Киир

Киир

Сунтаар ытык сиригэр С.А. Зверев-Кыыл Уола анабыл күнүгэр саха дьонун төрүт култуурата, уус-уран айымньыта билиҥҥи дьалхааннаах олоххо харыстанан хааларыгар, үйэтитиллэригэр биир сэргэх хамсааһына буолан ааста. Сунтаар улууһун култууратын уонна айылгытын салалтата “Тоҕус оһуордаах түһүлгэ” диэн ааттаан норуот уус-уран айымньытын түһүлгэтин тэрийэн ыыттылар. Бу тэрээһин туһунан сиһилии улуустааҕы култууратын управлениетын начаалынньыга Мария КОБЕЛЬЯНОВА-ТУСКУЛААНАНЫ кытта кэпсэтэбит.

– Мария Васильевна, тэрээһиҥҥитин, тоҕо ала чуо, “Тоҕус оһуордаах түһүлгэ” диэтигит? Бу “тоҕуска” туох эрэ кистэлэҥ баар дуу?

– С.А.Зверев-Кыыл Уола айылҕаттан ураты уонна дэгиттэр талааннааҕынан биллэр. Кыыл Уолун уһуйааччыта Ырдьаҥ Дьаакып киниэхэ этэн турар: “Былыргы сахалар этиилэринэн ыйаахтаах төрүт ырыаһыт саха бары көрүҥүн барытын ситэриэх тустаах. Сахаҕа: тоҕус араас олоҥхо, тоҕус араас үҥкүү, тоҕус эгэлгэлээх тойук, тоҕус чабырҕах араас күрэҕэ, тоҕус араас алгыс, тоҕус араас саха сэһэнэ баар буолуохтаах, тоҕус төрүттээх 52 эгэлгэлээх ойуун кыырыыта баар буолуохтаах. Чэ, сити курдук бара турар. Балары толору билбит киһи сэттээх-сэлэлээх тойуктаах аатырыахтаах. Аҥаардас ырыаһыт эбэтэр олоҥхоһут эрэ буоллаҕына, тоҕус сиртэн туттарыылаах улуу ырыаһыт буолуо суох тустаах. Онон уолбун, эйигин, уһуйан көрүөм, бэйэм ыччата суох киһибин, ыччаппын тоҕо туойан кээспит киһибин. Ити саха тоҕус дуомнаах идэлэрин 81 төгүлүн кыайан бүтэрбэккэбин, сэттээх ырыаһыппын. Эн итини барытын бүтэрэргэ дьулуһар буол, ону бүтэрдэххинэ дьоллоох олоххо олоруоҥ. Үҥ­күү­һүттэри, тойуктаахтары, ойууттары кичэйэн баты­һа сылдьан истэр буол!..” – диэбит этиитэ барытын кэпсиир. Манна даҕатан кэпсээтэххэ, өрөспүүбүлүкэ та­һым­наах тэрээһиҥҥэ бэлэмнэнэн С.А.Зверев-Кыыл Уола холбоһуктаах түмэлин үлэһиттэрин кытта Вячеслав Борисов, Радомир Сергеев буоламмыт, Сунтаар эр дьонун тоҕус мэҥэ хамсаныыны оһуорга түһэрбиттэрин ыһыах ытык түһүлгэтигэр, аар баҕах сэргэ аттыгар тоҕус мэҥэ хамсаныыны хамсаттара-хамсаттара хаарга ойуулаттарбыппыт. Маныаха устубут видеобытын кэлин таҥа олорор кэммитигэр дьээбэҕэ дьон ахсаанын ааҕан көрбүтүм: тоҕус төгүл тоҕус 81 эр киһи түмсэн тоҕус оһуору тиспит эбит. Бу ураты көстүү уонна дириҥ суолталаах бэлиэ буолла. Тэттик видеоны Сибиэрэп аатынан түһүлгэҕэ муус устар 9 кү­нүгэр сүрэхтээбиппит. Манна улуус дьаһалтатын, тэрилтэлэрин, үөрэҕирии эйгэтин эр дьоно кыттыыны ылбыттара олус үөрүүлээх. Кинилэргэ улахан махтал буолуохтун.

Кыыл уола

– Тэрээһиҥҥитигэр элбэх улуус кыттыбыт эбит.

– Өр хоруона хамсыгар хаайтара сылдьыбыт дьон уһуктан, бу тэрээһини ситэрэн-хоторон барбыппыт. Сунтаарга саха фольклорун өрө тутар ыччаттарбыт Айсен Федоров, Туйаара Алексеева, Александра Яковлева ыллаан-туойан, чабырҕахтаан тэрээһин туһунан кэпсээбиттэрин тэттик видео оҥоро охсон иһитиннэрэр-көрдөрөр ньымаларынан тарҕата охсон, саха араадьыйатыгар, хаһыаттарга таһаарбыппыт, тэрээһин чугаһыгар “Саҥа күн” биэриигэ ыалдьыттаан кэрэ кэпсээн оҥостубуппут. Ону кытта сэргэ култуура салалтатын үлэһиттэрэ улуустары кытары төлөппүөнүнэн сибээстэһэн, куйаар ситиминэн илдьиттэри ыыппыппыт. Инньэ гынан, бу үөрүүлээх түһүлгэҕэ 13 улуустан Ньурбаттан, Үөһээ Бүлүүттэн, Бүлүүттэн, Дьокуускайтан, Хаҥаластан, Мэҥэ Хаҥаластан, Намтан, Тааттаттан, Мииринэйтэн, Горнайтан, Уус Алдантан тиийэ кэлбиттэрэ. Маны сэргэ Орто Халыматтан 76.000 солк. төлөөн кэлбит Евдокия Даниловна Ефимова-Элиэ диэн ыалдьыттаах этибит.

– Эһиги эмиэ ботуччу со­ҕус суумалаах анал би­риистэри туруорбуккут эбит. Туймаада уонна Олоҥхо ыһыахтарыгар оһуо­кай­дьыттарга, олоҥхо­һут­тарга кэлин массыынаҕа тиийэ манньалыыр буолаллара.

– Холобур, Туймаада ыһыаҕар Дыгын оонньуута буоллун, успуорт ааттаах-суоллаах тэрээһинэ буоллун, бастыҥнары мэлдьи ботуччу бирииһинэн наҕа­раа­далыыллар. Оттон саха фольклора, норуот уус-уран айымньыта эмиэ бу курдук улахан бириистээх буоллаҕына, олоҥхоһуттарбыт, оһуокай­дьыттарбыт, тойуксуттарбыт, иистэнньэҥнэрбит төһө эрэ үөрэ-көтө кыттыа этилэрий? Кытталлар бөҕө буоллаҕа дии... ол сыалтан Сибиэрэп киинин салайааччыта Алексей Седалищевтыын бас-көс киһибитигэр, тумус туттар киһибит Матвей Евсеевкэ маннык этиилээх киирбиппитин: “Бириис пуондатыгар 700.000 солкуобай туруорабын”, – диэн тутатына өйөөбүтэ. Кини Кыыл Уолун аатын үйэтитиигэ ааттаах үлэни ыытар. Ол курдук, 2020 сыллаахха Сибиэрэп 120 сылыгар төрөөбүт улууһугар 350 миэстэлээх добун култуура киинин бэлэх ууммута.

Призы

– Дьэ, чахчы, Матвей Евсеев биир дойдулааҕын, аҕа убайын аатын үйэтитэн улууһугар култуура дыба­рыаһын туттарбыта олус хай­ҕаллаах. Тэрээһин туһу­нан сырдата түс эрэ.

– Муус устар 8-9 күннэ­ригэр алта тэрилтэнэн тоҕус түһүлгэнэн: олоҥхо, уус-уран ааҕыы, норуот ырыата, саха үнүстүрүмүөнэ, тойук, саха таҥаһа, айар талааннаахтар быыстапкалара, саха төрүт үҥкүүтэ, оһуокай күрэстэрэ тэрилиннилэр. Дьоро күн арыллыытыгар тоҕус мэҥэ хамсаныыны бар дьон сүһүөхтэригэр туран толорбуттара. Улуус баһылыга Анатолий Григорьев нэһилиэк кинээстэрин кытта кэккэлэһэ үрдүк сыанаҕа тахсан хомустаабыттара кэрэ көстүү буолбута. Хас биирдии түһүлгэҕэ Кыыл Уолун ырыата-тойуга дуорайан олохтоох дьоҥҥо, ыалдьыттарга ыһыаҕы санатта. Горнайтан кэлэ сылдьар ыалдьыппыт: “Сунтаар баһылыктара тутуспутунан саха төрүт култууратын илдьэ сылдьаллара улаханнык долгутта, бэл диэтэр, хараҕым уутун түһэрдим”, – диэн санаатын үллэстибитэ. Өссө биир ураты кэрэ түгэн быйыл 65 сылын бэлиэтиир Сибиэрэп ансаамбылын тоҕус кыттыылаахтара кэлэн алгыс маанытын, ыра санаа бастыҥын анаабыттара буолар.

– Тоҕус түһүлгэ тухары тэрээһиҥҥэ өрөспүүбүлү­кэттэн үгүс киһи, оҕо, бөлөх кытыннаҕа буолуо?

– Тэрээһиҥҥэ уопсайа 628 киһи кыттыбыта. Саамай кыра кыттааччылар биэс саастаахтар, онтон саамай аҕа саастаах кыттааччыбыт оһуокай түһүлгэтин киэргэппит Наахараттан 91 саастаах Маарыйа Чокурова. Түһүлгэҕэ анаан-минээн эрдэттэн улууспут ааттаах-чыыннаах дьонун дьүүллэттибит, аны киһи сөҕөрө диэн, сунтаардар бары эйгэҕэ оннук дьоннордоох эбиппит. Ол курдук, Дьокуускайтан элбэх киһи дьүүллүүр сүбэҕэ үлэлээтилэр.

"Тойон ымыйа тула мус­тан" тойук түһүлгэтэ Тойуктаах Маарыйа тойугунан арылынна. Тойук түһүлгэтигэр барыта 45 кыттааччы ол иһи­гэр 4 кэлэктиип кыттыыны ыл­быта. "Оллоонноон олорон олоҥ­холуох" олоҥхо күрэ­һигэр 27 толорооччу, ол иһигэр 13 оҕо, 3 бөлөх кыттыыны ыллылар. "Оһуокай – саха алгыстаах үҥкүүтэ" оһуокай күрэһигэр 65 этээччи оһуокайдьыт тү­һүл­гэ­лээн эттилэр. "Саха ыллыыр ырыата" норуот ырыатын күрэһигэр уопсайа 46 сайаапка киирбитэ. "Норуот тыыннаах тыла" үгэ, ча­быр­ҕах, уус-уран ааҕыы, "Төрүт дорҕоон" саха мусукаалынай үстүрүмүөннэригэр оон­ньоо­һун, "Саха үҥкүүтүн сар­сыҥҥыта" бөлөҕүнэн үҥкүү, "Тайҕа талааннааҕа" быыстапка, "Сахалыы таҥ­ныах, кэрэтик симэниэх" саха таҥаһын күрэстэрэ ыытыллыбыттара.

– Бука, түһүлгэлэринэн күрэстэргэ өрөспүүбүлү­кэттэн ааттаах-суоллаах, талааннаах дьон кыттыбыттара сэрэйиллэр. Тэрийээччи кылаан кыайыылааҕы бэркэ быһаарбыт.

– Дьэ, ол кэннэ долгутуулаах чыпчаал түгэн үүммүтэ. Ол үтүө түгэни бэйэбинэн түстүүр чиэскэ тиксэн олус долгуйбутум. Маныаха тэрийээччи, үбүлээччи Матвей Евсеев Москубаттан куйаар ситиминэн бу курдук илдьит ыыппыта: “Дьэ, эрэ доҕоттор, “Тоҕус оһуордаах түһүлгэ” чыпчаал түгэнэ үүннэ. Маныаха сүрүннүүр тэрийээччи кылаан кыайыылааҕы быһаарарга туспа ирдэбиллээхпин. Ол курдук, бу үрдүк сыанаҕа турааччылар бары кыайыылааххыт... онно мөккүөр суох. Хас биирдии түһүлгэҕэ Сунтаарбыт, Сахабыт сирин ааттаах дьоно дьүүллээн бастыҥы быһаардылар. Аны кылааны маннык быһаарыахха. Мин бирииһим улахан дьоҥ­ҥо ананар. Эн, тойугу дуора­һытар күндү киһим, эн саха таҥаһын кэрэтик да тикпит далбар хотун, эн мааны олоҥхоһутум, тоҕус оһуордаах түһүлгэ бастыҥнара тэрийээч­чилэр бэлэмнээбит холбукаларыттан “Кылаан кыайыылаах” диэн суругу хостоон та­һаар­быт – ол Кылаан аатын сүгүөҕэ. Дьэ, ити курдук ытык киһибит Сибиэрэп Үөһэт­тэн биһирэбили кимиэхэ аныырын бэйэтэ быһаа­рыаҕа. Ситиһиини!” – диэтин кытта улуус баһылыга Анатолий Григорьев кистэлэҥ бирииһин 100 тыһ. солк. “ыччат дьоҥҥо аныыбын” диэн үөртэ. Бу – балаһыанньаҕа суоҕа! Онон, икки кылаан кыайыылаах быһаарыллар буолла. Дьэ, онон тоҕус түһүлгэ бастыҥнара бары кыайыылаах буолан туран, эргийэр холбука тахсыбытыгар хас биирдии киһи туос ойуулаах сымыытын талан арыйа баттаабыттарыгар кыайыылаахтар иккиэн сунтаардар уонна иккиэн үҥкүү ансаамбыллара буолан соһуттулар. Ол курдук, Матвей Евсеев туруорбут 300 тыһ.солк. – “Саһарҕа” холбоһуктаах ансаамбыл (үөрэҕирии, ЖКС, биэнсийэ, оҕо дьоҕурун сайыннарар киин үлэһиттэрэ), онтон улуус аҕа баһылыгын сүүс тыһыынчалаах бирииһин – Кутанаттан “Күн сардаҥата” оҕо ырыа-үҥкүү ансаамбыла Үөһэттэн ананан, кылаан кыайыылаах буолан тэрээһин сүрүн бирииһин туттулар. Ону таһынан Кураһаай Мэхээлэ-Дархан этээччи үрдүк ааты ылан 100 тыһ.солк. бириистэммитэ үөрүүлээх түгэн буолла. Аны туран, бу үтүө түгэн ханнык да ханаалынан быһа эпииргэ тахсыбатаҕа сөхтөрдө. Күн бэҕэһээҥҥэ диэри тахса олорбут буоллахпытына, манна оҕонньорбут “илэ көрбүт көрүөҕэ” диэтэҕэ дэстибит.

– Кылаан кыайыылааҕы биллэрэргитигэр Сунтаар үрдүнэн дьүкээбил кү­лүм­нээн ааспыта оҕонньор тэрээһиҥҥэ илэ бэйэтинэн кыттыбытын туоһута буоллаҕа дуу?!

– Сибиэрэппит киинин үрдүнэн дьүкээбил сатыылаабыта бэйэтэ туспа алыптаах түгэн... Арай тэрээһиммит бүппүтүн кэннэ төлөпүөммүн арыйа баттаабытым: Лена Амонова Сибиэрэп киини үрдүнэн дьүкээбил күлүмнүүр хаартыскатын ыытан соһутта. Дьэ, айылҕа дьикти көстүүтэ! Оруобуна кылаан кыайыылаах биллэриллэр кэмигэр тахсан хаартыскалаатым диэн кэпсээбитэ. Оҕонньорбут кэлэн барда диэн өссө төгүл итэҕэйдибит. Кырдьыга даҕаны, кыайыылааҕынан үҥкүүһүттэри талбыта эмиэ туспа анабыл. Билэҕит – быйыл тэрийбит ансаамбыла 65 сыла. Аны кини ыччаты үҥкүүлэтэн Улуу Москубаҕа тиийэн Саха сирин аар-саарга аатыртаҕа дии... дьэ, дьикти! Итэҕэйиҥ, итэҕэйимэҥ биһиги, сунтаардар, ону сү­рэх­питинэн иэйдибит.

Түгэнинэн туһанан туох баар тэрээһиҥҥэ, үлэҕэ бииргэ сылдьыспыт тэрилтэлэрбэр барҕа махталбын тиэрдэбин. Дьэ, бу курдук сунтаардар бастакы “Тоҕус оһуордаах түһүлгэбитин” тэрийдибит, олуһун астынныбыт. Мантан инньэ бу түһүлгэ төһө сатанарынан сыл аайы тэриллэн, саха норуот уус-уран айымньытын сайыннара туруоҕа, элбэх чинчийии барыаҕа, итэҕэс-быһаҕас көнүөҕэ, манна этиллибит санаалар олоххо киириэхтэрэ диэн бигэ эрэллээхпит. Тоҕус оһуордаах түһүлгэ саха тоҕуһун тупсара турдун!

– Дьэ, кырдык, оҕонньор бэйэтин биллэрэн ааспыта дьикти эбит. Дьүкээбил көстүүтэ бэйэтэ туһунан ураты көстүү буолбут. Сэргэх кэпсээниҥ иһин махтал.

Тэрээьин уопсай хаартыска

Кэпсэттэ
Туйаара СИККИЭР.