Киир

Киир

Майа сэлиэнньэтин Алина Яковлева салайааччылаах "Лесной" түөлбэтин олохтоохторо Ил Дархан гранын ыланнар, иистэнэр массыыналары атыылаһаннар түөлбэлэрин дьиэтигэр иистэнэллэр. Бу граны ыларга күүскэ үлэлэспит дьонунан буолаллар түөлбэ урукку салайааччыта Васианна Птицына уонна киниэхэ граны суруйарга көмөлөспүт Эдуард Яковлев. Сып-сырдык, ып-ыраас түөлбэ дьиэтигэр иистэнэр массыына арааһа баар.

Манна иис маастардара иискэ саҥа холонооччуларга маастар кылаастары ыытан кэллилэр. Пандемия кэмигэр түөлбэ иистэнньэҥнэрэ, бары хааччахтыыр миэрэлэри тутуһан иистэммиттэр. Сэтинньигэ Майатааҕы Д.Ф.Ходулов аатынан Култуура киинигэр түөлбэ олохтоохторун иистэринэн улахан быыстапка турда. Бу үлэлэргэ бааллар: сахалыы ырбаахылар, соннор, үтүлүктэр, оҕо таҥаһа, көбүөрдэр, кыбытыылаах саахымат тигиилэр о.д.а. Быыстапканы көрбүт эрэ астынан, сөҕөн тарҕаһар. Маны хаартыскаларга көрүҥ.
 
3179e1f6 e090 49fc ae04 3200b3abe718

 

1f255817 b0e5 43c8 8cd1 86554b4d3e29

 
 
 
Марелла Баишева

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар