүү тэрийбит "Олох олоруҥ хоһоонунан" темаҕа бэйэ айбыт хоһоонугар өрөспүүбүлүкэҕэ аһаҕас күрэс түмүгүнэн икки бастакы миэстэлэргэ тиксибитэ, 2019 сыл Үөһээ Бүлүү улууһун Нам сиригэр буолан ааспыт "Тобуруокап көмүс күһүнэ" хоһоон көҥүл түһүлгэтин күрэһэр кылаан кыайыылаах буолан "Дани-Алмас" компания олохтообут анал бирииһин хаһаайката, ситим нөҥүө өрөспүүбүлүкэ хоһоонньуттарын икки ардыларыгар ыытыллар аһаҕас хоһоон күрэстэрин хас да төгүллээх кыайыылааҕа, биэс кинигэ ааптара, айар куттаах хоһоонньуттар хоһооннорун түмэн икки хомуурунньук бэчээттэтэн таһаартарда.
Түмсүүбүтүгэр утумнаахтык айар үлэнэн дьарыктанан, өрөспүүбүлүкэҕэ тэриллэр араас күрэстэргэ кыттан кыайыыны ситиспит хоһоонньуттардаахпыт. 2018 с. Таатта улууһугар буолан ааспыт П. А. Ойуунускай 125 сааһыгар аналлаах литературнай күрэскэ биһиги бастыҥ хоһоонньуппут Попов Иван Ильич-Байдам бастакы миэстэҕэ тиксибитэ уонна Нам улууһугар хоһоонньуттар түһүлгэлэрин күрэһэр эмиэ бастаан үөрүүбүт муҥура суох этэ. Иван Ильич Одьулууҥҥа олорор, үлэлиир, СӨ үөрэҕириитин туйгуна, дуобакка ССРС уонна Россия дуобакка спордун маастарыгар кандидат, үлэ бэтэрээнэ. Федоров Дмитрий Николаевич - Оһуохай Уола, хоһоонньут. Кини аата билигин өрөспүүбүлүкэ айар куттаахтарын иһигэр кэскиллээх хоһоонньут быһыытынан билиннэ, айар үлэтигэр сүгүрүйээччилэрэ элбээн иһэллэрэ үөрдэр, хоһоонноро "Саҥа олох" улуус хаһыатыгар, "Күрүлгэн", "Чолбон" сурунаалларга бэчээттэнэн киэҥ сэҥээриини ылла. Өрөспүүбүлүкэ таһымнаах хас да хоһоон күрэстэригэр миэстэлэспитэ. Шеломова Александра Николаевна - хоһоонньут, СӨ үөрэҕириитин туйгуна, библиотекарь. Попова Надежда Никифоровна - хоһоонньут, 2016 с. улууска "Аман өс" араатардар конкурстарыгар бастаабыта, 2018 с "Ийэ тыл сүмэтэ" улуустааҕы хоһоон ааҕыы күрэһэр бастаабыта. Никитина Мария Васильевна - хоһоонньут, СӨ үөрэҕириитин туйгуна. Мохначевская Зоя Ксенофонтовна-Сэгэлдьийэ Хотун, хоһоонньут, Дархан тойуксут, оһуохайдьыт, Олоҥхо ыһыахтарыгар кыттан "Дорҕоонноох тойуксут" анал аат хаһаайката. Кузьмина Евдокия Антоновна-Дьэбдьиэйэ хоһоонньут, доруобуйа харыстабылын туйгуна. Игнатьева Полина Семеновна-Намыына, хоһоонньут, урбаанньыт. Иванова Парасковья Степановна-Хачыана, хоһоонньут, үлэ бэтэрээнэ. Эдэр кэскиллээх хоһоонньуппут Иванова Наталья Петровна, урбаанньыт. Дьячковская Евдокия Федоровна-Иэйэ хоһоонньут, үлэ, сцена бэтэрээнэ. Барашкова Анна Дмитрьевна-Айылҕаана - хоһоонньут, Арыылаах нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо, Октябрина Михайловна Окорокова-Бойуона - хоһоонньут, кэпсээнньит. Сивцева Елизавета Петровна-Күндэйэ, хоһоонньут. Сергеева Наталья Егоровна-Аана Кыыһа - хоһоонньут,СӨ үөрэҕириитин туйгуна. Катакова Евдокия Петровна-Чэлгийэ, хоһоонньут. Говорова Вера Степановна - хоһоонньут. Ньургун Георгиевич Захаров-Ылгын Чыҥыйа, хоһоонньут. Посельская Валентина Семеновна - хоһоонньут о.д.а. ааттаталыахха сөп.
2019 сыллаахха түмсүүбүт айар эйгэлээхтэрин хоһооннорун түмэн "Суугунаа Чурапчым чараҥа" - диэн түмсүүбүт бастакы хомуурунньугун бэчээттэтэн таһаартарбыппыт. "Чурапчы - уран тыл биһигэ"-диэн ааттаах антология бэчээттэнэн таҕыста. Олохтоох администрация "Чурапчы нэһилиэгэ" МТ баһылыга Саргыдаев С.А уонна СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыытылыстыбатын ис политикатын департаменын салайааччыта В.В. Гуляев көмөлөрүнэн библиотека үлэһитэ Кузьмина Марфа Николаевна айымньылары хомуйан оҥортордо. Бу күн сирин көрбүт антологияҕа Чурапчыттан төрүттээх саха норуодунай суруйааччылара, ССРС, Россия уонна СӨ Суруйааччыларын сойууһун чилиэннэрэ, билигин Чурапчыга олорор ураты айылгылаах дьон чараас эйгэлэригэр иитиэхтээбит, уйан уйулҕаларыгар уһугуннарбыт айымньылара, автобиографиялара, айар үлэлэрин библиографиялара киирдилэр уонна бар дьон билиниитин ылбыт, айар аартыкка саҥа үктэнэн иһэн олохторо быстыбыт , өссө да элбэҕи айыах-тутуох кэскиллээх суруйааччыларбыт-Унаар Уола, Биилин, Дмитрий Васильев, Ньукулай Быралгы, Николай Попов, Анна Барашкова, Хочуон, Анастасия Абрамова, Николай Сибиряков, Анна Левина уо.д.а. ааттара үйэтитиллибиттэрэ кэрэхсэбиллээх. Поэт Дмитрий Николаевич Васильев ыччаты патриотическай иитиигэ үтүөлэрин иһин ЫБСЛКС КК бочуотун кинигэтигэр киирбитэ.
Киһи барахсан ийэтин үүтүн иҥэриниэҕиттэн Сир Ийэ, Айылҕа сүдү күүһүгэр, итэҕэлигэр сүгүрүйэр уонна ол кичэм, бүөм кистэлин, ыраас тапталын, ыра санаатын иэйэн, айар алыпка уйдаран хомоҕой хоһоонугар хоһуйар, ылбаҕай ырыатыгар ыпсарар. Айар тыл хомуһунун иҥэриммит айар куттаах дьоммут саҥа ааттара өссө да иһиллиэхтэрэ, саҥа айымньыларынан ааҕааччыны сэҥээрдиэхтэрэ. Айар аартыктара арыллан, сытыы бөрүөлэрэ сыппаабакка суруйа туруохтара.
"Чурапчы" айар-суруйар литературнай түмсүү салайааччыта , СӨ Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ
Римма Корякина- Хотууна