Киир

Киир

Саха сиригэр аан дойдутааҕы таһымнаах, Арассыыйаҕа уонна атын дойдуларга суох култуура кластерын оҥоруу олоххо киириэхтээх. Сайсары күөлүн кытыытыгар, ирбэт тоҥ усулуобуйатыгар Судаарыстыбаннай филармония, Арктикатааҕы эпос уонна ускуустуба киинин архитектурнай комплекса тутуллуоҕа. 2005 сыллаахха саха героическай эпоһа Олоҥхо ЮНЕСКО шедеврынан ааттаммыта бу тутуу олоххо киирэригэр көх буолла.

Аныгы кэм уһулуччулаах музыкана, Мариинскай тыйаатыр салайааччыта Валерий Гергиев бу сүүнэ бырайыагы өйүүрүн туһунан эттэ. Кини, бу Саха сиригэр төрдүс кэлиитигэр, сүүнэ Национальнай култуурунай киин тутуллан эрэрин улахан үөрүүнэн аахта.

gergiev9 960x640

Геокултуурунай сайдыы Үнүстүтүүтүн дириэктэрэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннай сүбэһитэ Андрей Борисов Дьокуускайга архитектурата уһулуччу саҥа култуура киинэ үөдүйүөҕэ, даҕатан этэр буоллахха, өрөспүүбүлүкэ бүттүүнүгэр, Арассыыйа хотугу сиригэр, Арктика дойдуларыгар култуурунай бэлиитикэ чорботуллуо диэн санаатын этэр:

«Биллэринэн, дойдубут бэрэсидьиэнэ Владимир Путин Владивосток, Кемерово, Калининград уонна Севастополь куораттарга култуурунай кластердары тутууга дьаһайбыт. Соторутааҕыта, биһиэхэ Гергиев маэстро Мариинскай тыйаатырын оркестырын илдьэ кэлэ сылдьыбыта уонна кэнсиэр кэмигэр биир сүрүн санаатын эппитэ, кини тутулла сылдьар Арктикатааҕы эпос уонна ускуустуба киинин номнуо кластер буолбут диэн эппитэ. Биһиги кластербыт уратыта диэн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн бары баар Олоҥхо дьиэлэрин ситимин хабар. Өрөспүүбүлүкэ Ил Дархана Айсен Николаев култуура Министиэристибэтигэр уонна геокултуурунай сайдыы үнүстүтүүтүгэр олоҥхо Дьиэлэрин ситимин сайыннарыыга сорудахтаабыта. Арктикатааҕы кииҥҥэ сүрүн архитектурнай доминанынан үс ураһа буолуоҕа. Бу үс ураһаҕа тыйаатырдар, Эпическэй кииннэр уо.д.а. киириэхтэрэ. Өрөспүүбүлүкэ нэһилиэктэригэр 30 тахса кууппаллаах дьиэлэр тутуллубуттара, бу балар Олоҥхо дьиэлэригэр кубулуйан баран Арктикатааҕы киини кытта ситимнээхтик үлэлэһиэхтэрэ. Ол эбэтэр, бу култуурунай комплекс бары улуустарбытыгар, өрөспүүбүлүкэбит дьонугар анаан тутулла турар», - диэн Андрей Борисов этэр.

СӨ судаарыстыбаннай сүбэһитэ этэринэн, Валерий Гергиев маэстро Мариинскай тыйаатыр, Опера уонна балет тыйаатыра уонна Саха сирин филармонията холбоһон оҥоруохтаах бырайыактарын идиэйэтин өйөөтө.

«Арктикатааҕы киин тутуута олоххо киирдэҕинэ, саҥа дьиэҕэ бииргэ оҥорбут премьерабытын көрүөххүт», - диэн Андрей Борисов кылгастык түмүктээтэ.

adb9eb2d b821 4985 9d2b b443f026d84c

Филармония үөдүйбүтүн бастакы күннэриттэн, салайааччылар аныгы ирдэбиллэргэ эппиэттэһэр акустикалаах уонна хааччыллыылаах саҥа Кэнсиэр саалата тутуллуохтааҕын булгуччулааҕынан аахпыттара. Аан дойдуга биллибит Ясухиса Тойота диэн акустик-инженер консультациялары ыыталаабыта. Кини 2017 сыллаахха муус устарга кэлэ сылдьан, Саха сирин култууратын кытта билсэн-көрсөн баран, чороон матыыптарын уонна оһуордарын кэнсиэртиир сааланы киэргэтиигэ сүбэлээбитэ.

Маны таһынан, саҥа, аныгы акустическай саала тутуутун туһунан Саха сирин Филармониятын дирижера Фабио Мастранджело хаста даҕаны этэн турардаах.

СӨ коспозитордарын сойууһун бэрэссэдээтэлэ Николай Михеев этэринэн, өрөспүбүүлүкэҕэ Арктикатааҕы киин арыллыыта - култуурунай нэһилиэстибэҕэ биир улахан бэлиэ быһаарыныы, тоҕо диэтэр, култуура уонна духуобунас өрүү аныгы киһи сайдыытын сүрүн дьаакырынан буолаллар.

009

Хааччыллыы уонна тупсуу таһымынан, бу элбэх өҥөлөөх комплекс Уһук Илиҥҥэ саамай аныгы тутуулааҕынан аатырыаҕа. Бу киин элбэх турист сылдьар сиринэн буолуоҕа. Тутуу тас өттө Өлүөнэ очуостарыгар майгынныыр моһуоннаныаҕа, бүрүөһүнүгэр көрөргө аналлаах былаһааккалаах «Үс ураһа» уонна “Алаас” композицията баар буолуоҕа. Таһыгар баар саҥардыллыбыт уонна тупсубут сирэ-уота киин куораппыт биир улахан, уопсай, дьон сөбүлээн сылдьар былаһааккаларыгар кубулуйуо.

Олоҥхо тыйаатырын дириэктэрэ Мария Турантаева этэринэн, Арктикатааҕы эпос унна ускуустуба киинэ дьиэ кэргэн, эдэр ыччат култуурунайдык сынньананр үтүө сирдэринэн буолуоҕа.

Саҥа култуурунай кластер сүрүн саалата 1 500 миэстэлээх буолуоҕа: 700 – Саха сирин Филармониятын миэстэтэ. Оттон Олоҥхо тыйаатырын миэстэтэ – 450, Саха Академическай тыйаатырын миэстэтэ – 350.

0000

СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспатын иһитиннэриититтэн кылгатыы

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар