Киир

Киир

 Хайа баҕарар омукка “Ийэ” диэн тыл кэрэттэн кэрэни, күндүттэн күндүнү бэлиэтиир. Ийэ диэн хас биирдии киһини олох суолугар сиэтэн киллэрэр, хайа да түгэҥҥэ өйүүр, өйдүүр, сүбэ-ама буолар, харыстыыр, араҥаччылыыр күҥҥэ тэҥнээх ытык киһи.  

Олунньу 26 күнүгэр СӨ Үүнэр көлүөнэтин судаарыстыбаннай  тыйаатыра Уус Алдан улууhун Мүрү нэһилиэгин В.В. Никифоров-Күлүмнүүр аатынан “Тойон Мүрү” култуура дыбарыаһыгар Саха сиригэр биллэриллибит Ийэ сылын "Ытык Ийэ" испэктээкилинэн  арыйда.  

WhatsApp Image 2022 02 27 at 10.08.52

Тыйаатыр кэлэктиибэ бу өрөгөйдөөх тэрээһиҥҥэ кэлбит Мүрү олохтоохторун, саҥа тутуллан үлэҕэ киирбит култуура дыбарыаһын үлэhиттэригэр барҕа махталын тиэрдэр.

WhatsApp Image 2022 02 27 at 10.10.22