Киир

Киир

"Ыаллыылар" сэрийээлгэ дэриэбинэ биир айдааннаах дьахтарын оруолун олус итэҕэтиилээхтик толорбут артыыһы үгүс киһи өйдөөн хаалбыт буолуохтаах. Кини Саха тыйаатырын сыанатыгар оонньуур бэрт сэмэй да оруола көрөөччүгэ хатанааччы. “Барыта артыыс маастарыстыбатыттан” диэн ону этэн эрдэхтэрэ.

СӨ үтүөлээх артыыһа Наталья СТЕПАНОВА уобараһын барытын дьоҥҥо оннук итэҕэтиилээхтик тиэрдэр. Кини өтөр дьон дьүүлүгэр тахсыахтаах "БӨРТӨЛҮӨТ" киинэҕэ уһуллан, Киинэ аан дойдутааҕы бэстибээлигэр "Бастыҥ дьахтар уобараһа" номинацияны ылла.

– Наталья Ивановна, киинэ эйгэтигэр ылбыт улахан кыайыыгынан эҕэр­дэ­лиибин! Эйигин бар дьонуҥ испэктээккэ, киинэ­ҕэ оонньообут оруолларгынан үчүгэйдик билэр буолла­ҕына, тус олоххун билээччи – аҕыйах. Бука диэн би­ли­һиннэриэҥ буолаарай?

– Мин Сунтаар Түбэй Дьаарханыттан төрүттээхпин. Ийэм Мария Семеновна Габышева идэтинэн биэлсэр этэ, аҕам Иван Иннокентьевич Петров – киинэ мэхээнньигэ. Кинилэр иккиэн медучилищены бүтэрээт, дойдуларыгар Сунтаарга тиийэн үлэлээбиттэрэ. Оччолорго биһиги нэһилиэкпитигэр саҥа кулууп тутуллубута. Инньэ гынан, уус-уран самодеятельность күүскэ сайдыбыта, олохтоохтор бэйэлэрэ даҕаны ити чааһыгар олус көхтөөхтөрө. Киһи барыта ыллыыр-туойар, үҥкүүлүүр быһыылааҕа. Наада буоллаҕына, кыра сыаҥкаларга да оонньууллара.

Ийэм Дьокуускайга бастаан кооперативнайга үөрэнэ киирбит уонна ол сылдьан Саха тыйаатырыгар устуудьуйа арыллыбытын истэн тиийбитин: "Техникумҥа иһиттэн үөрэммэт буоллаххына, үөрэҕиҥ харчытын төлөө", – диэбиттэр. Тулаайах кыыс хайдах төлүөй? Ол иһин артыыс буолартан аккаастанан, кооперативнайын эмиэ быраҕан, медучилищеҕа киирбит.

Ийэм ис-иһиттэн көхтөөх, култуураҕа сыһыаннаах буолан, дэриэбинэҕэ ыытыллар кэнсиэркэ барытыгар кыттара.

– Ийэҥ барахсан туолбатах ыра санаатын толорон эн артыыс буоллаҕыҥ.

– Оннук да диэххэ сөп. Эппитим курдук, биһиги дэриэбинэбит дьоно олус көхтөөхтөр этэ. Онон, бука, мин ыллыыр-туойар, сыанкаҕа оонньуур баҕалаах ийэбин батыһа сылдьан култуура тыынын иҥэриннэҕим буолуо. Онно эһэм Иннокентий Ильич Петров эмиэ сабыдыаллаах диэххэ сөп. Кини өйдүүрүм тухары, мэлдьи оһуокай тылын суруйа, туойа сылдьар буолара. Бука, кини талаана, дьоҕура ийэм биһиккигэ бэриллиннэҕэ. Оскуолабын бүтэрэн артыыс үөрэҕэр киирбиппэр, эһэм: "Оо, мин сөбүлүүр дьарыкпын, хата, биир оҕом утумнаабыт...", – диэн үөрэ көрсүбүтүн билигин да өйдүүбүн.

Тойбохойго үлэлии сылдьан испэктээк туруорарбыт. Ол сылдьан суруйааччы Иннокентий Семенов, артыыс Афанасий Петров: "Быйыл Щепкин аатынан училищеҕа устуудьуйа арыйбыттар, баран туттарсыаххын", – диэн сүбэлээбиттэрэ. Мин иһиттим-истибэтим диэт, дьонум сөбүлэҥнэрин ылыахпар диэри утуйар уум көппүтэ. Аартыыс буолар баҕалаах кыысчаан долгуйар Дьокуускай куоракка үөрэх туттарса кэлбитим. Өрөспүүбүлүкэ араас муннугуттан оҕо бөҕө кэлэн, тургутууну ааһа сылдьаллара. Куонкуруһа ынырык этэ. Мин хата эксээмэннэри этэҥҥэ ааһан, баҕалаах үөрэхпэр киирбитим. Саха сириттэн 8 кыыс, 16 уол буолан Сойуус тэбэр сүрэҕэр – Москубаҕа аттаммыппыт.

Дьоруойдарбын оҥоро сатаабаппын

– Тыйаатырга оруолларгытын хайдах тыыралларай? “Ордук барсыа” диэн дуу, ким туруорааччыга чу­гаһынан дуу?

– Туруорааччы “оруолга сөп түбэһиэ” эбэтэр “гостуруолга барар кыахтаах” диэбит киһитин талар. Биир үксүн икки састаабынан хас эмэ сылы быһа өрөспүүбүлүкэни биир гына кэрийэр биригээдэҕэ оруоллары аныыллара. Ол аата, бастакы састааптан ким эмэ ыарыйдаҕына, оонньуур кыаҕа суох буоллаҕына, оруолун иккис састаап артыыһынан солбуйар курдук. Артыыстар айаҥҥа бары кэриэтэ саастарын, доруобуйаларын аахсыбакка бара сатыыллара. Бэл, кырдьаҕастар да аккаастанааччылара суоҕа.

– Арай солбуйар киһиҥ суох буоллаҕына?

– Солбуйар киһиҥ суох буоллаҕына, дьэ, күчүмэҕэйдэр үөскүүллэрэ. Солбудаһыга суох артыыс ыалдьара да табыллыбата. Оннук артыыс ыарыйдаҕына, туруорааччы бэйэтинэн бырааһы кэпсэтэн, киһитин балыыһаҕа киллэрэн үтүөрдэ охсон, айаҥҥа илдьэ барар түгэннэрэ кытта баар буолааччы. Артыыс бэйэтэ да бүтүн кэлэктиип үлэтин “ыһарыттан” сүгүн да сыппата. Оннук бэриниилээх, эппиэтинэстээх буолаллара.

– Ханнык да айар эйгэҕэ буоларыныы, эһиэхэ да оруолга тиксибэккэ сыана кэтэҕэр кынчарыһыы, ордук санаһыы баар буоллаҕа...

– Хата, биһиги кэлэктииппитигэр оннук мөкү көстүү суоҕа. Бары биир уопсайга олорон, биир өлүүгэ сылдьан, тэҥ хамнастаах эрээри туохпутун былдьаһан өстөһүөхпүтүй?! Маҥнай утаа көрүдүөргэ мустан "ол тиийбэт, бу сатаммат, олорор сирбит куһаҕан..." диэн туруорсуу былаастаах "мунньахтаан" күүгүнэһэр этибит. Салайааччыбыт Андрей Саввич: "Эһиги үлэлииргитин эрэ билиҥ. Үчүгэй үлэбитин көрдөрдөхпүтүнэ, сотору барыта баар буолуо. Саҥа улахан тыйаатырданыахпыт, туһунан хостонуохпут, барыгытыгар дьиэ-уот, аат-суол да кэлиэ. Бэрт кыратык тулуйа түһүҥ...", – диирэ. Ол да курдук буолбута. Кэлин тутул тосту уларыйан, олохпут өссө тубуста. Эдэрдэр кэллилэр, өссө да кэлиэхтэрэ турдаҕа. Ким хайдах кыахтааҕынан тыйаатырга, киинэҕэ үлэлиэ, тыйаатыр үлэтэ-хамнаһа өссө тупсуо.

