Киир

Киир

Олунньу 17 күнүгэр, Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан норуоттар доҕордоһууларын дьиэтигэр, Норуоттар икки ардыларынааҕы төрөөбүт тыллар уон сылларын саҕаланыытын чэрчитинэн, «Эвэды турэн» диэн Эбэҥки тылын күнэ буолла.

Тэрийээччилэр: Саха сиригэр эбэҥки норуотун Ассоцияцията, Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан норуоттар доҕордоһууларын дьиэтэ.

Саньытаарынай-эпидемиологическэй хааччахтартан сылтаан, тэрээһин кыттааччылара ZOOM ситиминэн холбоннулар.

Саха сиригэр эбэҥки норуотун Ассоцияцията төрөөбүт тылларын харыстыыр уонна тарҕатар соруктаахтык күүскэ үлэлэһэр. Ол курдук, 2020 сылтан Бэрэсидьиэн гранын пуондата, Арктика сайдыытын уонна СӨ Хотугу норуоттарын дьыалаларыгар министиэристибэтин өйөбүлүнэн, «Эвэды турэткэллу» диэн эбэҥки тылын үөрэтиигэ куурустар ыытыллаллар.

Тэрээһин кэмигэр курсааннар Колесова Светлана Дмитриевна уонна Куличкина Александра Гаврильевна эбэҥки тылынан монологка тылы билиилэригэр таһымнарын көрдөрдүлэр уонна ыытыллыбыт уруоктарга сыанабыл биэрдилэр.

Арассыыйа Федерациятын уонна Уһук Илин төрүт аҕыйах ахсааннаах омуктарын төрүт тылларын уонна литератураларыгар преподавателлэрин Ассоцияцияларын бэрэссэдээтэлэ, Төрүт тыллар федеральнай институттарын Дьокуускайдааҕы филиалын үөрэх литературатын уонна цифровой үөрэтэр ресурстар салааларын сэбиэдиссэйэ Леханова Фаина Матвеевна уонна «Кэскил» өрөспүүблүкэтээҕи оҕо издательствотын дириэктэрин солбуйааччы, пед. наука хандьыдаата Коврова Сардана Егоровна «Би эвэдыт турэчиӊнэм» (Мин эбэҥкилии саҥарабын) диэн оҕоҕо аналлаах эбэҥкилии-нууччалыы тылдьыты сүрэхтээтилэр.

«Эвэдыт турэнчинӊат» куурус салайааччыта, эбэҥки тылын учуутала Петрова Констанция Константиновна билиини-көрүүнү эрчийэр викторинаны ыытта.

Оттон AYANA приложение ааптара Николай Апросимов нууччалыы-эбэҥкилии тылбаасчыт туох саҥа туһалааҕын, кыахтааҕын сүрэхтээтэ.

М.К. Аммосов аатынан ХИФУ норуоттар тылларын институттарын эбэҥки тылыгар үрдүкү сололоох преподавателэ Николаева Надежда Прокопьевна тиэстээх дьыктааны анаалыстаата. Маннык аахсыйа иккис сылын ыытыллар, маныаха дистанционнай фуормалаах буолан, Сибиир уонна Уһук Илин эбэҥкилэрэ эмиэ кыттыыны ыллылар.

Ордук кэтэһилээх түгэнинэн «Аятку улгучэлэн» диэн кэтэхтэн ааҕааччылар күрэхтэрин түмүгүн истии буолла. Бу манна Саха Өрөспүүбүлүкэтин 5 оройуонуттан 54 уонна Сибиир уонна Уһук Илин эрэгийиэннэриттэн икки сайаапка киирбит.

Кыттааччылары үөһэ ахтыллан ааспыт Петрова Констанция Константиновна, Леханова Фаина Матвеевна уонна филология наукатын хандьыдаата, ИГИ ПМНС СО РАН сотруднига Ушницкая Наталья Юрьевна сыаналаатылар.

92be6a79 2b3e 4370 9bb1 69d3ca161644

eae76d37 9461 4f85 83db 54f97cbc4ea2

Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан норуоттар доҕордоһууларын дьиэтин пресс-сулууспатын матырыйаалыттан

Сэҥээриилэр

Everette
0 Everette 02.01.2023 16:35
Yazlık Ucuz Elbise Modelleri 2022. Her sezonda ve günün her anında tek parça oluşuyla kurtarıcı
görevi gören elbiseler, kadınların havasını baştan aşağı değiştiren giysilerin başında geliyor.

Farklı tarzları ile her kadının beğenisini kazanmayı başaran elbise modelleri, geniş kullanım alanları sayesinde.


Feel free to surf to my web blog; çingene trakyalı: https://image.molossidelmatese.it/sl/aoorkpbcwxr
Ответить
Lakeisha
0 Lakeisha 23.02.2023 17:31
Saved as a favorite, I like your site!

Visit my page :: Discover the Ultimate GPT Cash Machine: https://aiinsides.blogspot.com/2023/02/gpt-cash-machine-turn-your-words-into.html
Ответить
Emil
0 Emil 25.03.2023 14:54
Online pharmacy for diabetes medication Januvia
for diabetes, where can I buy on the dark web?
Safe and affordable online generic pharmacy Buy insulin without prescription online

Feel free to visit my blog post: No prescription? No
problem. Get your diabetes medication online: http://www.geoyang.kr/bbs/board.php?bo_table=free&wr_id=40027
Ответить
Angelika
0 Angelika 05.09.2023 14:08
Currently it sounds like Wordpress is the preferred blogging platform available right now.
(from what I've read) Is that what you're using on your
blog?

Feel free to visit my blog: ethambutol 600 mg ohne Rezept in Europa: http://shop4.samplekorea.com/bbs/board.php?bo_table=kbbq2&wr_id=1957
Ответить

Санааҕын суруй