Хомус, эбэтэр варган, Аан дойду норуоттарыгар, Хотугу Америка, Дьобуруопа, Илиҥҥи Азия омуктарыгар тиийэ тарҕаммыт былыргы муусука үнүстүрүмүөнэ. Бүгүҥҥү күннээҕи туругунан, хомус 160 тахса көрүҥнээҕэ биллэр. Хас биирдии норуот хомуһу араастаан ааттыыр: варган, комус, камыс, губыз уо .д.а. Саха норуотугар хомус көрүҥнэрэ: хомус, хамыс, тимир хомус, кулуһун хомус, мас хомус, уҥуох хомус, муос хомус, аарыктаах хомус, хоболоох хомус, икки тыллаах хомус.
Барыгытын хомус күнүнэн!
Хомус туһунан хоһооннор:
Хомус
Төбөтүн толкуйун тобулан,
Тарбаҕын сылааһын хаалларан,
Сырдык санаатын иҥэрэн,
Сүрэҕин иэйиитин киллэрэн.
Тоҥ тимиртэн уулларан,
Талыы тимиртэн уһааран.
Таптайан, эллээн,чочуйан,
Оҥорбут өбүгэм хомуһун.
Хоммут уоһун хоҥуннаран,
Хомус нөҥүө тиэрдэр эбит,
Ис санаатын иэйиитин,
Иһирэх дорҕоон таһааран.
Дьоҕус хомус тимириттэн,
Дьүрүһүйэ кутуллар
Дьикти аптаах доҕуһуол,
Дьон сүрэҕин долгута.
Андрей Константинов.
Дьүрүһүтүөм хомусчааммын
Хомуһуннаах хомус тылын
Хомоҕойдук хоҥкунатан,
Саха дьонун сарсыҥҥытын
Саргылааммын сыыйа тардан.
Хос ырыата:
Дьол ардаҕын илгийэммин
Дьүрүһүтүөм хомусчааммын,
Сырдык санаа иҥэрэммин
Сыыйа тардыам нарын тылын.
Аам-даам тымныы оройугар
Торҕо сайын кэлбитинии,
Атыыр кистээн барылатар,
Туйах тыаһын чиҥэтэрдии.
Үрүҥ тунах ыһыах тыынын
Тэтимнээхтик дьүрүһүтүүй,
Аар айылҕам уһуктарын
Иэйиилээхтик дьириһитиий.
Хомолтону үргүтээри
Хомусчааным ыллаа, ыллаа,
Үөрүүлэри үксэтээри
Үрүйэлии кылыгыраа.
Оһуохай Уола
Хомус
Дьүрүлүй хомуһум, Дьүрүлүй,
Өбүгэм ырыатын дьиэрэтиий.
Хомуһум тыаһа кэпсиир,
Былыкка саспыт былыргы дьыллары.
Саха норуота олорбут олоҕун,
Өйдөөн истиҥ эрэ чуумпуран.
Оһуохай этитэр хомуһум,
Олоҥхо ырыатын дьиэрэтэр,
Күөрэгэй ырыатын дьырылатар,
Ат туйаҕын тыаһын тобугуратар,
Барыта баар эбээт хомуспар.
Кэпсиир, ыллыыр хомуһум,
Үөрүүнү хомолтону барытын.
Тылбынан сатаан эппэппин,
Хомуһум этитэр, кэпсиир.
Өбүгэм бэлэҕин хомуспун,
Үйэттэн, үйэҕэ биэрэҕиҥ.
Күндэйэ, Чурапчы улууһа, Мугудай нэһилиэгэ.
***
Сахам нарын хомуһа.
Хатан тимир куолаһа.
Үйэлэри уҥуордаан.
Сахам аатын ааттаттыҥ.
Дьүрүһүтэр куоласкынан.
Куйаар устун кутулуннуҥ.
Таптыыр кыыһыҥ сүрэҕэр.
Умуллубат кыымы сахтыҥ.
Олох араас моһоллорун.
Эйигинниин аастыбыт.
Сахам дьонун хомуһа.
Хатан тыллаах доҕоро.
15.11.21, Арҕах
Хомус
Кэрэкэ иэйиини таһааран,
Эҥсиллэн сыыйылла охсуллар,
Тарбаҕым үҥкүүтүн сырсыһан,
Тыастара түөспүттэн кутуллар.
Ураннык дорҕооҥҥо холбоһон,
Умсулҕан көстүүнэн оонньоһон,
Дьүкээбил суһума кыттыһар,
Дьүрүскэн ырыаны батыһар.
Кэҕэ кыыл чуопчаара уһуктан,
Күөх сайы уруйдаан чоргуйар,
Тоҥ буору сытыытык тобулан,
Дьоһуннук ньургуһун хоҥкуйар.
Сайыҥҥы салгыны убатан,
Өбүгэм түптэтэ унаарар,
Дьөһөгөй туйаҕа ньиргийэн,
Айанньыт дэгэрэҥ эйээрдэр.
Хомуһум дьүһүйэн дорҕооно,
Түҥ былыр ыраахтан сыыйыллар,
Тырымныы көтүтэр хоһооно,
Сүрэҕим кистэлин арыйар.