– Наталья Ивановна, оруолларгынан төһө астынар этигиний?

– Төһө даҕаны сүрүн буолбаталлар, биир даҕаны оруолбун сирбэтэҕим. Бэйэбэр сөп түбэһэр оруолларга оонньоон кэллим. Сорох артыыс төһө да сүрүн оруолламмытын иһин, көрөөччү дууһатын таарыйымыан сөп. Оттон мин оруолларым кыра да буоллаллар, киһи сүрэҕин таарыйаллар, дьон өйүгэр хатаналлар.

– Испэктээк ханнык көрү­ҥэр табыллан оонньуугунуй? Саамай өйдөөн хаалбыт, уустук оруолуҥ ханныгый?

– Мин кэмиэдьийэни сөбү­лүүбүн. Оонньуурга судургу. Биирдэ "Ини-бии" испэктээккэ Балбаара монолуогун аахпытым. Уолун туһугар үҥэр-сүктэр, көрдөһөр. Оннук монолуогу күннэтэ ааҕар олус илистиилээҕэ. Ол ийэ уобараһыгар олоччу киириэххэ, ытыахха-соҥуохха наада этэ. Трагедияҕа оонньуур, уопсайынан, олус сылаалаах, ыарахан эбит этэ. Ол кэннэ, хата, оннук уустук оруолларга тиксибэтэҕим.

– Биирдэ эмэ “мин эмиэ ити оруолу кыайыам этэ” диэн санаа киирээччи дуо?

– Атын киһи оруолугар ымсыырбыппын өйдөөбөппүн. Барыта бэйэм курдуктарга түбэһэрим. Бука, "барсар" диэн анаан эрдэхтэрэ буолуо. Ханнык баҕарар артыыс санаата хотор, кыайар оруолугар тардыһар идэлээх.

– Сыанаҕа туран тылгын умнубут, сыыһа хамсанан табыгаһа суох балаһыанньа­ҕа киирбит түгэннээххин дуо?

– "Татыйааска" биир дьикти түгэн буолбуттаах. Атахпын устаары, алҕас этэрбэспин тэбэн кэбиспитим. Онтум миэнэ миэнин курдук, саалаҕа олорор үрүҥ булууһалаах дьоппуон дьахтарын түөһүгэр кэлэн түспүтэ. Хайдах эрэ балаһыанньаттан тахсар кыһалҕа тирээбитэ. Мин уһуну-киэҥи толкуйдуу барбакка, туох да буолбатаҕыныы, ол дьахтарга туһаайан: "Аҕал, аҕал...", – диэн баран, салгыы оонньоон барбытым.

Биирдэ үөрэнэ сылдьан сир астыыр кыыһы оонньоотум. Өлүү болдьохтоох, сыанаҕа турдахпына үрдүбэр эмискэ декорация суулунна. Төһө да соһуйдарбын уолуйбатым, салгыы оонньоотум. Онно учууталларым: "Не растерялась, молодец!" – диэн хайҕаабыттара. Дьупулуоммун туттарарбар балаһыанньаттан тахсар майгыбын: "Сыанаҕа бэйэҥ куукунаҥ иһигэр сылдьар курдук дьиҥнээххин, көрөөччүнү итэҕэтэҕин", – диэн сыаналаабыттара.

– Дьоруойдаргын арыйаргар уобараска бүтүннүү киирэриҥ буолуо?

– Оонньуур дьоруойдарбын оҥоро да, майгынныы да сатаабаппын. Хайдах баарбынан сылдьабын. Төттөрүтүн, ол оруолларбын барыларын бэйэбэр сыһыаран, чугаһатан биэрэбин.

