Мин тус бэйэм сахабыт хомуһун кэнсиэртэргэ, араадьыйанан, тэлэбиидэнньэнэн кыра эрдэхпиттэн сэҥээрэн истэрим. Улаатан баран кыра-кыралаан тардан, хомуска оонньуурга үөрэммитим. 2011 с. Дьокуускай куоракка Аан дойдутааҕы хомус кэнгириэһин кэмигэр Саха сирин хомуһун аан дойду таһымыгар өссө киэҥник таһаарар сыал-сорук туруорунан, бу кэнгириэс тэрээһинин кэмигэр Гиннес рекордун олохтуурга быһаарыммыппыт.
Сахабыт сирин дьоно-сэргэтэ биир киһи курдук этиини ылынан, санаалара көтөҕүллэн элбэх улуустартан Дьокуускай куоракка кэлэн рекорд олохтонуутугар кыттан, хомуспутун аатырдарга улахан кылааттарын киллэрбиттэрэ. Дойдум дьонун өйөбүлэ баар буолан хомус тардыыга Гиннес рекордун идиэйэтэ олоххо киирбитэ.
Хомус кэнгириэһигэр сүүрбэ биир дойдуттан кэлэ сылдьар ыалдьыттар Саха дьоно өбүгэлэриттэн силистэнэн сайыннарбыт култуураларын саҥа чыпчаалга таһаарбыттарыттан сөҕөн-үөрэн барбыттара.
Түгэнинэн туһанан Сахам Сирин дьонун хомус күнүнэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин! Үлэбинэн Канадаҕа ананан дойдубуттан ыраах тэйдим да буоллар, хомуспун куруук илдьэ сылдьабын, санаатым эрэ хомуспар оонньоон дойдубар биирдэ баар буолар курдукпун. Бары этэҥҥэ буолуҥ!
Валерий Максимов,
РФ Канадаҕа эргиэҥҥэ бэрэстэбиитэлэ.