Киир

Киир

Ыам ыйын 14 күнүгэр, «Арчы Дьиэтэ” духуобунай култуура киинигэр, Бүтүн Аан дойдутааҕы дьиэ кэргэн, таптал, бэриниилээх буолуу күнүн көрсө, талааннах ​ худуоһунньук, СӨ култууратын туйгуна Ньургуяна Никифорова-Ойууна «Харысхал» ​ живопиһынан хартыынаны уруһуйдуурга ааптарыскай бырайыага, бэрт интэриэһинэй маастар-кылааһа ыытылынна. Уруһуй кэрэ эйгэтин сэҥээрээччилэр, дьарыктанааччылар, уруһуйдьуттар кэрэни кэрэхсээн, тоҕуоруһа муһуннулар.

Ааптар бастаан маастар-кылааһы ыытыан иннинэ «Күн» ойуулаах харысхал​ хаартыынатын ис хоһоонун итэҕэтиилээхтик тиэртэ. Уруһуйун ​ саха норуотун итэҕэлинэн, ​ Үрүҥ күҥҥэ итэҕэйиини, үрүҥ күнү өрө тутууну итэҕэтиилээхтик уруһуйдаабытын хас биирдии киһиэхэ тиэрдэн, кэрэҕэ уһуйан, угуйан, судургутук ​ кэпсээн, күннээҕи харысхалы оҥорон таһаарыыны көрдөрдө.

«Бу маастар-кылаас бэйэни сааһылыырга олус диэн табыгастаах, сөп түбэһэр эбит. ​ Живопиһынан уруһуйдуу үөрэнии, быһаччы эттэххэ, анал уруһуй нөҥүө билиини-көрүүнү салайыыга, сайыннарыыга, саҥаны тобулууга уонна тула эйгэни​ атыннык ылыныыга уһуйда. ​ Бу уруһуйдуур ньыманан туһанан, уоскуйан, ыра​ санаабытын этэн туран, харысхал оностон уруһуйдаатыбыт», - диэн маастар-кылаас кыттыылаахтара баҕа санааларын үллэһиннилэр, уруһуй араас кистэлэҥнэрин биллилэр, кэрэ эйгэҕэ сыстан дуоһуйа сынньаннылар.

​ Любовь Константинова, "Арчы" Дьиэтэ духуобунай култуура киинин уус уран салайааччыта

WhatsApp Image 2022 05 15 at 19.35.38WhatsApp Image 2022 05 15 at 19.35.39WhatsApp Image 2022 05 15 at 19.35.39 2WhatsApp Image 2022 05 15 at 19.35.40 1WhatsApp Image 2022 05 15 at 19.35.41WhatsApp Image 2022 05 15 at 19.35.41 1WhatsApp Image 2022 05 15 at 19.35.42WhatsApp Image 2022 05 15 at 19.35.42 1WhatsApp Image 2022 05 15 at 19.35.42 2WhatsApp Image 2022 05 15 at 19.35.43WhatsApp Image 2022 05 15 at 19.35.39 1