Киинэҕэ хаһан да охсуллубатахпын охсуллубутум...

– Эйигин киинэҕэ эмиэ балачча көрөбүт. Эн санааҕар, сыанаҕа тыыннаах көрөөччү иннигэр оонньуур орук дуу, киинэҕэ уһуллар дуу?

– Мин уһуллубут киинэм да аҕыйах. Аан бастаан "Компот" диэн оҕо киинэтигэр, онтон "Лыах", "Мотуо" диэннэргэ уһуллубутум. Онтон "Ыаллыылар" диэн элбэх сиэрийэлээх киинэҕэ, кэлин ол салгыытыгар бары кэлэктиибинэн кэриэтэ уһуллубуппут. Былырыын "Бөртөлүөт" диэҥҥэ уһулуннум. Сыана уонна киинэ тус-туһунан эйгэ буоллахтара.

– Кистэл буолбатах. “Сыа­наҕа оонньуур артыыстар киинэҕэ саҥаралларын уустугурдаллар” дииллэр. Киинэҕэ көрөөччүнү итэҕэ­тэргэ туспа маастарыстыба ирдэнэр. Эн ону хайдах кыа­йаҕын?

– Киинэҕэ тыйаатыртан кэлбит артыыһы, кырдьык, "наһаа артыыстаама" диэн тохтотооччулар. Биир сыана эрдэттэн суруллубут буолар, онтон туораабаккын. Эйигин элбэх киһи манаан, көрөн аҕай олорор. Артыыс оонньоон эрэ биэриэхтээх. Үчүгэйэ диэн, “хартыына” табыллыбатаҕына, ону хоһуттан усталлар. Оттон тыйаатыр – атын эйгэ. Онно артыыс оруолун бэйэтин көрүүтүнэн уларытар.

– "Бөртөлүөккэ" оонньоон "Бастыҥ дьахтар оруола" аакка тиксибиккин.

– Былырыын "Бөртөлүөт" диэн киинэҕэ уһулун” диэн ыҥырбыттара. Хомойуох иһин, киинэни бэйэтин көрө иликпин. Онон, хайдах оонньообуппун сыаналыыр кыаҕым суох. Онно Уйбаан диэн сүрүн дьоруой ийэтин оонньообутум. Ийэ уобараһын олус үчүгэйдик арыйбытым буолуо дии санаабаппын. Аан дойдутааҕы киинэ бэстибээлигэр "Бастыҥ дьахтар оруола" ааты биэрбиттэрин иһитиннэрдилэр. Соһуччута да сүрдээх. Дьиҥэ, эдэр киһиэхэ Ингаҕа биэриэ этилэр буоллаҕа. Арааһа, кырдьаҕаһырҕатан биэрдилэр быһыылаах. Бу киинэҕэ уһуллуу, билигин санаатахха, бэйэтэ туһунан көрүдьүөстээх. Итиитинэ соччо бэрдэ суох балаһыанньа этэ. Үйэбэр киһиттэн кырбамматахпын, охсуллубатахпын охсуллубутум.

– Тыый, ол хайдах?!

– Дьэ, маннык этэ. Кыыһым (Инга) оҕотун кыбыммытынан оҕонньорун көрдүү бара сатыыр. Мин ийэ киһи кыыспын ыыппат буола сатыыбын. Ону кыыһым сирэйгэ саайан баран, тахсан барар. Бу хартыынабыт туох да иһин табыллыбатаҕа. Омуннаабакка эттэххэ, уончата хатылаатылар. Ол аайы ити үлүгэр доруобай Инга миигин сирэйгэ сырбатан иһэр. Саатар, сыананы кэнниттэн устар буоланнар, миигин сырбатара да соччо көстүбэт. Мин бүтэһигэр охсулларбын тулуйумуна: "Айака, сыҥааҕым тахсаары гынна, бүтүҥ!" – диэн бууннаан туран кэллим уонна ынах ыан кэлбит солуурбун тоҕу тэбэн кэбистим. Ону эҥин барытын уһуллулар быһыылаах. "Стоп, все снято" диэтилэр уонна, ытыстарын таһына-та­һына, үөрдүлэр-көттүлэр. Миэхэ, үйэбэр киһиттэн охсуллубатах киһиэхэ, ол кэмҥэ соччо күлүүтэ, үөрүүтэ суох курдуга.

