Анаабыр улууһун Үрүҥ Хайа нэһилиэгэр, Ахсынньы 19 күнүгэр, "Долган" хотугу норуоттар култуураларын уонна ускуустубаларын киинигэр "Хранители тундры" диэн эдэр табаһыт дьиэ кэргэн күрэҕэ ситиһиилээхтик ааста.
Уопсайа, 4 табаһыт дьиэ кэргэн кыттынна. Барыта 7 түһүмэхтээх күрэххэ кыайыылааҕынан Иннокентий уонна Евдокия Спиридоновтар дьиэ кэргэн буоллулар.
Дьүүллүүр сүбэҕэ куораттан кэлбит ыалдьыттар М. А. Погодаев, К.В. Роббек, О.Ф. Тимофеева-Терешкина, олохтоохтортон Анна Попова уонна Валериан Попов сыаналаатылар. Ыалдьыттар күрэх тэрээһинин, кыттааччылар талааннарын сөҕөн үрдүктүк сыаналаатылар.
Өбүгэттэн кэлбит ситим быстыбатын, туундараҕа көс ыал буруота унаардын, оҕо чаҕаан күлүүтэ чуопчаардын, кэлэн иһэр Саҥа дьылынан хоһуун кыттааччылары, үтүө ыаллары эҕэрдэлиибит!
Айысханнаах Алдан Сыроватскайдар түһэрбит хаартыскаларын көрөргүтүгэр ыҥырабыт.
"Анаабыр уоттара" хаһыат