– Кырдьык да, соччото суох охсуллуу эбит...

Дьахтар дьоло – дьиэ кэргэнигэр

– Кэргэниҥ Ефим Степанов эмиэ биллэр артыыс. Щепкиҥҥэ билсэн холбос­пуккут дуо?

– Дьэкиимниин Щепкиҥҥэ үөрэнэ сылдьан билсибиппит. Ол аата үйэ аҥаара буолбут. Ыал буолбуппут 47 сыл буолла. Дьэкиим тыйаатырга күүстээх уобарастары арыйбытынан биллэр. "Кириискэ", "Алампа", "Улуу Кудаҥса", "Илиир хоруол", "Кэргэн кэпсэтии" уо.д.а. Ону таһынан, устудьуоннары үөрэппитэ быйыл отут сыла буолар. Тыйаатыр иһинэн түмэл үлэлэтэр, үбүлүөйдэр аайы истиэндэ бөҕөнү оҥорор, онтунан тыйаатыр артыыстарын туһунан кинигэ таһаартарда, өссө Опера тыйаатырын антологиятыгар үлэлэстэ. Үлэтэ хара баһаам. Дьиэтигэр хонор хоноһо диэххэ сөп.

– Бииргэ үлэлиир, биир сыанаҕа оонньуур дьон, бука, интэриэскитинэн да, санаа­ҕытынан да эмиэ бииргит, тыл быһаҕаһыттан өйдө­һөргүт буолуо?

– Дьэкиим биһикки бэйэ-бэйэбиттин ситэрсэн биэрэр буоллахпыт. Мин баар буоламмын – кини ситиһиилээхтик үлэлии сылдьар, кини баар буолан – мин олоҕум салҕанар. Олох олоруу барыта биирдии түгэнтэн, өйдөһүүттэн, өйөһүүттэн, тапталтан, убансыыттан, тулуйсууттан сиэттэрэн баран иһэр буоллаҕа. Төһө да иккиэн артыыс буолларбыт, мин элбэх үлэлээх эрбин хааччахтаабакка, доҕор быһыытынан киниэхэ күүс-көмө буолан баччаҕа кэллэхпит. Ийэ буоларым быһыытынан дьиэбин-уоппун бэрийэн, оҕолорбун көрөн-истэн, үөрэхтээн, аны, сиэннэри көрсөр буоллаҕым. Ханнык баҕарар ийэ дьиэ кэргэнин туһугар долгуйар. Ол буолар – мин дьахтар, ийэ, эбэ быһыытынан дьиэтээҕи дьолум.

– Дьиэ кэргэниҥ, оҕоло­руҥ, сиэннэриҥ туһунан бык­тара түс эрэ.

– Икки оҕолоохпут. Уолбут Андрей экэнэмиис идэлээх, түөрт оҕолоох. Кыыспыт Маайа Москубаҕа МГУ-ну бүтэрбитэ. Идэтинэн физик, онно хаалан үлэлии сылдьар. Улахан сиэммит Рома авиационнайы бүтэрэн, Чехияҕа үөрэнэ сылдьар. Кыыс сиэммит Настя Москубаҕа технологическэй институту бүтэрдэ. Анябыт онус кылааска, кыра уолбут бастакы кылааска үөрэнэллэр.

– Аһаҕас сэһэргэһииҥ иһин барҕа махтал.

 Кэпсэттэ Туйаара СИККИЭР.

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар